Олунньу 18 к., улууспутугар кэрэ-бэлиэ түгэн үүннэ. Вертолетка микро-оройуонугар «Кэскил” оҕо уһуйаанын кэннинэн сууккаҕа 1200 м3 ууну хостоон ыраастыыр ыстаансыйа 1-кы сыбаайата түһэрилиннэ. Үөрүүлээх тэрээһиҥҥэ улуус баһылыга Алексей Иннокентьев, Ньурба к. баһылыга Геннадий Игнатьев, СӨ ОДьКХ энергоэффективноска уонна административнай үлэҕэ департаменын салайааччыта Айсен Кирсанов, ОДьКХ ГУП Ньурбатааҕы филиалын салайааччыта Алексей Тихонов, “Сибтрансстрой” ХЭТ гендириэктэрэ Владислав Петров уо.д.а. кытыннылар.
Эбийиэк “Ыраас уу” нацпроект чэрчитинэн үбүлэнэн тутуллар, ол иһигэр өрөспүүбүлүкэ уонна улуус эмиэ ирээттэһэн үбүлэһэр. Сакаасчытынан – ИСУ уонна бэдэрэээтчитинэн – “Сибтрансстрой” ХЭТ буолаллар. Сахалыы сиэри-туому Норуот эмчиттэрин ассоциациятын чилиэнэ, Аар Айыы итэҕэлин 11-с кэрдиистээх алгысчыта, норуоттар икки ардыларынааҕы ЮНЕСКО иһинэн норуоттар медициналарын магистра, Ньурба улууһун, Таркаайы нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо Алиса Иннокентьева толордо. Бэлиэ түгэнинэн истиҥ тыллардаах эҕэрдэ тыллар этилиннилэр, үгэс быһыытынан бастакы сыбаайаҕа шампанскайы хампы бырахтылар.
“Сибтрансстрой” ХЭТ гендириэктэрэ Владислав Петров иһитиннэрбитинэн, эбийиэк 500 мөл. солк. суумалаах, быйыл тутуллан үлэҕэ киириэхтээх. 540 кв.м. иэннээх дьиэ тутуллуохтаах, ол иһигэр административнай дьиэтэ 3 этээстээх буолар, итиэннэ этээһэ суох техническэй дьиэлээх буолар. Сир анныттан 160 м кэриҥэ дириҥтэн уу 4 скважинаттан 3 улахан емкоска хачайданан таһаарыллан ыраастаныахтаах. Скважина үлэлэрин «Гидросфера” ХЭТ толорор.
Улуус баһылыга Алексей Иннокентьев: «Бу сир аннынааҕы ууну 2 сыллааҕыта булан турабыт. Быйыл сууккаҕа 1200 кубометр ууну хостоон ыраастыыр ыстаансыйа тутуллан үлэҕэ киириэхтээх. 5 км уу ситимин устун ыраастаммыт уу куорат олохтоохторугар барыахтаах. Эһиилгитттэн 2-с түһүмэххэ федеральнай бырагыраамаҕа киирсэн куоракка «кольцевой” уу систимэ тардыллан ыраас уунан хааччыллыахтаах. Маннык улахан баараҕай бырайыакка киирбиппититтэн биһиги үөрэбит. Уу — диэн киһи доруобуйата, олох төрдө буоллаҕа. Инникитин ыраас ууну Антоновкаҕа эмиэ тиэрдэргэ былаанныыбыт».
Геннадий Антонов