Ньурбатааҕы сүөһү аһылыгын хампаанньата бурдугун хомуйар

«Ньурбатааҕы сүөһү аһылыгын хампаанньата» тэрилтэ салайааччыта Александр Илистяровтан хомуур үлэтин туһунан туоһуластыбыт.

«Эбиэс хомууругар саҥа киирдибит, — диир Александр Иванович. — Бурдукпут барыта буһан муҥутаан турар. Быйыл билгэлээһин быһыытынан 250 туоннаны хомуйарга былаанныыбыт. Ол күн-дьыл туругуттан тутулуктаах, ардах мэһэйдээтэҕинэ мөлтүөн сөп.

Балаҕан ыйын 19 к. туругунан 10 т эбиэс хомулунна, бу кыра. Кураан бааһынатыгар үлэлии сылдьабыт. Онно 280 гааҕа эбиэс ыһыллан турар, ону хомуйуохпутун наада. Ардах-хаар мэһэйдээбэтэҕинэ ый аҥарын кэриҥинэн бүтэриэ этибит. Урукку сылларга даҕаны алтынньы 5 эбэтэр 10 к. диэкки бүтэрээччибит.

АГАТУ-тан кэлэн үлэлии сылдьаллар, ол иһигэр 1 магистрант уонна 3 устудьуон. Инженернэй факультет деканын солбуйааччыта Юрий Жигмитович Дондоков устудьуоннары ыыталаата, онон киниэхэ истиҥ махталбын тиэрдэбин. Дьон тиийбэт, билигин үлэ күүскэ барыаҕа. Мин бэйэм Ньурбаҕа саҥа кэллим, документация үлэтин эҥин бүтэрэн. Билигин 8 киһи үлэлии сылдьар: 2 комбайнер, 4 көмө үлэһит уонна 2 харабынай.

Сүөһүлээх сорох дьон биһиги үлэбитин ситэ-хото өйдөөбөт курдуктар. Бааһына күрүөтүн аһа-аһа сүөһүлэрин киллэрэллэр, аны сылгылар эмиэ киирэллэр. Бу үлэбитигэр мэһэйдиир, бурдугу дэлби тэбистилэр. Мин быһа барыллаан ааҕыыбынан, сүтүкпүт 60-70 т буолла быһыылаах.

Быйылгы биир үлэбит — 4 туонна кэриҥэ элбэх сыллаах от сиэмэтэ хомулунна, өссө да ылыахпыт. Үлэбит суһал соҕус буолуоҕун, японскай комбайыммыт кыратык моһуогурар. Уонна барыта кэминэн.

Сиилэскэ аттыбытыгар урбаанньыт Петр Ноговицыны көмөлөһүннэрэ киллэрдим, бэйэтин тиэхиньикэтинэн. Таарыччы эрийэн сенажтыаҕа. Киниэхэ Мархаттан Александр Данилов кэлэн көмөлөһүөхтээх.

Геннадий АНТОНОВ.