Ньурбаҕа «Көмүскэл» иис сыаҕар үлэ күргүөмнээхтик барар

Анал эпэрээссийэҕэ сылдьааччыларга анаан «Көмүскэл» иис сыаҕа өрөбүлэ суох тохтообокко үлэлиир. Анал эпэрээссийэҕэ барыахтаах сакааһы тигиигэ нэһилиэктэртэн, куорат тэрилтэлэриттэн уонна биирдиилээн  ийэлэр, эбээлэр, эдэр кыргыттар  көмөҕө турунан,  УАЗ массыынаҕа анал маскировочнай сиэккэ тигиитигэр  күргүөмүнэн кэлэн кыттыыны ылан, сакаас бириэмэтигэр аналлаах сиргэ барбыта.

— Быйыл  40-тан тахса анал эпэрээссийэҕэ  аналлаах  таҥастары  уонна туттарга аналлаах маллары:вещмешоктары,  аптечкалары, олорор  олбохтору, плащ-накидкалары, сайыҥҥы  көстүүмнэри, панамкалары уо.д.а. тиктибит.

Сыах иистэнньэҥнэрэ сотору кэминэн айанныахтаах УАЗ массыынаҕа маскировочнай  сиэккэ таҥаллар. Кэлин флис матырыйаалтан кууркалары, халыҥ  худи толстовкалары тиктибит.

Анал байыаннай эпэрээссийэҕэ сылдьааччылар дойдуларыгар уоппускаҕа кэллэхтэринэ

«Көмүскэл» иис сыаҕар таарыйан ааһаллар, тус бэйэлэрин, доҕотторун ааттарыттан махталларын тиэрдэллэр, туох тиийбэтин этэллэр. Соторутааҕыта сапер уол  анал  көстүүм уонна плащ-накидка сакаастаан тиктэрдэ. Эр дьоннор айаҥҥа тутар суумкаҕа наадыйалларынан, урукку палаатканан анал сакааһынан суумка тиктибит. 50х50 араамаҕа  шлём таһынан кэтиллэр маскировочнай сиэккэ оҥоһуллуохтаах.

Дрону утары анал бүрүөһүннээх таҥаһы улуус дьаһалтата  сакаастаан аҕалбыта. Бу күннэргэ нэһилиэнньэттэн туттуллубат балааккалар, бириһиэннэр, туттуллуон сөптөөх илимнэр наадалар.

Түгэнинэн туһанан «Күндээдэ» нэһилиэк МТ  (Яков Евгеньевич Замятин), «Алмаасэргиэнбаан» Ньурбатааҕы  эбии офиһын салайааччыта Изабелла Георгиевна Гуляева, Ньурба 2 №-дээх уонна Антоновка орто оскуолаларын үөрэнээччилэрэ уонна биирдиилээн дьон көмө оҥорбуттарыгар «Көмүскэл» иистэнэр сыах аатыттан махталбын тиэрдэбин.

Манан үлэ тохтоон хаалбат, эбии анал сакаастар киирэллэринэн  салҕанан барар. Улууспут дьоно  күүс-көмө, өйөбүл буолуохтара диэн эрэнэ саныыбыт- диэн  Галина Фёдорова түмүктээтэ.

Антонина Семенова

 

Читайте дальше