Ньурбам уота ыҥыра-угуйа туруохтун!

Ньурба Ньурбачааныттан төрүттээх, СӨ култууратын туйгуна, СӨ мелодистарын сойууһун чилиэнэ, продюсер, «Добун» устуудьуйа салайааччыта Иванов Антон  бүгүҥҥү хаһыаппыт ыалдьытынан буолар. Кини быйыл  эстрадаҕа үлэлээбитэ 25 сыла туолбутунан, Антон Владимировичтыын куйаар ситимин нөҥүө кэпсэтиибин ааҕааччыларга тиэрдэбин.

— Ахсынньы 9 күнүгэр «Ньурбам уота ыҥырар» кэнсиэн  Дьокуускайга буолуоҕа. Биир дойдулаахтарбын, Ньурбаттан тахсыбыт талааннаах ырыаһыттарбытын барыларын  түмэн кэнсиэр оҥорбут киһи диэн  уруккуттан баҕа санаалаах этим. Оннук түгэн көһүннэ. Өссө биир төрүөтүнэн үлэлээбитим  25 сыла буолла.

Антон Владимирович, айар үлэҥ 25 сылынан эҕэрдэлиибин. Биир дойдулаахтаргын өйүүрүҥ хайҕабыллаах дьыала, ол аата төрөөбүт дойдуга  патриоттуу  сыһыан баар эбит.

— Махтал. Кэнсиэр «Ньурбам уота » диэн ааттанан барыаҕа. Дора Бурнашева толоруутугар «Ньурба уота» саҥалыы тыынынан ырыа ылланыаҕа, маны таһынан саҥа ырыа, клип сүрэхтэниитэ уонна соһуччу нүөмэрдэр баар буолуохтара. Урукку  уонна билиҥҥи кэмҥэ биллэр ырыаһыттар кыттыахтара.

Кэнсиэри Ньурбачаантан төрүттээх, «Саха» көрдөрөр-иһитиннэрэр  хампаанньа  продюсера, суруналыыһа Максим Березин  иилээн-саҕалаан ыытыаҕа, хас биирдии ырыаһыты көрөөччүгэ билиһиннэриэҕэ. Айар куттаах «Оо, Бүлүү», «Сулус вальса» уо.д.а.  ырыалардаах  Алексеев Александр — Маай Майгы кыттыахтаах этэ да, бу сырыыга кыттыбата. СӨ үтүөлээх  артыыһа  Екатерина Аркадьевна Саввинова — Саина,  Ньурбабыт бары улуустарыттан төрүттээх ырыаһыттар  баар буолуохтара. Холобура, Николай Васильевы -Бахсыгы  көрбөтөхтөрө 20-тэн тахса сыл буоллаҕа дии… Маннык хабааннаах кэнсиэр сылын аайы ыытыллыан баҕарабын.

-Билигин олохпут уустук буолан, дойдумсах буолуу сыаналанан турар кэмэ. Патриотическай хабааннаах ырыалар ылланыахтара да?

— Анал эпэрээссийэҕэ аналлаах сахалыы, нууччалыы ырыалар ылланыахтара. Опера ырыаһыта Александр Емельянов Москубаҕа патриотическай ырыатынан Гран-прины ылан кэлбитэ. Денис уонна Марфа Даниловтар уоллара айбыт «Хотугу хотойдор» ырыатын Максим Маар, ааптар Николай Антонов бэйэтин ырыатын толоруохтара. Студиябытыгар анал эпэрээссийэҕэ аналлаах ырыалар  элбэхтик оҥоһулуннулар.

-Инники былааннаргын билиһиннэр эрэ.

— Кэнсиэри эһиил дойдубутугар, табыллар буоллаҕына «Сахаконцерты» кытары тэҥҥэ үлэлэһэн  хас сылын аайы култуураҕа ситиһиилээх, биитэр саҥа  ырыаһыттары дьоҥҥо-сэргэҕэ  таһаарар баҕа санаа баар. Кэнсиэри хаачыстыбалаахтык устан архыыпка хаалларар санаалаахпыт.

2024 сылга Марха улууһа төрүттэммитэ 200 сылыгар, 2027 сылга Ньурбаҕа   спортивнай оонньууларга бэйэбит ырыаһыттарбытын ыалдьыттарга  көрдөрөр санаалаахпыт. Уоннааҕытын  олох көрдөрөн иһиэ, сарсын туох буоларын тымтыктанан көрбүт суох.

-Антон Владимирович үлэҕит туһунан билиһиннэриҥ эрэ.

-Ырыа элбэх, үлэм үксүн  студияҕа  ааһар. Саха эстрадатын ырыаһыттарын ырыаларын таһаарабыт. Хастыы эмэ ырыа күн сирин көрөр. Билигин ырыа ыытааччы биллиилээх ырыаһыкка ыллат, сыанатын уйунабыт диэн этиилээх тахсар буолла. Төһө кыалларынан ырыаны тарҕаталыыбын. Холобура, биир үчүгэйэ диэн, ырыа биэрээччи киһи фонограмматын оҥотторуутун, ырыаны устууга төлөбөрүн уйунан ырыаланан хаалар. Ырыа айааччыга үчүгэйэ диэн, биллиилээх ырыа, биллиилээх ааптар буолуон,  конкуруска, сатаннаҕына  «Үрдэлгэ», «Этигэн хомуска» кыттыан сөп.

Мин ырыаларым элбэхтэр. Былырыын  альбоммун  таһаарбытым. Билигин урукку курдук  компакт-дискэҕэ, кассетаҕа таһаарыы буолбакка, банковскай каартаҕа майгынныыр флешкалары Москубаҕа сакаастаан оҥотторобут. Альбомҥа  клип, кэнсиэр, документальнай киинэ, саҥа ырыалар киирэллэр. Соторутааҕыта норуодунай суруйааччы Дмитрий Наумов үбүлүөйдээх сылыгар  үс флешка, аудиокинигэ таһаардыбыт.

Биир дойдулаахтарбын өйүүр сыалтан, ырыаларын устан киэҥ эйгэҕэ таһааран тарҕатарга  көмөлөһөбүн, көмөлөһүөм да турдаҕа. Миигин «убаай» диэн ааттыыр буолбуттар киһини үөрдэр уонна соһутар. Култуураҕа ситиһиилээх, биитэр саҥа сыанаҕа тахсан ыллаан эрэр эдэр ыччаты дьон көрүүтүгэр таһаарага үлэлэһэбит.

Кэнники кэмҥэ кистэл буолбатах, ырыаһыттар быыбардарга, биитэр эмтэнэ барааччыларга анаан  аһымал аахсыйаҕа кытыннарар буоллулар.

-Тус олоххут  туһунан сырдатыҥ эрэ.

-Бииргэ төрөөбүттэрим куоракка олохсуйан олороллор, биир кыыспыт Ньурбаҕа баар.

Ыал эһээтэ буолбутум, онтум туспа үөрүү, тапталлаах сиэн биһигини дьоллуур. Аҕам Ньурбаҕа баар, аҕабытыгар чаастатык барабыт-кэлэбит. Онон барыта этэҥҥэ олох устун баран иһэбит.

-Ньурбаҥ дьонугар-сэргэтигэр тугу баҕарыа этигитий?

-Эйэлээх олоҕу, табыллыыны, дьиэ кэргэннэргэ байылыат олоҕу, тапталы, ырыаны аргыс оҥостуҥ!

Махтал.

Кэпсэттэ Антонина Семенова

 

 

Читайте дальше