Фруктаттан, сир аһыттан, минньигэстэн уонна да атынтан композициялар – аан дойдуга улаханнык сайдан иһэр флористика саҥа хайысхата. Бэрт тупсаҕайдык-кэрэтик көстөр уонна минньигэс букеттар дьэрэкээнник сааһыламмыт сибэкки кэрэтин хараҕы сылаанньыта көрөргө эрэ буолбакка, маны минньигэстик сиир дьоҥҥо аналлаахтар. Саҥаҕа-сонуҥҥа өссө эбии саҥаны киллэрэн үлэлии сылдьар киһинэн биһиги биир дойдулаахпыт, Ньурба куорат олохтооҕо Евгения Спиридонова буолар.
Мин кинини кытта СӨ Бырабыыталыстыбатын Бэрэссэдээтэлин солбуйааччыта Георгий Степанов кыттыылаах зональнай сүбэ мунньах чэрчитинэн Ньурба тыйаатырыгар быыстапкаҕа кэлэн кытта турдаҕына көрсөн кэпсэппитим.
Евгения Спиридонова дьиэ кэргэнин кытта фуд-букекка үлэлээбитэ 3-с сылыгар барда. Бастаан букетыгар сибиэһэй фрукталары кытта шоколады булкуйан сиэнэр букеттары оҥороро. Дьон ону хамаҕатык атыылаһара. Ким эрэ кэрэ-бэлиэ түгэннэргэ остуолу киэргэтээри ылара, ким эрэ күндүтүк саныыр доҕоругар, тапталлааҕар сюрприз гынара. Кэлин Евгения Спиридонова саҥа бородууксуйаны оҥорууга ылыста.
«Соторутааҕыта сувенирнай бородууксуйаны оҥорон саҕалаатыбыт, — диэн кэпсиир кини. – Хаҥаласка баар «Бэйэ туойа» мастарыскыайы кытта бииргэ үлэлэһэн, сувенирнай бородууксуйаны оҥоробут. Мин кинилэртэн туой көмүлүөктэрин атыылаһабын. «Сделано в Нюрбе» диэн мастан Ньурба коробкатын оҥордубут. Сыаната – 10 тыһ. солк. Онно 6 устуука араас сир аһыттан барыанньа, ыраастанар нобуор (туой көмүлүөктээх, кытыаннаах, сиэллээх), магнитка уонна чэй нобуора киирэр. Итинтэн кыра соҕус нобуор эмиэ баар, 3500 солк. сыаналаах. Онно ыраастыыр нобуор (сиэл, кытыан) уонна дьэдьэн, малина барыанньата киирэр. Ыраастанар нобуору туспа эмиэ атыылыыбыт, онно туой көмүлүөк уонна сиэл, кытыан баар, сыаната 2 тыһ. солк.
Үлэбин саҕалыырбар социальнай хантараагынан социальнай көмүскэл управлениетын нөҥүө 250 тыһ. солк. ылбытым. Социальнай хантараак — бэйэ дьыалатын тэринэн саҕалыырга уонна сайыннарарга дьоҥҥо дьоһуннаах көмө эбит.
Ньурбаҕа клубника олордуутунан дьарыктанар Егор Николаевич Егоровка тиийэн теплицатын көрбүппүт, улаханнык кэрэхсээн сүбэ-ама ылбыппыт. Былырыын улууска Норуот көҕүлээһиннэрин сылыгар клубника үүннэрэргэ бырайыак суруйан көмүскээн, улуустан 400 тыһ. солк. ылбыппыт. Ол үбүнэн билэр дьоммутугар, Хаҥалас нэһилиэгин уолаттарыгар, 15х7 миэтирэ иэннээх теплица туттарбыппыт. Онон улууспут салалтата биһиэхэ улаханнык көмөлөстө.
Миэхэ үлэбэр улахан көмөнү ийэм Наталья Никитична оҥорор. Ийэбин кытта клубниканы олордубуппут быйыл номнуо иккис сыла. Эрдэ куораттан клубниканы сакаастаан аҕалтаран сиэниллэр букет оҥорор буоллахпытына, билигин букекка бэйэбит үүннэрэр клубникабытын туттабыт. Сиэниллэр букеппыт сыаната 2000 солк. саҕаланар.
Клубниканы ыам ыйын бүтүүтэ олордон баран от ыйыттан отонун хомуйан барабыт. Былырыын теплицабытын сэтинньигэ диэри үлэлэппиппит. Быйыл даҕаны оннук гынар былааннаахпыт. Тымныы кэмҥэ теплицаҕа оһох туруоран оттон сылытабыт. Тымныйдаҕына клубника ордук бөдөҥүүр, элбэх аһылыгы биэрэр эбит.
Клубника көрүҥэ кэрэтин, минньигэһин аанньа, бэйэтэ эмиэ сол курдук элбэх көрүүнү-истиини эрэйэр. Анал холодильниктаахпыт, онно хомуллубут клубника +6 кыраадыска 3-4 күн хаачыстыбатын сүтэрбэккэ сытар. Клубника үүннэриитин туһунан билиибин-көрүүнэн кэҥэттэн, маастар-кылаастарга уонна куурустарга үөрэнэбин, Ютубу көрөбүн, соҕуруунан элбэх куораттарга тиийэ сырыттым. Дьонум миигин өйүүллэр, өйдүүллэр. Инникитин клубниканы сылы эргиччи үүннэриэхпитин, бэйэбит бородууксуйабытын атыылыырга маҕаһыын астыахпытын баҕарабыт».
Кэрэхсэбиллээх дьарыктаах, саҥа-сонун хайысхаҕа ылсан үлэлии сылдьар Евгения Спиридоноваҕа инники былааннара ситиһиилээхтик олоххо киирэригэр баҕарабын.
Геннадий АНТОНОВ.