Түмүк нэһилиэгэр “Күнчээн” оҕо уһуйаанын үөрүүлээх арыллыыта буолла. Бэлиэ түгэммитин үллэстэ СӨ үөрэх уонна наука миниистирэ Нюргуна Соколова, төрөөбүт тылы харыстааһын, сайыннарыы уонна чинчийии Киинин салайааччыта Феодосия Габышева, “Мин Сахам сирэ 21 үйэҕэ” өрөспүүбүлүкэтээҕи үтүө дьыала хамсааһынын салайааччыта Алексей Петров кэллилэр.
Ыҥырыылаах ыалдьыттар, бэтэрээннэр үгүстэрэ кэлбиттэр. Оҕо уһуйаана уһуннук тутулунна, ол эрэн ирдэбилгэ эппиэттиир типовой тутуу инникитин оҕолорго, үлэһиттэргэ үөрүүнү бэлэхтиэ диэн эрэнэбит
Түмүк нэһилиэгэр уһуйаан, оскуола, култуура дьиэтэ барыта совхоз саҕанааҕы тутуулар. Онон өр сыллар кэннэ бастакы таас тутуу буолар. Билигин уочаракка өссө даҕаны 10 оҕо уһуйааннара баллар, саҥа уһуйаан үлэҕэ киирдэҕинэ оҕо барыта хабыллан, инникитин нэһилиэнньэ эбиллиэ диэн эрэнэбит. Уһуйаан сэбиэдиссэйэ Нюргуяна Николаевна сатабыллаах салайыытынан оҕолорбут ситиһиилэрэ үксүү турдун.
«Ньурба» хаһыат