Сыллата улууска тыа хаһаайыстыбатын идэ оҥостубут дьоммут идэлээх бырааһынньыктарын сэтинньи бүтүүтүгэр, сырыы-айан аһыллыбыт кэмигэр бэлиэтииллэр. Ол быһыытынан сэтинньи 30 к. Ньурба к. «Кыталык» КД-гар ас-үөл дьаарбаҥката ыытылынна.
Сыл баччатыгар диэри сорох дьон этин хаһааммыт буолан эбитэ дуу, эт атыытыгар урукку курдук халыҥ уочарат суох, арай убаһа этэ туох-хайа иннинэ атыыланан бүттэ. Оттон улахан сылгы уонна ынах этэ иһирдьэ-таһырдьа хойукка диэри атыыланна.
Ас-үөл сыаната даҕаны араас: ынах этэ 550-700 солк., ис – 400-550 солк., убаһа уонна улахан сылгы этэ – 650-700 солк., ынах арыыта – 1200 солк., хаан – 300-500 солк., быар – 500 солк., 1 кг отон – 350 солк. (биир биэдэрэтэ – 1500 солк.), 0,5 л сүөгэй – 450 солк., 250 гр. чохоон -– 250 солк., Хорула собото – 350 солк. уо.д.а. Биир эмэ куобах көстөр, сыаната – 1500 солк.
Саамай элбэх атыылаһааччылааҕынан аканалар астара-үөллэрэ буолла. Аканалар эт, ис ыйаан илиилэрэ биир кэм элэҥнэс, уочарат син сулбу сыҕарыйар. Тыа хаһаайыстыбатын исписэлииһэ Валерий Торохов кэпсииринэн, «Саха сүөһүтэ» ГКП Аканатааҕы отделениетыттан балтараа сүөһү этин (аттаммыт эдэр оҕус) уонна иһин сууйан-кырбаан киллэрбиттэр. Эт — 1 кг 850 солк., быар – 600 солк., итир – 450 солк., хаан – 650 солк. уонна тыл – 850 солк. атыыланна.
«Эт быыстаах сыа, — диир Валерий Торохов. – Киллэрбит аспыт эбиэккэ диэри атыыланан бүтүөх курдук. Билигин Чкаловтааҕы отделениеҕа 140 саха сүөһүтүн кыстатан турабыт, быйыл 20-тэн тахса ынах төрөөбүтэ. Соҕотуопкаҕа 10 төбөнү өлөрбүппүт».
Агро-оскуолалар атыылара истиэндэлээх буолан ала-бэлиэтик көстөр. Хаҥалас орто оскуолатын омук тылын учуутала Наталья Жданова: «Агро-оскуола буоларбыт быһыытынан сылын аайы дьаарбаҥкаларга көхтөөхтүк кыттабыт. Ынах сүөһү уонна сылгы иитэбит, онон бэйэбит бородууксуйабытын киллэрдибит. Бүгүн сүрүннээн ынах этиттэн аҕаллыбыт, этиттэн ойоҕоһун араарбыппыт, итиэннэ хаан, ис, быар киллэрдбит. Дьон бэс туораҕыттан оҥоһуллубут настойкабытын сэргээтэ. Оҕолор куруһуокка сылдьан дьарыктаналлар, сайын лааҕырга бэс ыйын саҥатыгар бэс туорахтарын адьыр эрдэҕинэ хомуйаллар. Бэйэтин уутугар саахардаан туруордахха настойка буолар, күөмэй ыарыытыгар эҥин туһалаах».
Н.Н.Чусовской аатынан Антоновка орто оскуолатын производственнай үөрэхтээһинин маастара Саргылана Фокина: «Кыһыҥҥы теплицабытыгар үүнэ турар күөх луукпутун, сибиэһэй хаппыыстаны, борщ туматын, бэйэбит сибиэһэй натуральнай мүөппүтүн, барыанньа арааһын, ол иһигэр бэйэбит үүннэрбит клубникабыт, дьэдьэммит барыанньатын, куурдар аппараты туһанан куурдубут араас амтаннаах чэйдэрбитин, медовай чүмэчилэри уонна арчылыыр нобуордары аҕаллыбыт.
Көтөр фабрикатын иллээх-үлэһит кэлэктиибэ кууруссаттан саха санаабытын барытын астаан остуолга көрдөрүүгэ уурбуттар. Технолог Айыына Никифорова кэпсииринэн, фабрикаҕа 49700 куурусса баар, күҥҥэ 127-128 дьааһык (биир дьааһыкка 360 сымыыт киирэр) сымыыт тахсар. Тэрилтэҕэ 40 киһи үлэлиир. Сымыыт ылыытын былаан туолан иһэр. Бу сыл 11 ыйыгар былааннаах 10174410 устуука сымыыт оннугар, 10955278 сымыыт ылыллыбыт (107,6%). Сымыыт тахсыытын былаана (243) 102,4% туолбут. Тэрилтэ сымыытын Ньурбаҕа уонна таһынааҕы Бүлүү улуустарыгар эрэ буолбакка, суол баар кэмигэр Дьокуускайга, Ленскэйгэ, Өлөөҥҥө, Эдьигээҥҥэ уонна Мэҥэ Хаҥаласка ыытан батарар.
Бу курдук дьон дьаарбаҥкаҕа сылдьан сөбүлээбит аһылыгын атыылаһан хаһаанна.
Геннадий Антонов