Ньурба оройуон  «Саамай ааҕар оройуон» бастыҥ наҕарааданы тутта!

Олунньу 9 күнүгэр, Дьокуускай куоракка, «Айардыын бииргэ» 2023 сылы түмүктүүр тэрээһин үөрүүлээх чааһа буолан ааста.Тэрээһиҥҥэ Ньурбатааҕы кииннэммит бибилэтиэкэ ситимин салайааччыта Анна Витальевна Багмет кыттыыны ылла уонна үһүс төгүлүн «Саамай ааҕар оройуон»  үрдүк наҕарааданы үөрүүлээх быһыыга-майгыга тутта.

Бу наҕарааданы С.А. Новгородов аатынан «Айар» кинигэ национальнай кыһата Саха Өрөспүүбүлүкэтин тыллар сайдыыларыгар боппуруостар салалталарын кытары олохтообуттара.
Ньурба оройуонун бары олохтоохторун, кинигэни кытары доҕордоһор дьоммутун бу үрдүк наҕарааданан эҕэрдэлиибит! Хас биирдии Ааҕар балаҕан ыалдьыта, сахалыы кинигэни таптаан ааҕар, атыылаһан мунньар, ыччатыгар тириэрдэр улууспут олохтооҕо ситиспит ситиһиитэ буолар диэн киэн тутта этэбит.

Өссө биир бэлиэ түгэнинэн Анна Витальевнаҕа «За вклад в развитие национального книгоиздания» бэлиэни туттардылар. Анна Витальевнаны итиитик-истиҥник эҕэрдэлиибит, өссө да ситиһиилэр сиэтиһэн кэлэн истиннэр, үлэлиир үлэҥ үтүө түмүктэрдээх буола турдун!

Култуура департаменын сырдатар-иһитиннэрэр салаата