Быйыл Арассыыйаҕа Дьиэ кэргэн уонна Саха Өрсөпүүбүлүкэбитигэр Оҕо сылларыгар анаан Мэҥэдьэктээҕи «Сарыал» уһуйаана кэнсиэринэн бу сылы саҕалаата.
Дьиэ кэргэн дьоло- оҕо, дьиэ кэргэн сүрэҕин чопчута- оҕо. Уһуйаан улахан, орто бөлөҕүн оҕолоро иитээччилэрин, уһуйаан үлэһиттэрин кытта ыллам ырыа эгэлгэтин, хомоҕой хоһоон, үҥкүү-битии кэрэтин бу киэһэ бэлэхтээтилэр. Оҕолорбут барахсаттар олус кыһаллан кытыннылар, иитээччилэрин кытта хоһоон аахтылар, сыаҥкалаан да турдулар.
Куруук инники күөҥҥэ сылдьар иитээччилэрбитигэр төрөппүттэр ааттарыттан ис-сүрэхпититтэн махтанабыт. Биһиги көмүс чыычаахтарбытын иитэн-үөрэтэн, сатабылларын, дьоҕурдарын сайыннаран, күннэтэ истиҥ сылаас сыһыаҥҥытынан көрсөргүтүн биһиги убаастыыбыт, сыаналыыбыт.
Дьиэ кэргэҥҥитигэр дьол-соргу уйаланнын, оҕолорго тапталгыт күннэтэ күүһүрэ турдун!
Матрена Габышева, Мэҥэдьэк