Күндээдэҕэ хаартыска куонкуруһа ыытылынна

Сыл ахсын Күндээдэҕэ инбэлииттэргэ аналлаах үүнээйи үүннэриитигэр «Экология тиэргэнтэн саҕаланар…» диэн девиһинэн  «Үүнээйи -2023» хаартыска куонкурсун оҥоробут.

Быйыл балаҕан ыйын 4 күнүгэр пааркаҕа күһүммүтүн көрсө таарыйа, куонкуруспут түмүгүн таһаардыбыт. Пааркаҕа киирэргэ дьаһалта баһылыга Замятин Яков Евгениевич дьаһалынан суоппар Захаров Владимир Дмитриевич инбэлииттэри дьиэлэриттэн сылгылаан аҕалла-илтэ. Күтүөтүм Семенов Иннокентий кыра массыынанан кыаммат дьоммун таһарга эмиэ көмөлөстө.

Пааркаҕа көмүс күһүммүтүн көрсөн, сибиэһэй салгыҥҥа олорон чэй иһэ-иһэ ирэ-хоро кэпсэттибит. Хаартыска куонкурсун түмүгүн таһаардыбыт.

Гран при Игнатьева Розалия Михайловнаҕа тигистэ.
1 миэстэ — Саввинов Игнат Дмитриевич.
2 миэстэ — Саввинова Валентина Афанасьевна.
3 миэстэ Спиридонова Наталия Борисовна уонна Мачанова Виктория Николаевна буоллулар.
Спонсордарбытыгар «Ника» маҕаһыын салайааччытыгар Никифорова Анжела Егоровнаҕа,»Татыйыына», Васильев Андрей Александровичка, «Лена»маҕаһыыҥҥа, Егорова Елена Васильевнаҕа, «Фотограф» ватсап группам кыргыттарыгар барҕа махтал буоллун.

Өссө да араас үүнээйилэри үүннэрэ, кэрэни кэрэхсии, хаартысканан үйэтитэ туруҥ.

Акулина Романова, Күндээдэтээҕи «Тирэх» инбэлииттэр уопсастыбаларын бэрэссэдээтэлэ.