Алтынньы 19 к. Октябрьскай нэһилиэгэр аспаалламмыт Теленков уул. аһыллыытын үөрүүлээх сиэрэ-туома ыытылынна. Кэрэ-бэлиэ тэрээһиҥҥэ улуус баһылыга Алексей Иннокентьев, улуус Сүбэтин бэрэссэдээтэлэ Нюргуяна Михайлова, ИСУ салайааччыта Константин Иванов, нэһилиэк баһылыгын солбуйааччыта Александра Иванова, «РИК Автодор» Ньурбатааҕы филиалын үлэһиттэрэ, нэһилиэк олохтоохторо уо.д.а. кытыннылар. Элбэх эҕэрдэ-махтал тыллара этилиннэ, үлэлэспит дьоҥҥо наҕараадалар туттарылыннылар.
Улуус баһылыга Алексей Иннокентьев Саха сиригэр бастакынан Ньурба улууһугар тыа нэһилиэктэрин уулуссаларын аспааллааһыҥҥа олоххо киллэриллэр пилотнай бырайыагы СӨ Суол фондатыттан ирээттэһэн үбүлээн өйөөбүт биир дойдулаахпыт, СӨ тырааныспарын уонна суол хаһаайыстыбатын миниистиригэр Владимир Сивцевкэ, манна үлэлэспит ИСУ салайааччыта, И.Д.Теленков сиэн быраата Константин Ивановка, «РИК Автодор» Ньурбатааҕы филиалын үлэһиттэригэр истиҥ-иһирэх махталын тиэртэ, тэрилтэ гендириэктэрин солбуйааччыта Сергей Никифоровка анаммыт эҕэрдэ суругу уонна бэлэҕи туттарда.
Аалай лиэнтэни Алексей Иннокентьев, Нюргуяна Михайлова, Александра Иванова, Константин Иванов, АТП дириэктэрэ Александр Потапов уонна «РИК Автодор» Ньурбатааҕы филиалын аспаал-бетон собуотун салайааччыта Владислав Васильев быһа кырыйдылар. Дьон үлүскэн үөрүүтүн ортотугар аспаалламмыт уулуссанан бырааһынньыктыы саарыктарынан симэммит массыыналар айаннаатылар.
Быйыл «РИК Автодор» АУо Ньурбатааҕы филиалын үлэһиттэрэ Ньурбачааҥҥа 1200 м усталаах П.Николаев уонна Антоновкаҕа 900-тэн тахса м усталаах Теленков уул. аспааллааан оҥордулар. Улууспут номоххо сылдьар олохтооҕо, «Ньурба» сопхуос бастакы дириэктэрэ, аатырбыт мелиоратор Илья Теленков төрөөбүтэ 110 сылын көрсө, кини аатын сүгэр нэһилиэк биир киин уулуссата кытаанах бүрүөһүннэнэн, нэһилиэк тымыр уулуссаларынан эргиччи сырыы олохтонно.
Геннадий Антонов