Мелиоратор анала – сиртэн ылыллар үүнүүнү үрдэтии

Хас биирдии киһи олоҕор үбүлүөйдээх даата – улахан үөрүүгэ сокуоннай төрүөт эрэ буолбатах. Үбүлүөй – хаһан баҕарар киһи олоҕор бэлиэ түгэн, бу түргэн тэтимнээх олохпугар «чу гынан» тохтуу түһэн олорон кэлбит олоххо, оҥоһуллубут үлэҕэ түмүк оҥостор кэм. Ким эрэ халтай олорон ааспыт олоҕун иһин кэмсиниэҕэ, оттон ким эрэ астына уонна киэн тутта саныаҕа. ТХМ иһинэн Мелиорация управлениетын Ньурбатааҕы филиалын салайааччыта, быйыл саас кулун тутар ыйга олоҕун орто омурҕана буолбутун бэлиэтээбит Алексей Васильевка үөрэригэр уонна киэн туттарыгар төрүөттэр аҕыйаҕа суохтар. Кини мелиорацияҕа 21 сыл бэриниилээхтик үлэлээн кэллэ.

Ааспыт ый ортотугар Дьокуускайга «Ас-үөл-2023» өрөспүүбүлүкэтээҕи быыстапка-дьаарбаҥкаҕа Алексей Васильевка РФ Тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтин Махталын туттардылар. Биэс оҕотуттан саамай кыралара, тапталлаах игирэ кыргыттара быйыл Ст. Васильев аатынан Ньурбатааҕы элбэх хайысхалаах гимназия боруогун маҥнай атыллаан, бастакы кылааска үөрэнэ киирдилэр.

– Алексей Борисович, Эн оҕо сааһыҥ хайдах ааспытын туһунан кэпсээ эрэ. Ханна төрөөбүккүнүй, дьонуҥ кимнээх этилэрий?

— Мин төрүт Убайааммын, үөскээбит-улааппыт дьиэм тэрилтэбиттэн суол уҥуор Механизатордар переулоктарыгар турар. Ийэм Мотрена Алексеевна Васильева Маарга МТС-тан саҕалаан, онтон Ньурбаҕа киирэн «Сельхозтехникаҕа» 30-тан тахса сыл устата экэнэмиис-бухгалтерынан үлэлээбитэ. Аҕам Борис Маркович Васильев Новосибирскайга үөрэнэн тутуу үөрэҕин бүтэрбитэ, онон үйэтин тухары тутууга сылдьыбыта, прорабынан эҥин үлэлээбитэ. Бииргэ төрөөбүттэр иккиэ этибит. Убайым Васильев Андрей Борисович Убайаан начальнай оскуолатыгар саҥа дириэктэринэн ананан үлэлээн хамнаан иһэн такси авариятыгар түбэһэн, ол содулугар эдэр сааһыгар бу сиртэн күрэммитэ.

– Эн хаһан мелиоратор буоларга быһаарыммыккыный? Тоҕо бу идэни талбыккыный уонна ханна үөрэммиккиний?

— Мин мелиорация тэрилтэтигэр 2002 с. киирбитим. Оччолорго «Гидрант» ГУП сүрүннээн тутуунан дьарыктанара. Гидротехническэй тутуулары, гаражтары, хочуолунайдары, атын даҕаны эбийиэктэри туталлара. Мин бэйэм эмиэ тутуу үөрэхтээхпин, 2001 с. СГУ инженернэй-техническэй факультеты бүтэрэн инженер-технолог-тутааччы идэтин баһылаабытым. Дойдубар кэлэн манна үлэ көрдөһөрбөр, улуус баһылыгын 1-кы солбуйааччыта Макар Семенов халаантан эмсэҕэлээбит Ленскэйи чөлүгэр түһэриигэ үлэлээн бэйэҕин көрдөр, онтон кэллэххинэ үлэ миэстэтин толкуйдуохпут диэн ыыппыта. Онон Ленскэйгэ баран чөлүгэр түһэрсэргэ үлэлээбитим, 3 дьиэни тутуспутум. Эһилиигэр ыам ыйыгар «Гидрант» ГУП-ка Ариан Афанасьев ыҥыран, тутуу маастарынан киирбитим. Онтон кылаабынай инженердэбитим, 2014 сыл сэтинньититтэн тэрилтэ салайааччытынан анаабыттара.

— Олоххор сабыдыаллаабыт настаабынньыккынан кими ааттыыгыный?

