Космостан Аан дойду бастакы космонабын позывнойун хаппыта

Эмиэ “Өркөн  өйгө” сыҕаллыахха. Бу биэрии, ыытааччыта Георгий  Белоусов этэринии, наһаа туһалаах: билбэтэххин билэҕин, истибэтэххин истэҕин, көрөн олорооччу бэйэтин билиитин тургутар. Аҕалыы уол, уустук ыйытыктары этэҥҥэ туораан, кыһыл көмүс мэтээл бэһис ыйытыытыгар тиийэн кэллилэр. Ыйытык “Аан дойду бастакы космонабын, Сэбиэсккэй Сойуус летчига Ю.А.Гагарин космостан ыытар позывнойун бастаан ханнык сиргэ хаппыттарай?” диэн. Түөрт вариант иһигэр Саха сирэ баар. Билбэттэр эбит. Ол эрэн уола толкуйдаан, аҕатыгар хаста да эттэ: “Саха сирэ киэҥ, онон позывнойу тутар кыаҕа улахан” диэн. Ол эрээри аҕабыт “Куурусса чоппуускатыттан үөрэнэр” диэн муударай этиинэн салайтарбакка, “Айаҕар  уоһаҕа куура илик остуол аннынан сылдьыбыт бэҕэһээҥи бэтэнээски” диэн бардам этиинэн салайтарда. “Аан дойду масштабтаах сонун биллиэх этэ” диэннээх. Хомойуох уонна кыһыйыах быабар, сыыһа хоруйдаан, тутан турбут финалларын мүччү туттулар. Уола хомойон бөҕө. Буолумуна. Ону баара иһитиннэрэр–биллэрэр средстволар космонавтика күнүгэр сөп түбэһиннэрэн кэпсииллэр, быыстапка тэрийэллэр, Ньурбатааҕы К.Д.Уткин аатынан “Доҕордоһуу” түмэлэ былырыын халандаар оҥорбута, ватсап туолар. Манна, Ньурбаҕа үөрэммит 1 № — дээх оскуолатыгар, бастакы космонавт позывнойун туппут радиска аналлаах стендэ оҥоһуллан, докумуоннарын копията, алтыспыт дьонун ахтыылара дьон көрүүтүгэр хараллан сыталлар. Бииргэ төрөөбүт эдьиийэ Елена Григорьевна оҥотторбут бүүһэ турар.

«Хатылааһын – билиини биэрии ийэтэ» диэн баран, бэйэм тугу билбиппин тиэрдиэхпин баҕарабын.

 

Тимофеев Александр Григорьевич 1933 сыллаахха, сэбиэскэй норуот олус ытыктыыр күнүгэр – сэтинньи сэттистиир күнүгэр биэс оҕолоох Маарыйа уонна Киргиэлэй Тимофеевтарга күүтүүлээх бастакы уолунан, үһүс оҕонон Саха АССР Мегежекскай оройуонун Малдьаҕар нэһилиэгэр төрөөбүтэ. Кылгас, чаҕылхай олоҕун үс кэрчиккэ араарабын. Бастакыта – сэрии иннинээҕи кэм. Дьоллоох оҕо сааһа Ньурбаттан 250 биэрэстэ ыраах, Марха эбэ үрдүгэр турар Эҥээрдэк Хонуу Көлүйэ хонуутугар күөлэһийэн, көҥүл тыынан ааспыта. Ол саҕанааҕы чөл туруктаах алаастан эт, үрүҥ илгэ сомсор, эбэттэн көмүс хатырыктааҕынан күндүлэнэр, тыа булдунан харыыта суох хадаҕаланар оҕо буолан доруобай, төрөлкөй этэ. Иккис кэрчик – сэрии ыар тыыннаах кэмэ. Аҕата бэрт сытыы, турбут-олорбут  киһи буолан, “Үүнүү күүһэ” холкуоска бэрэссэдээтэллээн, сэрии ыар сылларын элбэх сүөһүнү көрөн, бурдук үүннэрэн, кэҥкэнэ хара тыаларыгар бултаан-алтаан, этэҥҥэ аһарбыттара. Оччотооҕу оҕолор курдук, борбуйун көтөҕөөт, холкуос үлэтигэр, күүстэрэ тиийэринэн, көмөлөһөллөрө. Аҕатын курдук тэрийэр-салайар дьоҕурдаах, булугас өйдөөх буолан оҕолор биригээдэлэрин салайара. Төһө да сэрии буола турдар, Эҥээрдэккэ икки кылааһы, онтон Улахан Күөлгэ түөрт кылааһы ситиһиилээхтик бүтэрбитэ. Эҥээрдэк, билиҥҥи алмаастаах Накыын, Улахан Күөл бэйэ – бэйэлэриттэн син чугастара. Үһүс кэрчик – сэрии кэннинээҕи кэм, дойдуну оһоруу, кыаммат – түгэммэт эрээри дьоллоох кэм, күүрүүлээх үлэ.

