Ньурба куорат бырааһынньыгыттан сүргэм көтөҕүлүннэ

Ааспыт субуотаҕа тапталлаах Ньурбабыт куоратын 26-с төрөөбүт күнэ үөрүүлээх быһыыга-майгыга ыытылынна. Дьон бары олус сүргэтэ көтөҕүллэн бырааһынньыктаан тарҕаста.

Араас тэрээһиннэр тиһиги быспакка ыытылыннылар: үлэ дьонун, эргэ хаартыскалар быыстапкалара, бэйэ илииннэн оҥоһук оҥорооччулар, аныгы VR/AR куоталаһыы, ыччаттарга брэйк-данс маастар-кылааһа, урукку муода көрдөрүүтэ – бу барыта интэриэһинэй буолла. Онтон саамай элбэх дьону Ньурба куорат түөлбэлэрин олохтоохторун кэнсиэрэ, хоһуун-хоодуот эр бэртэрин күрэхтэһиитэ тарта. Улуус баһылыгын солбуйааччыта Семенов Василий Николаевич эҕэрдэтэ, куорат мээрэ Игнатьев Геннадий Васильевич «Куорат Бочуоттаах Олохтооҕо» ааттары  туттарыыта долгутуулаах буолла.  Сарсыарда өттүгэр тыа хаһаайыстыбатын оҥорон таһаарааччыларын дьарбаҥката ыытылынна. Манна куораппыт олохтоохторо ас-үөл арааһын атыыластылар.

Эбиэт кэннэ ыалдьыттарга итии ис миинин иһэртилэр. Киэһээ өттүгэр эстрада артыыстарын кэнсиэригэр элбэх дьон тоҕуоруста.
Мин бу тэрээһиҥҥэ сылдьаммын өрүү да буоларын курдук астынным, дуоһуйдум. Ньурба куорат сайда-үүнэ турарыттан киһи эрэ үөрэр уонна киэн туттар. Сергей Васильев аатынан пааркабыт дьону куруук үөрэ көрсөр, аана өрүү аһаҕас. Киэһээҥҥи кэнсиэри сэргээтим, сөбүлүүр ырыаһыттарбын истэн сүргэм көтөҕүлүннэ. Элбэх билэр дьоммун кытары ирэ-хоро кэпсэттим. Оннооҕор оройуоммут Аҕа баһылыга Алексей Михайлович кэнсиэр көрө сылдьарын көрүстүм. Бары да салалта үөрэ-көтө, дьону-сэргэни кытары сылдьалларыттан олус үөрдүм уонна махтана санаатым. Кинилэр дьон туһугар диэн бу бэртээхэй тэрээһини тэрийдэхтэрэ. Дьэ бу курдук, аламай күһүҥҥү субуота Ньурбабыт куоратын Күнэ ыытылынна.

Анжелина Жданова, «Ыллык» пост, Хаҥалас