— 4-с кылааһы бүтэрээт, сайын Убайаан оскуолатын лааҕырыгар сылдьан оччолорго ММС (Машиннай-мелиоративнай ыстаансыйа) Кураан бааһыналарыгар мутук ыраастыыр этибит. Үлэҕэ сыстыым оннук саҕаламмыта. Биһиги саастыы дьон үксүбүт ЛТО нөҥүө аастахпыт. Онон үлэҕэ настаабынньыктарым диэн Убайаан оскуолатын ааттыыбын, онно сүрүннээн лааҕырдар салайааччыларынан үлэлээбит учууталларбын.

Бастаан үлэһит быһыытынан үлэбин 1990 с. «Сельхозтехника» холбоһук тракторнай мастарыскыайыттан саҕалаабытым. Киэһээҥҥи оскуолаҕа үөрэнэ-үөрэнэ үлэлээбитим. Онно Семен Данилов диэн слесарь бастакы настаабынньыгым этэ. Онтон аармыйаҕа баран сулууспалаабытым. 1993 с. кэлэн «Гидрант» ГУП-ка пилорамаҕа оробуочайынан киирбитим, пилорамщигынан Сабычиков Меркурий этэ. Эһиилигэр «Иис-Уус» тэрилтэҕэ көспүтүм, маҥнай пилорамаҕа оробуочайдаабытым, онтон столярнай мастерскойга көспүтүм. Онно дириэктэр В.Н.Степанов үөрэнэрбэр сүбэлээбитэ, инньэ гынан СГУ-га ИТФ-га үөрэнэ киирбитим.

– Бэйэҥ саамай улахан ситиһиигинэн тугу ааттыыгыный?

— Улахан ситиһиим диэн тугу ааттыахпын билбэппин (күлэр), билигин даҕаны барыта иннибэр дии саныыбын. Баҕа санаам элбэх. Урукку, быраҕыллан хаалбыт мелиоративнай систиэмэлэри сөргүтэн чөллөрүгэр түһэрэр баҕа санаа баһаам, чуолаан Ньурбачаан систиэмэтин сөргүтэн үлэҕэ киллэриэхпитин баҕарабын. Ол билигин кыалла илик. Онон ситиһиилэрбэр тиийэрим ыраах дии саныыбын.

Алексей Борисович, тэрилтэ салайааччытыттан элбэх тутулуктаах эрээри, дьыала ситиһиилээх буолуутун быһаччы эбийиэктэргэ үлэлиир дьон быһааралларын билэбит. Кэлэктиибиҥ туһунан тугу кэпсиэххиний?

— Ити эн оруобуна сөпкө этэҕин. Ханнык баҕарар тэрилтэ үлэтин боростуой үлэһит дьон көдүрүйэр, онон кинилэр тутаах дьоммут буолаллар. Тэрилтэҕэ 15-пит, урут 30-тан тахса буолааччыбыт. Оттон мин үлэҕэ киирэрим саҕана сайыҥҥы кэмҥэ быстах үлэһиттэрдиин 50-ча киһиэхэ тиийээччи.

Тэрилтэбит үлэтин ис хоһооно уларыйан турар. Урут араас тутууларынан дьарыктаммыт буоллахпытына, билигин аҥардас мелиорация эбийиэктэрин көрөбүт-истэбит. Ол иһин билигин тутууга сыһыаннаах исписэлиистэрбит суохтар. Тэрилтэбитигэр экскаваторщикар, бульдозеристар, кыра уонна улахан массыыналар суоппардара, сыбаарсык, мелиоратор үөрэхтээх инженердэр үлэлииллэр.

Кэлэктиип тутах дьонунан тэрилтэни тутан олорор бэтэрээннэрбит буолаллар. Барыбытыттан ордук уһуннук, 43 сыл устата суоппар, автокрановщик, экскаваторщик идэлээх Эдуард Степанович Монзоев үлэлээн кэллэ. Сүрүннүүр инженер-мелиоратор Владимир Николаевич Чымыров үлэтин киниискэтигэр биир эрэ тэрилтэ сурулла сылдьар, мелиорацияҕа 37 сыл үлэлээтэ. Манна 22 сыл үлэлээбит ыстаастаах Петр Дмитриевич Захаров электромонтер уонна суоппар идэлээх, Сунтаар, Ньурба улуустарынан үлэ учаастактарыгар УАЗ-фермер массыынанан бородуукта, уматык, сапчаас таһар. Мин манна үлэлээбитим быйыл 21 сылым. Сүрүннүүр эксперт Ольга Степановна Алексеева бастаан бухгалтерынан, онтон кылаабынай бухгалтерынан үлэлээбитэ, үлэтин ыстааһа – 20 сыл.