Александр Маалыкай сэттэ кылаастаах оскуолатын бүтэрээт, 1949 сыллаахха билиигэ – көрүүгэ тардыһыылаах буолан, Ньурба оскуолатыгар, Ньурба оройуонун киинигэр үөрэҕин салҕыы киирэр. Ол кэмҥэ, Александр үрдүк үөрэхтэниэн быатыгар, оскуолаҕа фронтовик, инникини өтө көрөн үлэлиир А.Н. Чусовской дириэктэрдиирэ. 50–с сылларга Амакинскай экспедиция Иркутскайтан кэлэн олоҕуран эрэрэ. Оскуола дириэктэрэ бу тэрилтэни кытары сөбүлэһии оҥорсон, оскуола үрдүкү кылааһын үөрэнээччилэрин сайын тарҕаталаан кэбиспэккэ, хамнаска үлэлэтэлээн, хамнастарын үүннэрэн, соҕуруу баран үөрэнэллэригэр кыах, көмө оҥорбута.

1952 сыллаахха орто оскуоланы “5”, “4” сыанаҕа бүтэрэн, Адександр профессор М.А. Бонч – Бруевич аатынан Ленинградтааҕы  (Санкт — Петербург) сибээс электротехничскэй институтун устудьуона буолар. 1958 сыллаахха Сахатын сиригэр радиосибээс уонна радиобиэрии идэлээх кэлэн, Дьокуускайга Радиоцентрга олус таһаарыылаах үлэтин инженер дуоһунаһыттан саҕалыыр. Хара үлэлиэҕиттэн хайҕанар аакка барар. Сылын аайы үчүгэй көрдөрүүлээх үлэтин иһин харчынан бириэмийэлэнэр. Рационализатордар Сойуустарын көхтөөх чилиэнэ, үлэҕэ итэҕэһи кытары эйэлэспэт коммунист, спорка, олоххо бастыҥ общественник. Талан ылбыт идэтигэр бэриниилээх, киэҥ билиилээх – көрүүлээх буолан, сылын аайы саҥаттан саҥаны толкуйдаан, олоххо киллэрэн иһэр. Үлэлээбитэ үһүс сылыгар радиотехническай хонтуруол сыаҕын начальнигынан анаабыттара.

Аатырбыт 1961 сыл, космонавтика күнүнэн ааттаммыт муус устар 12 күнэ. Александр Григорьевич Ю.А.Гагарин 106 мүнүүтэлээх, сири биирдэ эргийбит көтүүтүгэр “Кедр” позывнойун Аан дойдуга бастакынан хаппыта, тута Москваҕа космос киинигэр биллэрэн испитэ. Бу сыл таһаарыылаах үлэтин киниискэтигэр эбии суруллубута: “За успешное обслуживание первого в мире полета советского человека в космическое пространство на корабле – спутнике “Восток” объявлена благодарность и выдана денежная премия.” 1965 сыллаахха “ССРС бочуоттаах радиһа” буолбута. Санаан көрүҥ: ССРС! Билигин Арассыыйаҕа 89 субъект баар. Онтон оччолорго Арассыыйа курдук, ССРСка 15 республика баара эбээт! Арассыыйа, Белоруссия, Украина, Литва, Латвия, Эстония, Молдавия, Казахстан, Туркмения, Таджикистан, Киргизия, Азербайджан, Узбекистан, Грузия, Армения.

Үлэлии кэлэн баран, сибээс үөрэхтээх, Өлүөхүмэттэн төрүттээх Мария Дмитриевна Заболоцкаялыын  дьылҕаларын холбоон, үс эмдэй – сэмдэй оҕолоноллор: Варвара, Григорий, Дмитрий. Олус хомойуох иһин, үөрэнэ сылдьан биир сыыһа туттунууттан доруобуйата айгыраан, баара – суоҕа 33 сааһыгар Орто дойдуттан баран, эдэркээн Марията оҕолорун бэйэтэ атахтарыгар туруорар. Төһө да аҕаларын батан радист буолбаталлар, үһүөн быраастар. Кыыс Арассыыйа, улахан уол СӨ норуотун доруобуйатын харыстабылын туйгуннара.

Александр Григорьевиһынан Хатыыга, Маалыкайга, Малдьаҕарга олорор хаан – уруу аймахтара, Ньурба дьоно, ону ааһан бүттүүн Саха сирин дьонноро киэн туттабыт, туттуохтаахпыт.

Аҕам тэҥэ, өссө олус эрдэ бараахтаабыт киһини, дьон көмөлөспөтөҕө буоллар, мин да хантан ымпыгын — чымаыгын билиэм этэй. Махталбын тиэрдэбин кийиитигэр Елена Никоновна Ивановаҕа Ньурба оскуолатыгар харалла сытар ахтыылары биэрбитин иһин, хаан — уруу сиэн балтытыгар Мария Петровна Евсееваҕа “Улахан Бүөтүр” бэйэтин ааптарыскай кинигэтин туһаннарбытын иһин.

 

Мирослава Иванова,

Мэҥэдьэк