Ньурба култуурата хаһан да олох бары эйгэтиттэн туора турбат, олохтоохторго билиитин сатабылын, үөрүйэхтэрин үллэстэ сылдьар үтүө үгэстээх. Ол сиэринэн, бүгүн Маалыкай куустатын дьонугар култуура десана араас хайысхалаах үлэтин саҕалаата.
Ньурбатааҕы К.Д. Уткин аатынан «Норуоттар доҕордоһуулара» түмэлин билим-чинчийэр салаа салайааччыта Борис Борисов Марха (Ньурба) улууһа төрүттэммитэ 200 сылыгар аналлаах лекцияны аахта. Маны таһынан, аҕам саастаахтарга сахалыы клавиатураны холбоон биэрии, сандал сааспыт чугаһаабытынан үүнээйини олордуу, графическай уруһуй нөҥүө араас биллэриилэри, былакааттары оҥоруу, быысабай курдук кэрэхсэбиллээх тиэмэлэргэ маастар-кылаастар ыытылыннылар. Маастар-кылаастары култуура департаменын, оройуоннааҕы кииннэммит библиотека ситимин үлэһиттэрэ, култуура бэтэрээнэ Лариса Катеринчук ыыттылар.
Десант кыттыылаахтара, дойдубут кэлиҥҥи кэмҥэ балысханнык сайдарын бэлиэтээн туран, мустубут дьону бука барыларын буолаары турар быыбарга дойдубут бэрэсидьиэнэ В.В. Путины өйүүргэ ыҥырдылар.
Мантан салгыы култуура десана Марха нэһилиэктэригэр сэргэх көрсүһүүлэри тэрийиэхтэрэ.
Ньурба оройуонун култуураҕа департаменын иһитиннэрэр салаата