Тапталлаах Ньурба куораппыт төрөөбүт күнүгэр, 29 сааһынан, өссө биир кэрэ миэстэ тупсан, саҥардыллан дьону-сэргэни үөртэ.
Сири-дойдуну ырааҕынан-чугаһынан үтүө үлэһит дьоно-сэргэтэ иһитиннэрэллэр, сураҕырдаллар, диэн сахаларга өбүгэ саҕаттан тиийэн кэлбит бэргэн этии баар. Ол курдук Ньурбабыт барахсан дорҕоонноох аатын иһитиннэрбит дьоннорбутуттан биирдэстэрэ эколог Петр Николаевич Мартынов буолар. Төрөөбүт дойдутун, Ийэ айылҕатын ис сүрэҕинэн таптаан, айылҕа харыстабылыгар хорсуннук турууласпыт, көмүскэспит, дьиҥнээх патриот, Саха сиригэр айылҕа харыстабылыгар аналлаах хамсааһын биир бастакы төрүттээччитигэр, Ньурба чулуу уолугар Петр Николавич Мартыновка кини киллэрбит сүҥкэҥ кылаатын норуот билинэн 2007 сыллаахха бюст оҥоһуллубута. Эскиһин талааннаах худуоһунньук Дорофей Егоров уонна биллиилээх скульптор Афанасий Романов айбыттара. Бу сыл общественность көҕүлээһининэн Ньурба куоракка Бүлүү өрүс биэрэгин үрдүгэр Петр Николаевич Мартынов аатынан сквер арыллыбыта.
Петр Мартынов саха норуотун кэнчээри ыччата ыраас салгыннаах сырдык халлаан анныгар чээл күөҕүнэн суугунуур кэрэ айылҕатын иһигэр үүнэ-үөскүү, чэчирии-сайда турарын туһугар олоҕун анаабыт киһи.
Кини аатын, үлэтин үйэтитэргэ араас хайысхалаах үлэлэр ыытыллаллар. Сэбиэскэй түөлбэ олохтооҕо, киин бибилэтиэкэ оҕону-ыччаты кытта үлэлиир салаатын методиһа, Саха Өрөспүүбүлүкэтин үөрэҕириитин уонна култууратын туйгуна, «Култуура үлэһиттэрин профсоюһун сайдыытыгар кылаатын иһин» уонна «Ньурба куорат патриота» бэлиэлэрдээх Ирина Ивановна Павловна «Петр Мартынов аатынан Дендрологическай сквер» бырайыага «АЛМАЗКРЕДИТСЕРВИС» гранын сүүйэн быйыл сайынтан бу сквергэ үлэ тэтимин быспакка күүскэ барда. Бырайыак аата да этэринэн бу сквергэ мас эгэлгэтэ Бүлүү эбэни өҥөйөн көрө турдуннар, кэнчээри ыччакка тулалыыр эйгэни, айылҕаны харыстааһыҥҥа үтүө өйдөбүлү сахтын диэн үөскээбит үлэ буолар.
Ирина Ивановна бу үлэтигэр чугас дьонун түмэ тардан сайын устата үгүстүк түбүгүрдэ. Альбина, Владимир Лазаревтар сиэннэрэ Дайааналыын, Альбина Иудина дьиэ кэргэнинээн бука бары биир хамаанда буолан атыттары көҕүлээтилэр. Маны сэргэ, «АЛМАЗКРЕДИТСЕРВИС» (директор Новгородова А.А.), Ньурба куорат дьаһалтата (баһылык Игнатьев Г.В.) ДРОП (директор Седалищева С.П.), «Арыылаах» ХЭТ коллектива (генеральнай директор Тихонов А.Н.) «Ситим» УК (директор Яковлев М.Д.) уонна да атыттар.
