Норуот маастара Юлиана Павлова: «Улууспутугар бэйэбит иис сыахтаахпыт буоллар”

🧵- Саамай улахан баҕа санаам – иис сыаҕын арыйан үлэлэтии. Урукку сылларга Ньурбаҕа аатырбыт «Иис-Уус» тэрилтэ баара үчүгэйэ бэрт этэ. Бэйэбит улууспутугар оҥорон таһаарар сыах баара эбитэ буоллар элбэх кыһалҕаны быһаарыа этэ, — диэн иистэнньэҥ Юлиана Павлова кэпсээнин саҕалыыр.

Билигин кини Урбаанньыттары өйүүр кииҥҥэ резидент быһыытынан кыра хоһу куортамнаан олорор. 4 иистэнэр миэстэлээх, өссө маастар-кылаастары ыытар. Юлиана Павлова – норуот маастара, улууспутугар биллэр иистэнньэҥнэртэн биирдэстэрэ. Технология уонна дизайн кэллиэһин бүтэрэн баран 10 сыл атын эйгэҕэ үлэлээбит.

— Үөрэхпин бүтэрэн баран хоту баран үлэлээбитим. Ол саҕана эдэрим да бэрт, санаам даҕаны күүстээх, аны кыһыл оҕолоохпун. Бэйэм кыахпын билиммэккэ бүтүн үҥкүү ансаамбылыгар нэдиэлэ иһигэр иккилии көстүүмнэрин тикпитим. Халадаайдары уонна таба көстүүмүн. 7 күнү биэрбиттэрэ, онон аһаабакка, утуйбакка, илиибэр сап быһа киирэн хааннаныар диэри иистэнэн бараммын аккаас биэрбитим. Уонна иискэ чугаһаабаппын диэн бигэ эрэллээх этим. Ол курдук сүрэхпэр астаран кэбиспиппин.

Икки бииргэ төрөөбүт эдьиийдэрим иккиэн бухгалтердар, онон уһуну толкуйдуу барбакка хайдах эрэ билэрдии бухгаалтыр идэтигэр үөрэммитим уонна Ньурбаҕа көһөн кэлэн уонча сыл араас тэрилтэҕэ бухгалтерынан үлэлээбитим.

Юлиана 6 оҕо күн күбэй ийэтэ, Антоновкаҕа Чусовской түөлбэ салайааччыта, улууска ыытыллар араас тэрээһиннэргэ кыттар көхтөөх общественник.

— Син-биир санааҥ буолбакка билигин иискэр төннөн олороҕун. Туох санааттан ылыстыҥ?

— Баардаах батарбат эбит. Үп эйгэтигэр да үлэлии сылдьан оҕолорбор көстүүмнэрин, маскарааттарын тигэр этим кыралаан. Онтон бииргэ алтыһар төрөппүттэрим көрдөһүүлэринэн дьиэбэр олорон кыралаан иистэнэрим. Уонна декреккэ олорбут кэмим даҕаны уһуна, онон сыта-тура толкуйдуур бириэмэ баар курдуга. 5-с уолбун оҕолонон баран ииспин ылсар эбиппин диэн санаа чопчу кэлбитэ. Онтон ылата бу үлэлии сылдьабын. Ол эрэн кэлэктиип сакаастарын билигин даҕаны ылбаппын. Ол оннугар санаам сытарынан налыччы олорон биирдиилээн дьоҥҥо тигэрбин ордоробун.

Бастаан бэйэм туспа бренд толкуйданыахпын наада эбит дии санаабытым уонна «Сладкие детки» диэн ааты талан үлэм күөстүү оргуйбута. Кыһыл оҕолоох буолан оҕолорго оронноругар бортик, сыттык, матараас уонна суорҕан тигэн саҕалаабытым. Бастакы атыылаһааччыларым дьүөгэлэрим этэ. Ол курдук сакаас киирэн барбыта. Матырыйаалларбын соҕурууттан сакаастыырым, хаачыстыбалара үчүгэй буолан дьон хамаҕатык сакаастыыр этэ.

— Маны таһынан маастар-кылаастары ыытаҕын?

— Дьону иискэ уһуйарбын сөбүлүүр эбиппин. Биир үчүгэйэ диэн үөрэнэ кэлбит кыргыттар киэп (выкройка)  оҥорорго үөрэнэллэр. Ол киэбинэн кэлин ханнык баҕарар таҥаһы тиктиэхтэрин сөп. Соторутааҕыта ыыппыт кууруспар кэлбит киһи 3 араас таҥаһы тиктэн барбыта — свитшот, дьууппа уонна платье.

— Билигин хас буолан иистэнэҕитий?

