Аҕыйах сылынан күөх Ньурбабыт Норуоттар спортивнай оонньууларыгар республикабыт араас муннуктарыттан ыалдьыт бөҕөтүн көрсөөрү олорор. Куораппыт ис-тас өттүн дьаһанан, төһө кыалларынан билиҥҥи үйэ тэтимигэр эппиэттиир саҥа тутуулары тутан, суолу-ииһи оҥорон, оройуоммут үрдүк таһымҥа ыалдьыттары көрсөрүгэр бэлэм олоруохтаахпыт.
Бу хамсааһыҥҥа биир бастакынан хаарбах дьиэттэн көһөрүү бырагыраама күүскэ үлэлээн, куорат тупсар хайысхатыгар төһүү күүс буолар.
Бүгүн, алтынньы 4 күнүгэр ньурбаларга өссө биир үөрүүлээх түгэн үүннэ: Комсомольскай уулусса 49 №-гэр саҥа дьиэ сыбаайатын түһэриитин сиэрэ-туома буолла. Туому толордо Ньурба оройуонун тумус туттар киһитэ, Алгысчыт, норуот эмчитэ Алиса Михайловна Иннокентьева.
Эҕэрдэ тылларын «Ньурба оройуона» МО баһылыга Алексей Михайлович Иннокентьев, «Ньурба куорат» МТ баһылыга Геннадий Васильевич Игнатьев уонна тутуу подрядчига «Региональное развитие» ХЭТ салайааччыта Альберт Алексеевич Васильев эттилэр.
Үөрүүлээх тэрээһини ыытарга «Кыталык» КД Наталья Степанова, Евгений Охотоев, Валерий Платонов бара сырыттылар.
Аны аҕыйах сылынан Комсомольскай уулуссаҕа өссө биир саҥа дьиэ дьэндэйиэ. Хаарбах дьиэттэн көһөр дьон сылаас, сырдык, толору хааччылыылаах дьиэҕэ киирэр баҕа санаалара туолара кыра хаалла.
«Кыталык» КД.
—