Күндээдэтээҕи оҕо уһуйааныгар оройуоннай «Хомуур күрэҕэ» буолан ааста.
8 оҕо саадыттан 12 оҕо, төрөппүт, иитээччи холбоһуктаах хамаандата анал хонууга тарҕаччы ууруллубут 50 кубигы хомуйууга күөн көрүстүлэр.
Күрэх үөрүүлээх аһыллыытыгар бу интэриэһинэй оонньуу сүгүрүйээччитэ иитээччи Саргылана Васильева «Түргэн кубиктар» хомуур күрэҕин ааптарын уонна оонньуу туһунан кылгастык сырдатта, биһиги чуор куолас ырыаһыт оҕолорбут ылбаҕай ырыанан эҕэрдэлээтилэр.
Дьэ, бу кэннэ манна буолла түргэнтэн түргэн хамсаныы, сымсаттан сымса туттуу-хаптыы, ыксаан хаһыытааһын, үөрэн өрө көтүү, соһуйан саҥа аллайыы, мүччү-хаччы харбааһын… Ити курдук олус умсугутуулаахтык уонна олус түргэнник күрэх кэмэ ааһан охсон кыайыылаахтар ааттаннылар.
Биһиги уһуйааммыт икки хамаанданы туруорбутуттан оҕолорго Слава Ананьев, төрөппүттэргэ Анатолий Петров бастакы, оттон Николай Степанов үһүс буоллулар. Оҕолорго иккис Маалыкайтан Айлан Иванов, үһүс Ньурба куорат «Светлячок» оҕо саадыттан Милена Перфильева таҕыстылар. Төрөппүттэргэ Антоновка «Биһигиттэн» Христина Гуляева иккис буолла. Педагогтарга Маалыкайтан Любовь Алексеева 17 аҥаар сөкүүндэнэн хомуйан иннин кимиэхэ да биэрбэтэ, кини кэнниттэн иккис миэстэни «Светлячоктан» Аксиния Григорьева, үсүһү Антоновка «Ромашкатыттан» Ирина Иванова ыллылар. Кыайыылаахтар бары дьиҥнээх спортсмен тэҥэ түөстэригэр мэтээл кэттилэр, оттон хамаанданан бастаабыт биһиги уһуйааммыт бастакы хамаандата Валентина Варламова, Слава Ананьев, Николай Степанов «Хомуур күрэх» Кубогун хаһаайынынан буолла.
Маны таһынан бары кыттааччылар үлэһиттэрбит алгыс санаанан кыттыспыт минньигэс бэлэхтэрин туттулар. С.В.Васильева тус бирииһин саамай кыра кыттааччы «Северяночка» уһуйаантан Андрей Саввинов уонна күрэххэ бастакынан сайаапкатын ыыппыт Маалыкай «Сардаҥа», Ньурба «Родничок» уһуйааннарын хамаандалара ыллылар.
Ыалдьыттарбыт уһуйааммытын сэргии , оҕолорбут ырыаларын-үҥкүүлэрин сэҥээрэ көрөн, тото-хата аһаан, махтал-баһыыба тылларынан, аны бу күрэх сыл аайы ыытылларыгар баҕа санааларын этэн тарҕастылар.
Венера Степанова, сэбиэдиссэй