— Кууруспар үөрэммит кыргыттарым бааллар, дьиэлэриттэн олорон тиксэллэр. Маны тэҥэ Дьарыктаах буолуу киинин кытары үлэлэһэбин. Тэмтэрийэн ыарахан балаһыанньаҕа түбэһэн, онтуларын боруостаабыт икки кыыһы үлэлэтэ сылдьабын. Кинилэр үлэ булуналларыгар биллэн турар ыарахаттары көрсөллөр, онон утары баран олохторун салгыылларыгар көмөлөһөрбүттэн үөрэбин.

— Бастаан этэн аһарбытыҥ, сыах үлэлэтиэхпин баҕарабын диэн.

— Боруобаҕа бу аҕыйах оскуолаҕа кэтэр форма тигэн көрдүбүт. Тимэхтээх, молниялаах буолбакка – дьууппатын, бүрүүкэтин эрэһиинэ гынныбыт. Этиргэн оҕолорго эмиэ сөп түбэһэрин курдук. Уонна саха оҕолоро европейскай стандартка сорохторо сөп түбэспэттэр, ону учуоттаан оҥорон көрдүбүт, бүрүүкэтэ аннынан төһө баҕарар кыччыыр гына. Сүрүнэ – күн аайы кэтиллэр форма буолан хаачыстыбата үчүгэй – түүкэрийбэт, тобуктаммат буолуон наада.

Бастаан бэйэбит оҕолорбутугар кэтэрдэн көрүөхпүт, онтон салгыы атыыга таһаарыахпыт. Билигин төрөппүттэр оҕолоругар оскуолаҕа кэтэр формаларын маҕаһыыннартан бас быстар сыанаҕа ылаллар. Ортотунан 5-6 тыһ.солк. буолар. Элбэх оҕолоох ыалга бу улахан охсуулаах. Оскуолаҕа үөрэнэр оҕолордоох буолан бэркэ диэн билэбин. Онон бэйэбит улууспутугар тигэр кыахтаах буоллахпытына тоҕо сыах арыйарбыт сатаммата буолуой диэн толкуйдуу сылдьабын.

— Былырыын норуот маастара ааты ылбытыҥ, бу улахан үлэ түмүгэ буоллаҕа.

— Манна эмиэ бэйэтэ туспа ирдэбиллэрдээх, биллэн турар, хас даҕаны сыллаах үлэм түмүгэ буоллаҕа. Улахан эппиэтинэһи сүктэрэр.

Култуура департаменын кытары үлэлэһэн былырыын «Оҕо Дьулаах Бухатыыр» дьоруойдарын көстүүмнэрин тикпиппит. Ол көстүүмнэрбит дьон улахан биһирэбилин ылбыттара.

Дьиҥинэн, түүлээх таҥаһы, саҥыйаҕы, унтууну, бэргэһэни тигэбин, халыҥ таҥас тигэргэ эмиэ үөрэммитим, оҕуруо тиһиэхпин, баайыахпын сөп. Дьиэ кэргэн альбомун, блокнот оҥорорго эмиэ маастар-кылаастары ыыта сылдьыбыттааҕым. Ол эрэн бэйэм санаам сытара – таҥас тигиитигэр эбит. Ол иһин дьону үөрэтэрбэр эмиэ бу хайысханы талбытым.

— Эйиэхэ үксүн кимнээх үөрэнэ кэлэллэрий?

— Араас дьон. Оскуола оҕолоро кытары сылдьаллар, дьиэ кэргэнинэн – ийэ кыыһынаан кэлиэн сөп. Үйэлэригэр иистэнэр массыына диэни тутан көрбөтөх кыргыттар кэлэн халадаай тиктэн бараллар. Биир үөрэнээччим кууруспар сылдьан баран дьиэ кэргэнин барытын таҥыннарбыт этэ ыһыахха, көрөргө-истэргэ астык. Онон бастаан куттаммакка саҕалыахха эрэ наада дии саныыбын. Хас биирдии ийэ иискэ базовай билиилээх буолуохтаах. Оҕолоругар, дьонугар маскарааттарын, ансаамбылга сылдьар буоллаҕына көстүүмүн, кэргэнигэр үтүлүк, кээнчэ тигэри сатыахтаах.

Миэхэ билигин бэлэм халадаай, камзол, дьууппа, бүрүүкэ, платье, свитшот уонна куппай сон бэлэм куурустара бааллар. Баҕалаахтар хаһан баҕарар кэлэн үөрэниэхтэрин сөп.

Киһи баарын тухары таҥас-сап баар, уларыйар. Иискэ базовай билиилээх киһи бэйэтин моһуонугар сөп түбэһэр таҥаһы тиктэн кэтэрэ барыыстаах даҕаны, көстүүтэ даҕаны үчүгэй буолар. Онон Юлиана Павлова баҕа санаата олоххо киирэн олохтоох оҥорон таһаарар сыах арай улууспутугар баар буолан, куурустарга сылдьан иискэ сыстан бэйэтин, дьонун таҥыннарбыт дьахталлар үксээн бардахтарына төһөлөөх абыраныа этибитий.

 

Лена Петрова