Ньурбатааҕы судаарыстыбаннай көһө сылдьар дыраама тыйаатырыгар Сомоҕолоһуу күнүн көрсө сэтинньи 4-с чыыһылатыгар «ҺӨҔҮҤ» диэн саҥа испэктээги көрдөрүөхтэрэ. Сүрэхтэнээри турар испэктээккэ сүрүн оруоллары театр саҥа артыыстара – М.С. Щепкин аатынан үрдүкү театральнай институт алтыс саха студиятын быйыл бүтэрэн кэлбит оҕолор оонньуохтара. Саха тылын харыстыыр ис хоһоонноох пьесаны «Айыы кыһатын» 11 кылааһын үөрэнээччитэ Анжелина Ильина суруйда. Драманы театр сүрүн режиссера Алгыс Макаров-Сиэн Мөрөс туруорда. Кини тирээн турар кыһалҕаны таарыйар пьесаны сыанаҕа туруоруу олус интэриэһинэйин бэлиэтиир. Онтон пьеса ааптара «Айыы кыһатын» 11 кылааһын үөрэнээччитэ Анжелина Ильина бу оскуоланы бутэрэр айар үлэтэ буолар. Кинини кытта Улус.Медиа корреспондена кэпсэттэ.
— Анжелина, бу пьесаны суруйууга бастакы холонууҥ дуо? Чуолаан саха тылын сайыннарыы, дорҕооннору үйэтитии тиэмэтин хайдах таллыҥ?
— «ҺӨҔҮҤ» мин бастакы пьесам буолар. Аныгы кэм — сыыппара үйэтэ. Билигин социальнай ситим түргэнник сайдан, ол содулугар төрөөбүт тылбыт сүтэр кутталланна. Дьон үксэ төрөөбүт тылбытынан суруйбат, саҥарбат, сахалыы дорҕооннору туттубат буолан эрэр. Онон, “хайа баҕар омук сайдар кэскилэ — төрөөбүт тыла” диэн санаанан салайтаран бу тиэмэни сайыннардым.
— Эн санааҕар, бу биэс сахалыы дорҕоон төрөөбүт тылбытыгар симэлийбэккэ, салгыы туттулла турарын хайдах ситиһэбит?
— Хас биирдии оҕо, ыччат төрөөбүт тылынан күн аайы кэпсэттэҕинэ, сахалыы аахтаҕына, сахалыы сириибинэн суруйустаҕына эрэ төрөөбүт тылбытын харыстыахпыт. Киһи төһө да атын омук тылын үөрэппитин, баһылаабытын иһин, төрөөбүт тылын умнуо суохтаах. Балысхан сайдыы кэмигэр тылбытын харыстаан, үйэтитэргэ кыһаныахтаахпыт.
— Пьесаны суруйууга туох уустук баарай? Ким сүбэ-ама буолла?
— Араас уустук баар этэ. Мин көрбүт испэктээкпин ырытарга холонобун, пьесалары ааҕабын, тэҥнээн көрөбүн. Оттон бэйэ суруйара ыарахан эбит. Сонун санааны суруйан таһаарарга чочуйуу наада дии саныыбын. Миэхэ бу үлэбэр күүс-сүбэ буолбут киһим ийэм буолар.
— Эн пьесаҕынан Саха сирин биир биллэр-көстөр, тарбахха баттанар тыйаатырыгар испэктээк турда. Маныаха эн санааҥ? Режиссеры кытта хайдах үлэлээтигит?
— Ньурба судаарыстыбаннай дыраама театра пьесаҕын туруорабыт диэбитигэр олус соһуйбутум. Билигин да ситэ итэҕэйбэккэ сылдьабын. Маннык түгэн мөлүйүөнтэн биир буолуо… Режиссер Алгыс Юрьевиһы кытта ыраахтан сибээстэһэн үлэлээтибит.
— Саха литературатыттан Н.Якутскай, П.Ойуунускай, В.Никифоров-Күлүмнүүр айымньыларын кэрэхсиибин. Онтон нуучча классиктарыттан М. Горькайы, Ф. Достоевскайы ордорон ааҕабын. Сөбүлүүр айымньым — «Преступление и наказание», испэктээгим — Сергей Потапов туруоруутугар «Ойуур» буолар. Ону тэҥэ Андрей Борисов Луиджи Пиранделло айымньытынан туруорбут «Театрга буолбут түбэлтэ” диэн испэктээгин сэргээбитим.
— Оскуола кэннэ ханнык идэни баһылыаххын баҕараҕын?
— Тыйаатыр кириитигэ буолар санаалаахпын.
— Анжелина, тыйаатырга интэриэс хаһааҥҥыттан үөскээбитэй?
— Аан маҥнай алын сүһүөх кылааска үөрэнэ сылдьан «Хаарыан хампа күөх кытылым» диэн испэктээги Саха тыйаатырыгар көрбүтүм. Онтон ыла тыйаатыры таптаабытым. Толкуйдатар ис хоһоонноох туруоруулары сөбүлүүбүн. Айымньыны ааҕан баран режиссер толкуйун таайа сатыыбын. «Театрга буолбут түбэлтэ» туруорууну сырыы аайы саҥаттан көрөбүн. Сергей Потапов туруорууларын көтүппэт буола сатыыбын. Быйыл Ньурба тыйаатырын «Этиҥ» испэктээгэр сылдьан эмиэ элбэх саҥаны билбитим.
«ҺӨҔҮҤ» испэктээк саха тылын харыстыыр, чөл хаалларар, сайыннарар суолталаах буолан тыйаатыр репертуарыгар чиҥник киирэн, киэҥ инникилээх, ыччаты уһуйа, толкуйдата турарыгар баҕарабыт.
∗∗∗
«ҺӨҔҮҤ» бырайыагы 2022 сыллаахха СӨ национальнай библиотекатын үлэһиттэрэ уонна «Культура Якутии» айар холбоһук кыттыылаахтара көҕүлээбиттэрэ. «һ», «ө», «ҕ», «ү», «ҥ» диэн биэс сахалыы дорҕоон күннээҕи тылга умнуллубакка, нууччалыы буукубаларынан солбуллубакка туттулла туруутугар уопсастыбаннас болҕомтотун тарпыттара. Библиотека тиэргэнигэр «ҺӨҔҮҤ» диэн бөдөҥ буукубаларынан суруйбуттара. «Тундра» диэн анимация студията тэттик видео устубута. Маны таһынан быыстапка-күрэх ыытыллыбыта.
Туруорууга ҺӨҔҮ диэн түөрт персонаж төрөөбүт дойдуларыттан тэйэн, тас сиргэ саҥа олоҕу саҕалыыллара көстүө. Онтон кинилэр доҕордоро Ҥ дойдутугар хаалан дьон кининэн туттубат буолбутуттан сылтаан ускул-тэскил сылдьара ойууланыа. Испэктээккэ сахалыы дорҕооннор инники дьылҕалара, аныгы технологияны, нейро-ситими, искусственнай өйү кытта утарыта туруулара арыллыаҕа.