Биһиги тэрилтэҕэ ылбычча киһи тулуйан уһуннук үлэлээбэт. Тоҕо диэтэххэ, дьоммут кыһыннары-сайыннары мелиоративнай үлэҕэ, дулҕа астарыытыгар даҕаны нэһилиэнньэлээх пууннартан тэйиччи, тайҕаҕа-ойуурга уустук усулуобуйаҕа үлэлииллэр, кыһынын тымныыта, сайынын итиитэ, кумаара, оҥоойута. Онон уолаттарбытыгар улахан махталлаахпын. Билиҥҥи кэмҥэ хамнастара үлэлиир усулуобуйаларыгар эппиэттэспэт дии саныыбын. Хамнастарын үрдэтэргэ туруорсабыт, үөһээҥҥи салалтабыт эмиэ туруорсар, ол эрээри кыаллыбат. Ол иһин биһиэхэ дьон үлэлии кэлэрэ отой уустук. Билигин үлэлии сылдьар уолаттары улахан патриот, үлэһит дьон диэн сыаналыыбын.

– Алексей Борисович, быйыл ханнык мелиоративнай үлэлэр ыытылыннылар?

— Сыллата буоларын курдук, сааскы халаан уутун аһардан ходуһалары нүөлсүтэбит. Улууска барыта 2742 га иэннээх 3 мелиоративнай систиэмэлээхпит: «Хаҥас биэрэктээҕи» (Куочай), «Чаппанда» уонна «Муоһааны». Итини таһынан Сунтаар улууһугар 540 гаалаах сиргэ мелиоративнай үлэлэри ыытабыт. Ууну халытыыга сыллааҕы мелиоративнай үлэбит кээмэйэ 3282 гаа буолар. Бу уу саппааһыттан, үрэхтэр уулара хайдах киирэриттэн тутулуктанан, көрдөрүүбүт сыллата уларыйар, ардыгар кыччыыр эбэтэр улаатар.

Быйыл Ньурбаҕа 3 эбийиэккэ үлэлээтибит. Таркаайы нэһилиэгэр Муоһааны эбэтиттэн Чоҥнооҥҥо диэри ханаал ыраастааһынын 3 сыллаах үлэтин быйыл түмүктээтибит. Быйыл 1750 м усталаах хоруу ыраастанна, онно 12300 м3 буор хаһылынна. «Чаппанда» нүөлсүтэр систимэмэтин ханаалын 1 км ордук учаастагын ыраастаан хастыбыт, буор үлэтин кээмэйэ — 6223 м3. «Хаҥас биэрэктээҕи» систиэмэҕэ Куочай ходуһатыттан ууну түһэрэр ханаал 6235 м усталаах учаастага ыраастанна, 15100 м3 буор хостонно. Манна эбэн эттэххэ, «Хаҥас биэрэктээҕи» мелиоративнай систиэмэ уута барарыгар федеральнай суолга 3 сиринэн турба үөһэ түһэриллибит буолан мэһэйдээн сыталлар. СӨ Бырабыыталыстыбатын Бэрэссэдээтэлинэн үлэлээбит А.В.Тарасенкоҕа маны көрдөрбүппүт, ол эрээри бу боппуруос кыалла илик.

Сунтаар улууһугар 2 учаастакка үлэ ыытылынна. Аллаҥа нэһилиэгэр 2 сыллаах үлэ бастакы түһүмэҕэ түмүктэннэ, 13350 м3 буор хаһылынна. Эһиил 15 тыһ. м3 кэриҥэ буор хаһыллара хаалла. Туойдаах нэһилиэгэр куурдар систиэмэлээхпит, онно экскаваторбыт күн бүгүҥҥэ диэри үлэлии сылдьар. 17567 м3 хаһыллан бүтүөхтээх, быйылгы үлэтэ бу күннэргэ түмүктэнэр.

Ааспыт нэдиэлэҕэ биир биригээдэбит Чаппандаҕа таҕыста. Сүрүн регулятор быһыттарын туруга мөлтөөн, быйыл госзаданиеҕа киирбэтэх үлэ буолла. Халаан уутун аһардыы кэнниттэн көрөн, үөһээҥҥи салалтабытыгар эбии ороскуоттары көрдөртөрбүппүт. 1-дии экскаватор, бульзодер уонна самосвал үлэлээн, регулятор быһыттарын бөҕөргөтө сылдьаллар. Быһа холоон 2-3 нэдиэлэлээх үлэ.

