Быйыл үгүс көрөөччү күөх экран нөҥүө ыытыллар “Арыыга” реалити-шоуга Ньурба уола кытта сылдьарыгар “ыалдьан” куоластаатылар. 8 күннээх бырайыак түмүгэр Малдьаҕар орто оскуолатын дириэктэрин э.т., информатика учуутала Артем Семенович Кириллин кыайыылаах үрдүк аатын ылан ньурбалар үөрүүлэрин үксэттэ.
Артем Кириллин, “Саха” НКИХ “Арыыга” биэриитин кыайыылааҕа:
— Бэйэм Малдьаҕарга Кириллиннэр дьиэ кэргэттэригэр 4-с оҕонон төрөөбүтүм. Былырыын бу бырайыакка бииргэ төрөөбүт убайым Александр кыттыбыта уонна кыайыыны ситиһэн барыбытын соһуппута, үөрдүбүтэ даҕаны. Быйыл бэс ыйыгар сүүмэрдиир түһүмэх буола турар диэн миэхэ эппитэ, тута сайаапка толорон ыыппытым. Сотору буолаат ыҥырбыттара уонна умнуллубат 8 күнү быһа бырайыакка кыттыбытым. Дьонум, биллэн турар, бары өйөөбүттэрэ, убайым сүбэ-ама буолбута. Ол эрэн былырыыҥҥыттан усулуобуйата, ирдэбилэ барыта атын буолан биэрбитэ.
Тиийбитим, былырыыҥҥы кыайыылаах уол быраата кэлбит диэн, бэлиэр бары билэн олороллор этэ. Саамай сүрүнэ — бу бырайыакка киһи киһитинэн буолуохтаах дии санаатым. Уонна дьону кытары сыһыан, хамаандаҕа үлэлээһин улахан оруоллаах эбит. Кыайыылаах буолбуппуттан олус үөрдүм, 200 000 солк. уу харчынан тута картабар түһэрбиттэрэ. Онон уоппускабар сири-дойдуну көрөн кэлбитим.
Түгэнинэн туһанан, “Саха” НКИХ хамаандатыгар, бииргэ алтыһан сылдьыбыт дьоммор, биир дойдулаахтарбар улахан махталбын тиэрдэбин. Кэлэн иһэр Саҥа сылынан барыгытын эҕэрдэлиибин, доруобай, дьоллоох эрэ буолуҥ!
Лена Петрова