Быйыл кыһын хаар элбэхтик түһэн, саас уу-хаар бөҕө буолсу дии саныырым. «Ньурба куорат» МТ СЭГХ тэрилтэтэ сааһыары киин уулуссалартан хаары күүскэ таһаннар, уулуссалар эрдэ кууран бадараан суох, сылдьарга олус табыгастаах буолла. Түгэн көстүбүччэ, СЭГХ, куорат дьаһалтатын үлэтин сырдатарга сананан, куорат баһылыга Геннадий Васильевичтыын кэпсэтиибин ааҕааччыга тиэрдэбин.
-Геннадий Васильевич, Ньурба куоратыгар быйыл кыстык хайдах ааста?
-Быйыл гидрометсулууспа көрдөрүүтүнэн, Ньурба куоратыгар хаар халыҥа 200-тэн тахса бырыһыан куоһарда. Былырыын 11 тыһ.куб курдук хаары суолтан күрдьэн таспыт буоллахпытына, быйыл 22 тыһ. тахсаны икки төгүл элбэх хаары тастыбыт. Ньурбачаанныыр суолга баар полигоммутун үс төгүл кэҥэттибит.
Куорат дьаһалтата, СЭГХ ый ахсын график оҥостон, былаан быһыытынан сөптөөх тиэхиньикэлэр: 6 мотопомпа, 2 самосвал, 1 погрузчик, «Беларусь» трактор, грейдэрдэр көрүллэннэр, уопсайа 15 үлэһит үлэлээлэн бириэмэтигэр хаар таһылынна. Ханаабалары бөҕөргөтүү систиэмэтигэр кыра экскаваторнай тиэхиньикэнэн ханаабалартан хаары эрдэ таһан эрдэ бүппүттэрэ.
-СЭГХ хас үлэһиттээҕий?
— СЭГХ 32 үлэһиттээх, 7 оробуочай (территориялары ыраастааччы), 5 анал тиэхиньикэ суоппардара, 7 суоппар, 2 массыына слесарь-өрөмүөннээччилэр, механик, гараһы хаһаайыстыбаны дьаһайар исписэлиис, куорат единэй диспетчерскэй сулууспата киирэр.
Манна эбии ааспыт сылтьан Ньурба куоракка «Клин-Сити» тэрилтэтэ быыстала суох кирдээх ууну 4 тиэхиньикэтинэн таста, 5 силиэсэр түүннэри-күнүстэри үлэлээн, кирдээх уу харгыһа суох таһылынна. Былырыын канализация үлэтигэр капитальнай өрөмүөн ыыппыппыт. Ол курдук 200 м курдук канализация турбата уларыйбыта, 400 м. спутниктаммыта, уопсайа Ньурба куоратыгар 2800 км канализация ааһар ситимэ баарыттан мантан 70% саахалланар туруктаах.Сааххалланар туруктаах сирдэргэ үлэ салҕанан барар.
Ууну аһардыы үлэтигэр СЭГХ бэйэтин күүһүнэн бэдэрээтчиттэри үлэлэтэн, Западнай микроройуоҥҥа суол көтөҕүүтүн үлэтэ баран, быйыл Западнай мирооройуон ууга барбата. Бу саас 4 чааһынай дьиэни, маны таһынан «Туймаада» заправка утары баар саҥа Новай микрооройуону курируйдаатыбыт. Эдэр дьиэ кэргэннэр олорор микрооройуоннарыгар ханаабанан сааскы ууну аһардыы үлэтэ ыытылынна. Пушкин уулусса 7 №-рэ, Строда, Мичурина, Комсомольскай уулусса 6 №-гэр олорор тыыл бэтэрээнин дьиэтигэр сылын аайы уу киирэн, быйыл ууну аһардыы үлэтин ыыттыбыт. Вертолетка микрооройуонугар билиҥҥитэ тиэхиньикэ кыайан тиийбэт сиригэр үлэ барар. Ааспыт сыл күһүн М.С.Семенов аатынан 800 м.уулуссаны аспаллааһыҥҥа бэлэмнэнэн ханааба хаһыыта, турба түһэрээһинин, суол көтөҕөөһүнүн үлэтин ыыппыппыт. Билигин шлак таһыытын үлэтэ саҕаланна, быйыл суолу бэлэмнээн, бэс ыйын саҕаланыытан, от ыйын бүтүүтэ «Автодор» РИК календарнай былааныгар киллэрбитэ.
Куорат дьаһалтатын баһылыгын Геннадий Васильевичтыын кэпсэтиини «Ньурба» хаһыат саҥа тахсыбыт нүөмэригэр сиһилии ааҕыҥ.
Антонина Семенова