Күндээдэҕэ саҥа спорт-саала тутуллар

Күндээдэҕэ «Мин Сахам сирэ – 21-с үйэҕэ» Үтүө дьыала хамсааһын чэрчитинэн саҥа спорт-саала тутулла турар. Үлэ «Мин Сахам сирэ – 21-с үйэҕэ» Үтүө дьыала хамсааһын чэрчитинэн барар. Күндээдэ спорт-саалата Ньурбаҕа 2027 с. СӨ норуоттарын IX Спортивнай оонньууларын көрсө, улууска тутуллар 7 эбийиэктэн биирдэстэрэ буолар.

Алтынньы 18 к. улуус баһылыга Алексей Иннокентьев үлэтин хаамыытын билистэ. Күндээдэ нэһилиэгин баһылыга Яков Замятин иһитиннэрбитинэн, бэдэрээтчитинэн «Стройресурс» ХЭТ буолар (гендириэктэр Михаил Саввинов). Тутуу 3 источниктан үбүлэнэр: Үтүө дьыала хамсааһынын дириэксийэтиттэн уонна улуус, нэһилиэк бүддьүөттэриттэн.

«Үлэтэ былырыын саҕаламмыта, акылаатын түһэрэн бетонун кутан баран тохтообуттара, — диир Яков Евгеньевич. — Билигин каркаһын оҥоруутугар 3 киһи үлэлии сылдьар. Ол иннинэ аҕыйах киһи кэлэн бетонугар үлэлээбиттэрэ. Көҥдөйө быйыл туруохтаах этэ эрээри, сэндвич-панела хойутаан бытаардылар. Графиктан хаалан иһэллэр. Сэндвич-панель кэллэҕинэ эһиил көҥдөйө бүтүөхтээх, онтон сонно аукционунан иһинээҕи кырааскатын, муостатын, уотун-күөһүн үлэтэ барыаҕа. Спорт-сааланы эһиил бүтэрэн үлэҕэ киллэрэргэ былаанныыыбыт».

Геннадий Антонов