Мелиорация үлэтин таһынан, элбэх сыллаах окко үлэлэһэбит. Урукку салайааччыбыт Валентин Иванович Николаевтыын сүбэлэһэн, 3 сыллааҕыта элбэх сыллаах от сиэмэтин ыһарга быһаарыммыппыт. Улуус дьаһалтатын кытта кэпсэтэн, Киппэ Бүтэйэ диэн сиргэ сир ылан «кострец безострый» от сиэмэтин Омскайтан аҕалан ыспыппыт. Омскайдар: «Саха сиригэр адаптацията суох сиэмэ, эһиэхэ үүнүө диэн мэктиэлээбэппит, онон «на свой страх и риск» ыһаҕыт», —  диэбиттэрэ. Онтубут 49 гааттан 45 гаатыгар эрэ үүннэ, сороҕо кыайан тахсыбата. Сиэмэтэ 3 сыл буолан баран ситэн хомуллар диэбиттэрэ, онон быйыл саҥа хомуйа сылдьабыт. Былырыын көннөрү отун охсубуппут эрэ, ол иннинэ отой да тыыппатахпыт. Үлэһиттэрбит тиийбэт буолан, сүрүн үлэлэрин кэнниттэн киирэн үлэлииллэр, онон оппут сиэмэтин хомуурун отой хойутаан саҕалаатыбыт.

Быйыл улуустааҕы тыа хаһаайыстыбатын департаменын кытта кэпсэтэн, халааннанар эрээри уу кыайан тиийбэт сирдэригэр от сиэмэтин ыһан, от үүнүүтүн үрдэтэргэ былаанныыбыт. Ити госзаданиебыт таһынан үлэ. Үөһээҥҥи салалтабыт салайааччыта Д.Д.Махаровы кытта сүбэлэһэн баран, Куочай ходуһатыгар 39 гаа ходуһаттан отун охсон баран, Ньурбатааҕы сүөһү аһылыгын хампаанньатыттан «Вредо» сиэйэлкэни уларсан люцерна сиэмэтин ыстыбыт. Эһиил бу от сиэмэтин ыспыппыт үүнүүтүн эптэҕинэ, маннык сылын аайы төһөлүү эрэ гааны таҥастаан, бэйэбит лиманнай систиэмэлэрбитин отун үүнүүтүн тупсарыахтаахпыт уонна министиэристибэҕэ дакаастаан, маннык үлэни былааҥҥа киллэртэрэргэ соруктанабыт. Мелиорация үлэтин сүрүн соруга – сиртэн үүнүүнү ылыыны үрдэтии. Онон сонун хайысхаҕа ылыстыбыт.

— Эһиил ханнык былааннаах үлэлэри толоруохтааххытый?

— Сунтаары киллэрэн туран, эмиэ 4 лиманнай систиэмэҕэ үлэлиэхпит. Ону таһынан эһиил «Сата», «Төрүт» лиманнай систиэмэлэргэ үлэни саҕалыахтаахпыт. Мелиорация управлениетыттан эксплуатация отделын бэрэстэбиитэлэ Ариан Афанасьев кэлэн көрбүтэ. Ойбон эбэ, Чос Бэрэ, Арҕаа Эбэ, Кыһыл Бэрэ учаастактарыгар үлэни ыытарга сүбэлэспиппит. Хоруулара бүтэһигин 2008 с. ыраастаммыттара, ол кэнниттэн экскаватор хомуоһа түһэ илик.

Барыллаан госзаданиебытын көмүскээбиппит. Ньурба улууһугар 3 учаастакка үлэлииргэ былааннанабыт. «Төрүт» систиэмэҕэ Акана нэһилиэгэр Ойбон эбэҕэ 2900 м усталаах ханаал ыраастааныахтаах, быһа холоон 22250 м3 буор хостонуохтаах. Эмиэ Аканаҕа Чос Бэрэ, Арҕаа эбэ, Кыһыл Бэрэ диэн учаастактарга үлэ саҕаланыахтаах. Эһиил 2300 м усталаах ханаал ыраастаныахтаах, буорун үлэтэ — 17250 м3. «Сата» систиэмэтигэр Дьуухала уонна Киэҥ Түөльбэ икки ардынааҕы учаастактарга үлэ барыахтаах. Быйыл уу тоҕо кыайан түспэт диэн баран үөрэтэн көрбүппүт, улахан баҕайы тибэр учаастактаах эбит, ону быйыл ыраастаан биэрдибит. Эһиил итини госзаданиеҕа киллэртэрэн, 1900 м усталаах хоруу хаһыллыахтаах, буорун үлэтэ — 14250 м3.

