Ааспыт нэдиэлэҕэ Кыталыктаахха Виталий Васильев бирииһигэр атах оонньуутугар күрэхтэһии уонна «Бүлүү Кубога» ат сүүрдүүтүн кэмигэр ас-үөл атыыта тэриллибитэ. «Байар» кэпэрэтиип үүт астан бородууксуйатын эмиэ киллэрэн атыылаабыта, саҥа ас көрүҥүн дегустациялаппыта.
Кэпэрэтиип толорооччу дириэктэрэ Надежда Филиппова оҥорор астарын арааһын элбэтэн иһэллэрин иһитиннэрбитэ.
«Урукку сылларга 12 араас бородууксуйаны оҥорор буоллахпытына, быйыл эбии 3 бородууксуйаны оҥордубут, — диэтэ Надежда Геннадьевна. — «Прохлада» диэн утаҕы ханнарар утаҕы иэдьэгэй уутун оргутан оҥордубут. Доруобуйаҕа эргиччи туһалаах, кальций, магний уо.д.а. битэмииннэрдээх. Оҕолор астарын рационнарыгар киллэртэрээри, минньигэс гынныбыт.
Биһиги йогурт астыырбытыгар Новосибирскайтан натуральнай барыанньалары аҕалан туттабыт. Саҥа утахпытыгар онтон киллэрэн биэрдибит. Ити аһылык көрүҥүн сахалыы ымдаан диэххэ сөп. Ымдаан рецебин саҥардан, тохсунньу ыйтан технологтарбыт ырытан оҥорон, бары документациятын, сертификациятын тутан олоробут. Атыыга таһаарбыппыт 3-с нэдиэлэтэ буолла. Дьон итини ситэ билбэккэ-өйдөөбөккө сылдьар быһыылаах. Баҕар, утах аатыгар сыыспыппыт буолуо, ол иһин аатын аллара өттүгэр ымдаан диэн суруйан биэриэхпитин наада быһыылаах.
Иккиһинэн, чакка диэн кисломолочнай Орто Азия бородууктатын оҥоробут. Итини соуска тутталлар, састаабыгар эмиэ кальций, магний уо.д.а. баар. Холобура, элбэх эми иһэн эмтэммит кэннэ дьон «Линекс» иһэн очоҕоһун ыраастанар дии. Үүт ас: суорат, «Бифилюкс», кефир, «Прохлада» утах, чакка эмиэ киһи куртаҕын-очоҕоһун ыраастыыллар. Чакка 2 көрүҥнээх, биирэ көннөрү кисломолочнай бородуукта, иккиһэ – күөх үүнээйиттэн тумалаах уонна туустаах. Килиэби кытта сииргэ бэртээхэй.
Итиэннэ курут диэн эмиэ кисломолочнай Орто Азия аһылыга баар. Ол чаккабытын ылан биир остолобуой ньуосканан ууга суурайдахха, курут буолар. Хойуу, 250 грамнаах иһиттээҕэ сыаната 50 солк.
Аны мороженай оҥорорго ылсан эрэбит. 6%-наах сүөгэйтэн оҥоһуллар, сертификацията саҥа кэллэ. Кэлэр нэдиэлэттэн атыыга таһаарыахпыт.
Үүт аһылыгы төһө кыалларынан тобоҕо суох астыыр уонна аспыт арааһын элбэтэр инниттэн, итинник ас-үөл араас көрүҥүн оҥорорго дьулуһабыт. Итиэннэ саҥа астаммыт бэйэ аһылыга минньигэс да буоллаҕа. Хантан эрэ ыраахтан өр харайыллар гына астаммыт бородуукта курдук буолбатах. Биһиги бородууксуйабыт «суперпастеризацияны» ааспат, хараллар болдьоҕо даҕаны кылгас, онон сибиэһэйдии атыыланар. Бородууксуйабытын сылы эргиччи астаан атыылыырга бэлэммит. Үөрэх тэрилтэлэригэр ас-үөл 11 көрүҥэр коммерческай этиилэрбитин, бородууксуйаларбыт ойуулааһынын уонна сертификациятын тиксэрбиппит».
Геннадий АНТОНОВ.