Марха оскуолата саҥатыгар түстэ

Быйыл сайын ««Модернизация школьных систем образования» судаарыстыбаннай бырагырааманан федеральнай бүддьүөт суотугар К.Д.Уткин аатынан Марха орто оскуолатын дьиэтэ хапытаалынайдык өрөмүөннэннэ. Бу үлэҕэ барыта 69 446 тыһ. солк. көрүллүбүтэ, ол иһигэр хапытаалынай өрөмүөҥҥэ – 56 990 500 солк. уонна оборудованиенан хааччыйыыга — 12 455 530 солк. Бэдэрээтчитинэн «Региональнай сайдыы» ХЭТ үлэлээтэ. Элбэх үлэ баран, 20-тэн тахса сыллааҕыта улууска тутуллубут маҥнайгы таас оскуола дьиэтэ саҥардыллан тупса түстэ.

Дьиэ ис-тас эпсиэйэ, электриката, сарайа, ититиитин ситимэ, муостата, сантехниката, ис уонна тас ааннара уо.д.а. саҥардыллан оҥоһулунна. Тутааччылар эбийиэги бүтэрбиттэрин кэннэ, атырдьах ыйын 30 күнүгэр ИСУ салайааччыта-улуус баһылыгын тутууга солбуйааччыта Константин Иванов салайааччылаах хамыыһыйа тахсан көрөн эбийиэги тутта. Улуустааҕы баайга-дуолга сыһыаннаһыыларга уонна муниципальнай атыылаһыыларга кэмитиэт нөҥүө куонкурус ыытыллан, оскуолаҕа саҥа оборудование уонна миэбэл кэлэн, таҥыллара хаалла. Инньэ гынан баай историялаах Марха орто оскуолатын кэлэктиибэ уонна үөрэнээччилэр саҥа үөрэх дьылын улаханнык сэргэхсийэн, үөрэн-көтөн көрүстүлэр.

Геннадий Антонов