Айылҕабыт барахсан силигилии үүнэр маһыгар-отугар хайаатар да тыынар тыыннаах көтөр-сүүрэр баар буолар. Сквер мастарыгар эрдэттэн ыйаммыт чыычаах уйаларыгар Сэбиэскэй түөлбэ оҕолоро ас ууран айылҕабыт оҕолорун күндүлүүллэрэ үгэскэ кубулуйда. Ньурба куорат 3 нүөмэрдээх оскуола 3 «а» кылааһын үөрэнээччитэ Айсиэн Михайлов идиэйэтинэн АРТ объект «Многоквартирный скворечник» бырайыак оҥорбутунан «Лучший домик для птичек» күрэх тэриллэн олус ситиһиилээхтик ааста. Ньурбаттан, Убайаантан, Антоновкаттан, Ньурбачаантан, Таркаайыттан уонна Чуукаартан 43 үлэ киирэн бу бырайыакка үлэлиир хамаанданы соһутта да, үөртэ да… Биэс бастыҥ кыайыылаах оннугар УОН БИЭС кыайыылаах таҕыста.
Дьүүллүүр сүбэҕэ кыттааччы аата, дойдута этиллибэккэ нүөмэрдэммит үлэлэри сыаналаатылар. Уопсай эйгэни сайыннарар дирекция директора Саргылана Петровна Седалищева, олус үөрэн туран элбэх үлэтин ааһан, үлэ барыта хааччыстыбалаахтык уонна тапталынан оҥоһуллубутун тоһоҕолоон эттэ, биэс кыайыылаахха добун суругу сэргэ араас маҕаһыыннартан араас суумалаах туоһу суругу туттарда. Хамаанда аатыттан Альбина Афанасьевна Лазарева эбии биэс кыайыылааҕы бэлиэтииригэр В.А.Петрова аатынан Ньурбатааҕы кырдьаҕастар уонна инбэлииттэр дьиэлэрин (директор Семенова И.Ф.) 4 олохтооҕо кыттыбытын долгуйа иһитиннэрдэ. Михайловтар дьиэ кэргэттэрэ эмиэ биэс кыайыылааҕы бэлиэтээн добун суруктарын сэргэ бириистэрин биэртэлээтилэр. Кыттааччыларга бука барыларыгар туоһу суруктар тигистилэр. «П.Мартынов аатынан Дендрологическай сквер» аһыллыан биир хонук иннинэ киирбит 43 чыычаах дьиэтэ биир баҕанаҕа иилиллэн кэрэ көстүү буолла.
Бырайыак үлэтин саҕалыаҕыттан телеграмҥа «Сэбиэскэй түөлбэ» ханаал аһыллыбыта. Онон үлэ хаамыыта чугаһынан-ырааҕынан иһиллэ турар. Манна олох эрдэттэн 1976 сылтан хатыҥ, бэс, тиит, харыйа, тополь үүнэн кыахтарын ылан, тупсан-ситэн тураллар. Сквер саҥалыы тыыннанарын бастакынан сэргээбит, өйөөбүт киһинэн Петр Николаевич кэргэнэ билигин Дьокуускай куоракка олорор СӨ култууратын туйгуна, үлэ бэтэрээнэ Раиса Гаврильевна Мартынова буолар. Дендрологическай саадка анаан вишня, сибиир харыйатын, облепиха икки көрүҥүн бастакынан ыыппыта. Ньурба олохтооҕо, «Ньурба уоттара» түмсүү актива, СӨ култууратын туйгуна Валентина Дмитриевна Федотова черемуха, боярышник, яблоня, спирея талах, кыһыл талах, Альбина Иудина акация, бузина, Николай Петрович Николаев тэтиҥ, Лесхоз тэрилтэтэ (директор Угапьев В.Г.) рябина курдук сэдэх, сонун мастары биэрэннэр дендрологическай саад бастакы хардыытын эрэллээхтик оҥордо.
Бу күн мастары куораппыт салалтатын үлэһиттэрэ, түөлбэ олохтоохторо оҕолордуун тэҥҥэ олортулар. Хас мас аайы куар кодтаах өйдөбүнньүктэр (мас ааттара латыынныы, нуччалыы, сахалыы суруллубут) бааллар. Мустубут дьон бүгүҥҥү күн скверга ханнык мас үүнэн турарын туһунан билиһиннэрэр флаер тарҕаттылар. Сквер тимиринэн эргитиллибит кэҥээбит олбуордаах, биир кылаас -25 оҕо киирэн олороллоругар сөп миэстэлээх олус кыраһыабай беседкаҕа бу күн сайын устата барбыт үлэни-хамнаһы сырдатар хаартыскаларынан уонна экологияҕа, П.Н.Мартыновка анаммыт быыстапкалар турдулар.
