«Күнү кытта тэҥҥэ сырдаа, кэлэр кэскили түстээ» («КҮН» түмсүү)

 

Ньурба оройуонугар төрөөбүт тыл сайдыытыгар үлэлэһэр «Сайдам тыл» түмсүү салайааччыта Татьяна Александрова көҕүлээһининэн, Ньурба куоратыгар оҕолорго сахалыы түһүлгэ тэрилиннэ.

Балаҕан ыйын 28 күнүгэр Ньурба куоратыгар Дьокуускай куораттан Өрөспүүбүлүкэтээҕи лицей-интернат үөрэнээччилэрэ, «Күн» түмсүү оҕолоро кэлэн, Бүлүү бөлөх улуустар оҕолоругар биир толору күн тэрээһин оҥорон, төрөөбүт тыл сайдарын туһугар туруулаһар түмсүү салаатын тэрийээри ыалдьыттаатылар. Бу тэрээһиҥҥэ Сунтаартан, Үөһээ Бүлүүттэн уонна Ньурбаттан 87 оҕо кыттыыны ылла. Оҕолор бэйэ-бэйэлэрин кытары билистилэр, төрөөбүт тыл дьылҕатын тула сэһэргэстилэр, санааларын үллэһиннилэр, оһуокайы оройуттан туттулар, сорудахтардаах оонньууну, урукку кэмнэргэ аатырбыт оонньуулары оонньоотулар.
«Күн» түмсүү оҕолоро бэйэлэрин саастыылаахтарыгар төрөөбүт тыл тыыннаах буоларын ситиһэр кыһалҕа баарын, тоҕо кинилэр бу хамсааһыҥҥа үлэлэһэн саҕалаабыттарын, сыалы ситиһэргэ тугу гыныахтарын сөбүн кэпсээтилэр. Оҕолор кэпсэтиигэ сэргээн кытыннылар, кинилэр эмиэ бу туһугар үлэлэһэр баҕалаахтарын биллэрдилэр.
Көрсүһүү түмүгэр хас биирдии оскуолаҕа, оройуоҥҥа уонна Бүлүү бөлөххө түмсүү арыныах буоллулар, хас биирдии оҕо сахалыы саҥарыан баҕалаах оҕоҕо сүбэ-ама, көмө буолуох, тылларын өссө чиҥэтэн үөрэтиэх буолан, үөрэн-көтөн, ыллаан-туойан тарҕастылар.
«Сайдам тыл» түмсүү аатыттан тэрээһиҥҥэ көмөлөспүт дьоммутугар, уопсастыбаннай хамсааһыннар кыттыылаахтарыгар, «Айли» кулуупка, Аввакумовтар, Егоровтар урбаанньыт дьиэ кэргэттэригэр, үөрэҕирии салалтатыгар, оскуолалар, ЦДНТТ кэлэктииптэригэр, ыаллыы сытар улуустарбытыгар Үөһээ Бүлүүлэргэ, Сунтаардарга уонна сайдыыны көҕүлээччилэрбитигэр «Күн» түмсүүлэргэ (салайааччы Сибэкки Заровняева) дириҥ махталбытын биллэрэбит!

Саха буолан сандаарыах, киһи буолан килбэйиэх!

_*Ньурба култуурата*_

https://t.me/DepKult77