Федеральнай бүддьүөттэн Инвест-бүддьүөккэ харчы көстөр түгэнигэр барыллаан былааҥҥа «Хаҥас биэрэктээҕи» систиэмэ ууну түһэр регуляторын хапытаалынай өрөмүөнүн, Таркаайы нэһилиэгэр Сиэн үрэххэ ууну тутар шлюз-регулятор уонна Чоҥноон учаастагар эмиэ шлюз-регулятор тутуутун киллэртэрбиппит.

Итини таһынан проектнай-изыскательскэй үлэни көрдөөн олоробут. «Чаппанда» мелиоративнай систиэмэтин ууну быраҕар тутаах шлюз-регулятора (головной автоводосброс) 80-с сс. тутуллуоҕуттан биирдэ даҕаны өрөмүөннэнэ илик. Бырайыактыыр үлэлэргэ өрөспүүбүлүкэттэн үп көрүлүннэҕинэ, итиннэ эһиил бырайыак оҥорторуохпут.

Ньурба улууһугар 8 мелиоративнай эбийиэк бырайыактара бэлэм, ол эрээри үбүлээһиннэрэ суох. «Төрүт» систиэмэ 2 №-дээх уонна 3 №-дээх шлюз-регулятордарын саҥардан оҥоруу, «Сата» систиэмэ 5 №-дээх шлюз-регуляторын, Таркаайы нэһилиэгин Харыйалаах үрэҕэр Чоҥноон регуляторын, «Муоһааны» систиэмэ ууну тутар шлюз-регуляторын, «Хаҥас биэрэктээҕи» систиэмэ Куочайтан ууну быраҕар шлюз-регуляторын тутуу бырайыактара бааллар. «Талаҥда» систиэмэтин саҥардан оҥоруу бырайыага оҥоһуллубута эмиэ ыраатта, ол эрээри олохтоохтортон аҥара утарар, ол иһин бу бырайыак былаантан уһуллар буолла быһыылаах. 8-с бырайыакпыт — Ньимискэннээххэ туруупкалыы шлюз-регуляторы тутуу киэнэ. Эрдэ Галина Данчикова Ньурбаҕа кэлэ сырыттаҕына Ньурбачаан олохтоохторун туруорсууларынан регулятор бырайыага оҥоһуллан хаалбыт. Аны үбэ көстөн регулятор тутуллар да түгэнигэр, федеральнай суолга урукку «Сельхозхимия» таһынан түһэриллэн сытар турба аллараа түһэриллибэтэҕинэ, ити регулятор үлэлиир кыаҕа суох, ууну аһардыбат. Ол иһин бу барыта кэлимник быһаарыллыахтаах боппуруостар.

Сөп, Алексей Борисович, үлэ туһунан балачча кэпсэттибит. Аны бэйэҕэр төннүөххэ. Иллэҥ кэмҥэр эн туох дьарыктааххыный? Сөбүлүүр дьарыгыҥ.

— Саха киһитин сиэринэн, иллэҥ кэммэр айылҕалыын алтыһабын, бултуурбун-балыктыырбын сөбүлүүбүн. Ону таһынан массыына хасыһабын, кыралаан маһынан уһанабын, дьиэм тэриллэрин – олоппоһу, орону, ыскаабы уо.д.а. оҥортуубун. Оҕолору үөрэтэ-көрдөрө таарыйа.

Эйиэхэ үлэҕэр-олоххор ким көмө-өйөбүл, туох стимул буоларый?

— Үлэбэр-олохпор өйөбүлүм, биллэн турар, дьиэ кэргэним уонна тэрилтэм үлэһиттэрэ. Кэллиэгэлэрим үчүгэйдик үлэлиир настарыанньалаах, сып-сап эбийиэктэригэр үлэлии барар буоллахтарына бэйэҥ даҕаны эрэнэ хаалаҕын, эрэх-турах буолаҕын. Эрэллээх тыылым буолар кэргэним Нюргуяна Владимировналыын 5 оҕолоохпут. Улахаммыт АГАТУ устудьуона, зоотехник идэтигэр 2-с кууруска үөрэнэр. Сайын манна кэлэн «Сиибиктэ» бааһынай хаһаайыстыбаҕа быраактыкаламмыта. Онтон кэлэр кыыһым 9-с, уолум 7 кылааска, икки игирэ кыргыттарым 1 кылааска Ст. Васильев аатынан элбэх хайысхалаах гимназияҕа үөрэнэллэр.

Сөп, Алексей Борисович, сиһилии кэпсээниҥ иһин махтал. Үлэҕитигэр ситиһиилэри уонна бары үчүгэйи баҕарабын.

Геннадий АНТОНОВ.