Ньурба к. маастар-былаанын, «Уһук Илиҥҥэ 1000 тиэргэнэ» федеральнай бырайыакка кыттыыны дьүүллэстилэр

Сэтинньи 17 к. Ньурба к. Сергей Васильев аатынан култуура уонна сынньалаҥ пааркатын павильонугар Ньурба к. маастар-былаанын уонна «Уһук Илиҥҥэ 1000 тиэргэнэ» федеральнай бырайыакка кыттыы туһунан кэпсэтии ыытылынна. Дьокутааттар, түөлбэ салайааччылара, актыбыыстар, ыччаттар кытыннылар. Тэрээһини Ньурба к. уопсастыбаннай эйгэлэрин сайыннарар дириэксийэ салайааччыта Саргылана Седалищева салайан ыытта.

«Номадо» архитектурнай бюро архитектора Анку Гасич куйаар ситиминэн Ньурба куорат кодун (архитектура өйдөбүлэ) үөрэтэн, ырытан оҥорбуттарын билиһиннэрдэ. Төрөөбүт дойдубут историятын, куорат түөлбэлэрин уратыларын үөрэтэн, Ньурба ураты өйдөбүллээх 9 ытык бэлиэлэригэр  олоҕуран саҥалыы код оҥоһуллубут. Бүлүү өрүс, Аар Хатыҥ, алмаас, номох буолбут төрүппүт Ньырбакаан уо.д.а. киирбиттэр. Ньурба куораты тупсаран оҥорууга олохтоохтор ортолоругар ыытыллыбыт ыйытык түмүктэрин билиһиннэрдилэр. Кэпсэтиигэ кыттыбыт дьон Ньурба уратыларын, историятын толору биэрэр куорат кода наадатын бэлиэтээтилэр. Сыл бүтүөр диэри Ньурба куорат кода оҥоһуллан бүтүөхтээх.

Салгыы Ньурбаҕа «Уһук Илиҥҥэ 1000 тиэргэнэ» федеральнай бырайыакка кыттыы туһунан дьүүллэстилэр. Бу федеральнай бырайыак дьиэлэр тиэргэннэрин тупсаран, дьон олорор эйгэтин дьоҥҥо табыгастаах оҥорор аналлаах. Олохтоохтор Салайар хампаанньалары кытта бииргэ тугу баҕаралларын учуоттаан оҥоһуллар. Эрдэ Ньурба куорат Энергетик кыбаарталыгар, уруккута «Весна» маҕаһыын (билиҥҥинэн архыып дьиэтин) кэннигэр дьон сынньанарыгар аналлаах тиэргэн тупсарыллан оҥоһуллан турар.

Дьиҥэ, мунньахха киһи элбэх кэлбитэ буоллар, өссө үчүгэй буолуо эбит. Куорат олохтоохторугар «Уһук Илиҥҥэ 1000 тиэргэнэ» федеральнай бырайыакка кыттарга ыйытык оҥорбуттар: Энергетик 71 №-дээх дьиэтин, Манчаары уул. 2/1 уонна 2/2 №-дээх дьиэлэрин, Пинерскай уул. 67 №-дээх дьиэтин тастарын тупсаран оҥорор туһунан. Итинтэн биирэ талыллан проектнай-сметнай документацията оҥоһуллан федеральнай куонкуруска кыттыахтаах.

Геннадий Антонов

Читайте дальше