Нэһилиэкпит ырааһырарын туһугар

Олорор сирбитигэр, тулалыыр айылҕабытыгар харыстабыллаах сыһыан күннээҕи бэбиэскэттэн түспэт. Чуукаар нэһилиэгин олохтоохторо тулабыт чөл туруктаах буоларыгар төһө кыалларынан ыытыллар тэрээһиннэргэ мэлдьи көхтөөхтүк кытталлар.
 
Соторутааҕыта нэһилиэк эр хоһууннара хас да күн субуотунньуктаан эргэ гарааһы көтүрдүлэр, ыраастаатылар. Инникитин ити сиргэ балаҕан тутуллара былааннанар.
Ону тэҥэ Эбэ, Хампах, Уһун Күөл түөлбэлэр урут быраҕыллан турбут сыбаалкаларын барытын ыраастаан, чөкөтөн билигин үлэлии турар нэһилиэк сыбаалкатыгар тастылар. Тэрилтэлэр тиэргэннэрин ыраастааһыҥҥа эмиэ субуотуонньуктар буоллулар.

Ити курдук, нэһилиэкпитигэр ырааһырдыы үлэтэ күүскэ барда. Тулалыыр эйгэҕэ буортуну аҕалар, нэһилиэкпит көстүүтүн киртитэр бөх-сыыс, тимир-туһах сыбаалкаҕа тиэлиннэ.

Надежда Казакова

Читайте дальше