Үгүс дьон маһынан уһаныыны эр дьон дьарыгын курдук саныыллар. Ол эрээри манна кэрэ аҥардар эр дьонтон улаханнык хаалсыбаттар. Итини Ньурба к. олохтооҕо Саргылана Пантелеймоновна Алексеева бэйэтин холобурунан дакаастыыр. Мастан элбэх араас оҥоһуктара киһи эрэ сөҕүөн курдук тупсаҕайдар.
«Уһаммытым лоп курдук 15 сыл буолла, — диир кини. – Онно дьиэ кэргэнинэн саҥа дьиэ туттан киирбиппит. Онтон саҕалаан кыралаан уһанан барбытым. Бастаан боростуой, чэпчэки оҥоһуктары оҥорорум, онтон сыыйа үөрэнэн санаабыппын-баҕарбыппын оҥорор буолбутум. Остуолу, олоппоһу, ороннору, ыскааптары, быыстары (перегородка), олбуордары уо.д.а. оҥоробун.
Мин уһанарым саҕана уһанар дьахтар диэн суоҕун кэриэтэ этэ, 1-2 эрэ дьахтар уһанара. Билигин элбээтилэр. Бэйэ-бэйэбитин билсэбит-алтыһабыт, уопут атастаһабыт. Оскуола оҕолоругар уонна дьахталларга маастар-кылаастары ыытабын. Бырайыак суруйан көмүскээн, социальнай көмүскэл управлениетыттан соцконтрагынан 300 тыһ. солк. көмө ылбытым. Онон үнүстүрүмүөннэри атыыласпытым. Рейсмус эҥин ылан абыранным. Ол иннигэ станогум суоҕа, онон барыта илии үлэтэ буолара. Этэргэ дылы, сүүрэ сылдьан устуруустуурум.
5 оҕолоохпун, 1 сиэннээхпин. Ньурбатааҕы улуустар икки ардыларынааҕы оҕоҕо уонна дьиэ кэргэҥҥэ кэлим көмө киинигэр санитарканан үлэлиибин. Бу үлэм быыһыгар уһанабын. Иллэҥ кэммэр уонна өрөбүллэрбэр сөбүлүүр дьарыкпар ылсан дууһалыын сынньанабын. Үгүстэр билигин даҕаны маһынан уһаныы эр дьон дьарыгын курдук саныыллар. Мин саныахпар, дьахталлар ханнык баҕарар дьарыгы-үлэни баһылыахтарын, онно бэйэлэрин кыахтарынан, көрүүлэринэн атыны-саҥаны киллэриэхтэрин сөп. Хата, дьахтар оҥорбута ордук ииспэрэй буолан тахсан иһэр курдук.
Мас – мин сөбүлүүр матырыйаалым, мас тыыннаах курдук, оҥорбут киһи энергетикатын иҥэринэн хаалларар. Маһы дьон дьиҥнээх айылҕа матырыйаалын быһыытынан сыаналыыр, мас оҥоһуктар үйэлэрэ даҕаны уһун, бөҕө уонна экологичнай буолаллар. Бэйэтин уратылаах буолуутун уонна истиилин сыаналыыр киһиэхэ мас оҥоһуктар актуальнайдар».
Геннадий Антонов.