Ньурбатааҕы техническэй лицей базатыгар БПЛА кэбиниэтэ аһылынна

Бүгүн А.Н.Чусовской аатынан Ньурбатааҕы техническэй лицей базатыгар БПЛА кэбиниэтэ аһылынна. Бу сылтан саҕалаан арассыыйаҕа маннык бырайыак үлэтин саҕалаата. Ол чэрчитинэн 2030 сылга диэри ыраахтан салаллан көтөр тэрил күүскэ тарҕаныллара күүтүллэр. Маннык тэрил тыа хаһаайыстыбатыгар, тутууга, энергетикаҕа, геодезияҕа, онтон да атын эйгэҕэ киэҥник туттуллар.

Бу кэбиниэт арылларыгар үлэ барбыта син ыраатта. Ол курдук, федеральнай бюджеттан 12,5 мөл.солк. суумаҕа араас оборудование кэллэ, улуус бюджетын суотугар 1 мөл.солк.суумалаах косметическай өрөмүөн үлэтэ ыытылынна. Каадыры бэлэмнээһин куурсугар Ньурбатааҕы лицейтэн, Антоновка оскуолатыттан, Ай-Ти Куб оҕону сайыннарар киинтэн барыта 5 учуутал Хабаровскайга баран үөрэнэн кэллилэр.

Кэбиниэт арыллыытынан Ньурба улууһун баһылыгын ис бэлиитикэҕэ солбуйааччыта Михаил Пан, Үөрэх управлениетын салайааччытын солбуйааччыта Сергей Васильев кыттыыны ыллылар.

Ньурбатааҕы техническэй лицей дириэктэрэ Иван Тобонов иһитиннэрбитинэн бу кэбиниэккэ оҕолор 5 кылаастан саҕалаан ыраахтан салаллан көтөр тэрили таҥыыга, салайыыга уонна программалааһыҥҥа үөрэниэхтэрэ. Республикаҕа барыта 18 маннык кэбиниэт арыллыбытыттан биирэ лицейгэ буолла. Манна инникитин оҕолор эрэ буолбакка туһааннаах эйгэ үлэһиттэрэ кэлэн үөрэнэн идэ ылыахтарын сөп эбит. Иван Гаврильевич бу бырайыак олоххо киирэригэр күүс-көмө буолбут улуус баһылыгар Алексей Михайлович Иннокентьевка, үөрэх управлениетын салайааччытыгар Федор Федорович Ушкановка, өрөмүҥҥэ көмөлөспүт лицей выпускнигар Юлия Семеновнаҕа улахан махталын биллэрдэ.

Айсен Саввинов, 6 техническэй кылаас үөрэнээччитэ:

— Маннык кэбиниэт биһиги оскуолабытыгар арыллыбыта олус интэриэһинэй. Билигин икки эрэ уруокка үөрэннибит, бу бириэмэҕэ кыра дроннары көтүтэр буоллубут. Улахаттары салайарга элбэх үөрүйэх наада. Билигин симулятордарга үөрэнэбит, саҥа уонна сонун буолан оҕолор бары үөрэниэхпитин олус баҕарабыт.

Билигин лицей үөрэммиттэрин туһунан сэртипикээт биэрэргэ лицензия ыларга үлэлэһэ сылдьар, кэлэр сылтан баҕалаах дьону үөрэтэн саҕалыахтара. Маны тэҥэ тэрил көтөрүгэр Ньурбаттан чугас анал зона суоҕа атахтыыр эбит. Инникитин ыраахтан салаллан көтөр тэрили баһылыыр саҥа идэ ылыытыгар улахан үлэ барара былааннанар.

Лена Петрова