Москваҕа Норуоттар икки ардыларынааҕы «Биһиги бииргэ» гражданскай форумҥа кытынна

Ахсынньы 4-8 кк. Москваҕа норуоттар икки ардыларынааҕы «Биһиги бииргэ» гражданскай форум,  волонтердар сийиэстэрэ ыытылынна. Биир дойдулаахпыт, улуустааҕы ыччат дьыалатын уонна имидж бэлиитикэтин управлениетын сүрүн исписэлииһэ Юлиана Иванова өрөспүүбүлүкэ дэлэгээссийэтин састаабыгар киирсэн бара сырытта. Киниттэн бу улахан тэрээһиҥҥэ кыттыытын туһунан туоһуластыбыт.

«Биһиги бииргэ» гражданскай форумҥа, волонтердар сийиэстэригэр Саха сириттэн 20 буолан кытынныбыт, — диир Юлиана Иванова. – Салайааччыбыт — «Биһиги бииргэ» аахсыйа өрөспүүбүлүкэтээҕи ыстаабын салайааччыта Айыллаан Винокуров. Биһигини ВДХН «Космос» гостиницатыгар түһэрбиттэрэ.

Гражданскай форум аһыллыытыгар РФ Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин кэлэн дойду араас эрэгийиэннэриттэн уонна тас дойдуларыттан кэлбит үгүс кыттааччылары эҕэрдэлээбитэ. Тэрээһиҥҥэ ыччат дьыалатыгар федеральнай агентство салайааччыта Ксения Разуваева, РФ Госдуматын ыччат бэлиитикэтигэр кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ, ДОБРО.РФ платформа салайааччыта Артём Метелев, Ыччат аан дойдутааҕы бэстибээлин дириэксийэтин эрэгийииэннэри кытта хардарыта үлэҕэ генеральнай дириэктэр солбуйааччыта Лариса Сулима уо.д.а., ол иһигэр СВО кыттыылаахтара бааллара.

Барыта үөрэтэр хайысхалаах тэрээһин буолла. НКО, волонтерство уо.д.а. араас хайысхаларга үөрэннибит. Бэйэҥ баҕарбыт хайысхаҕынан араас былаһааккаҕа сылдьаҕын. Ол курдук Саха сириттэн тиийэн баран бары тус-туспа былаһааккаларга сылдьан үөрэннибит. Волонтердары кытта уопут атастастыбыт. Үөрэх олус үчүгэй, кэрэхсэбиллээх. Сорох волонтердар инбэлиит оҕолорго тиийэн бэлэх-туһах биэрбиттэрэ, кыыллары көрөр-истэр приюттарга баран аһылык туттарбыттара. Инники үлэбитигэр элбэх көдьүүстээҕи уонна туһалааҕы билэн-көрөн кэллибит.

Геннадий Антонов