Сэбиэскэй түөлбэҕэ Ньурбатааҕы киин бибилэтиэкэ элбэх үлэһитэ олорор. Быйыл сайын бырайыак иһинэн оҕолорго тэрээһиннэр библиотека иһинэн ситимин быспакка ыытылыннылар. Тииттэр араастарын туһунан үөрэтии таһынан айылҕаны кумаахыга, Бүлүү өрүс тааһыгар уруһуйдаабыттара быыстапка буолан мустубут дьон болҕомтотун тарта. Тииттэр араастарын туһунан оҕолор мустубут дьоҥҥо кэпсээтилэр.
Дендрологическай саад аһыллыытыгар дьоһун ыалдьыт үөрэҕирии туйгуна, СӨ ытык кырдьаҕаһа, Ньурба бочуоттаах олохтооҕо, Петр Мартынов бииргэ төрөөбүт убайа Николай Николаевич Мартынов мустубут дьоҥҥо, оҕолорго быраатын туһунан кэпсээһинэ, Бүлүү өрүс сүһүрүүтүн, «Кристалл» уонна «Кратон-3» сир аннынааҕы ядернай дэлби тэптэриилэр, Байконуртан ыытыллар ракеталар тобохторун сүлүһүннээх бөхтөрө киһиэхэ дьайыыларын тохтоторго Петр Николаевич чинчийиитин уонна туһааннаах буруйдаах тэрилтэлэртэн төлөбүрү ирдээһиҥҥэ үлэтин сырдатта, сквери көрөр, тупсарар, ситэрэн биэрэр Сэбиэскэй түөлбэ олохтоохторугар истиҥник махтанна. Тэрээһини киин бибилэтиэкэ кыраайы үөрэтэр салаатын бибилэтиэкэрэ Маргарита Ноева иилээн саҕалаан ыытта.
«Ньурба куорат» МТ баһылыга Геннадий Васильевич Игнатьев, маннык хамсааһын оройуон эрэ үрдүнэн буолбакка республика үрдүнэн кэнчээри ыччакка иитэр-үөрэтэр суолталаах үлэтин, инникитин даҕаны тиһигин быспакка сылтан сыл аайы сайдан иһиэн, элбэх скворечник биир сиргэ түмсүбүтэ Ньурбаҕа бастакы хардыы буоларын бэлиэтээн туран бырайыак ааптарыгар, Сэбиэскэй түөлбэ активыгар, кырачаан патриоттарга махталын биллэрдэ.
Хайа да баҕа санаа, ханнык да үлэ үп-харчы өтүттэн көмөтө суох хамсаабат, инникитэ-кэскилэ суох буоларын билиҥҥи үйэ дьоно бары күүскэ өйдүүбүт. Күүс-көмө буолар күндү спонсордарбытыгар ис сүрэхтэн тахсар махталы И.И. Павлова тириэртэ уонна хас биирдии көмөлөспүт тэрилтэлэргэ, биирдиилээн дьоҥҥо «Айылҕабыт бэйэбит ытыспыт иһигэр» диэн суолталаах күп-күөх маһы киһи илиитэ тутан турар олус дириҥ ис хоһоонноох бэлэхтэрин туттарда.
Чулуу дьоно иһирэхтик ахтыллар, айар тутар ыччата алгыһынан арчыланар Бүлүү Эбэ үрдүгэр күннэтэ тупсар-сайдар Ньурбабыт куората өрүү кэрэтийэ-чэлгийэ эрэ турдун, тапталлаах Бүлүү Эбэбит барахсан үйэлэри уҥуордаан уста сыттын, бар дьонун, оҕолорун араҥаччылыыр-алгыстыыр күүһэ өһүллүбэтин, диэн баҕа санаа бастыҥынан салайтаран оҥоһуллубут бырайыак инникитин да өйөбүллээх буоллун, түмсүүлээх Сэбиэскэй түөлбэ күөх саада барыбытын угуйа-ыҥыра турдун!
Надежда Иванова