Ньурбатааҕы тыйаатыр дириэктэрэ СӨ үтүөлээх артыыһа Никитин Николай Ивановичтыын быйылгы сезон үлэтин туһунан кэпсэтиибин ааҕааччыларга тиэрдэбин.
— Николай Иванович, быйылгы сезон бэстибээллэртэн саҕаланна, салгыы ханнык-туох үлэлэлэр күүтэллэллэрин туһунан ааҕааччыларга билиһиннэриҥ эрэ.
— Ньурбатаҕы тыйаатыр 58-с сезонун саҕалаата.Тыйаатыр 15 киһилээх труппата Уһук Илин, Хабаровскай куоракка ыытыллар IV бэстибээлгэ балаҕан ыйын 26 күнүгэр тиийэн кыттыыны ылла. СӨ ускуустуба үтүөлээх диэйэтэлэ Юрий Алексеевич Макаров «Син биир буолбаат?» Хабаровскайга туруорбут испэктээгин көрөөччү сэргээн көрдө. Ньурба тыйаатыра үһүс төгүлүн Хабаровскай куоракка бэстибээлгэ кыттааһына буолар.
Салгыы балаҕан ыйын 29 күнүттэн алтынньы 4-гэр диэри Казахстааҥҥа Кокшетау куоракка «ТеАРТ Кокше 2023» бэһис төгүлүн ыытыллар норуоттар икки ардыларынааҕы бэстибээлгэ 11 киһилээх труппа кыттыыны ылар. Бэстибээлгэ Арассыыйаттан Санкт-Петербург уонна Саха сириттэн Ньурба тыйаатыра кыттар. Биһиги хас да испэктээги куонкуруска ыыппыппытыттан Юрий Макаров «Марба» испэктээги талан ылбыттара.
Ааспыт сыллары санаан аастахха, 90-с сылларга Саха сириттэн биһиги эрэ тыйаатырбыт гастроллаан кэлбит эбит. Ол кэмҥэ биһиги көрөөччүлэрбитин сүтэрбэтэхпит, ханнык баҕарар сиргэ тиийдэхпитинэ биһигини кэтэһэллэрэ. 90-с сылларга Саха сириттэн бастакынан Ю.А.Макаров «Айыы түспэтэх сиригэр» испэктээги Париж сыанатыгар тахсан оонньооппута. Салгыы Сэбиэскэй Сойууһунан, тас дойдуларынан гостуруоллар саҕаламмыттара.
Быйыл М.С.Щепкин аатынан үрдүкү театральнай училищены бүтэрбит VI-с саха устуудьуйатын выпускниктара У.Шекспир «Сайыҥҥы түүҥҥэ түүл», А.Вампилов «Улахан уол» испэктээги Ньурба тыйаатырыгар, Таркаайы, Маар, Ньурбачаан нэһилиэктэригэр көрдөрүөхтэрэ. Ити курдук үтүө сонуннардаахпыт.
Балаҕан ыйын бүтүүтүттэн алтынньы саҕаланыыта Щепкини бүтэрбит 20 выпускниктар дипломнай үлэлэрин көрөөччүгэ көрдөрүүттэн саҕалаатылар. М.С. Щепкин аатынан тыйаатыр училищета сүүрбэ сыл буола-буола үөрэппит бэйэтин выпустарын таһаарар, быйыл уонна аны сүүрбэ сылынан биирдэ кэлиэхтэрэ.
-Ханнык баҕарар тэрилтэҕэ саҥа кэлбит эдэр үлэһиттэр үлэлиир усулуобуйаларын туруорсаллар. Ити чааһыгар эһиэхэ хайдаҕый?
—Биһиги бу боппуруоска ыарахаттары көрсөбүт. Урут Владимир Михайлович Прокопьев баһылыктыырын саҕана оройуон үүт кухнятын өрөмүөннэтэн тыйаатыр үлэһиттэригэр анаан уопсай дьиэ баар буолбута. Ол уопсай дьиэбит кыараҕас, тымныы. Саҥа Щепкини бүтэрбиттэр дуогабар быһыытынан үс сыл үлэлиэхтээхтэр. Олорор дьиэ суох буолан, куортамнаһарга күһэллэллэр. Ааспыт сыллаахха үлэлии сылдьыбыт эдэр ыччаттарбыт ытык иэстэрин төлүү аармыйаҕа сулууспалыы барбыттара, бу күһүн этэҥҥэ эргиллэн кэлиэхтээхтэр.
— Инники былааҥҥыт туһунан билиһиннэриҥ эрэ.
— Тыйаатыр 58-с сезонун улахан сыанаттан, фойеҕа кытары репетициялар саҕаланнылар. Ол курдук алтынньы ыйга СӨ култууратын туйгуна, режиссёр Алгыс Макаров оҕолорго аналлаах Р.Киплинг «Как была создана первое письмо» остуоруйата, сэтинньигэ А.Ильина, режиссёр Алгыс Макаров «Һөҕүҥ», режиссёр Маргарита Борисова А.Вампилов «Дом окнами в поле», СӨ үтүөлээх диэйэтэлэ, уус-уран салайааччы Юрий Макаров П.А.Ойуунускай «Саха абааһы буолбута» премьералар буолуохтара.
Салгыы бөлөҕүнэн арахсан Ньурба чугас улуустарынан гастроллар баар буолуохтара. Саҥа дьыл иннигэр, биитэр кэннигэр Мэҥэ-Хаҥаласка, Аммаҕа барар санаалаахпыт. Барарга-кэлэргэ эппиэттиир тиэхиньикэлэрдээхпит. Федеральнай бырагырааманан үс сыл субуруччу бэйэбитигэр сөптөөх массыына ылынныбыт. Улахан ПАЗ массыынаны эмиэ ылыахпытын баҕарар эбиппит. Инньэ гынан үс группаны ханна баҕарар ыытыахпытын сөп. Маны таһынан оҕо саадтарыгар остуоруйа испэктээги көрдөрүөхпүт. Оҕо саадтара куукула испэктээгин көрдөрөрбүтүгэр этиилээх тахсаллар, кэлин сыыйа-баайа бу туһунан толкуйдуохпут.
Саҥа тыйаатырбытыгар саҥа үөрэнэн эрэбит, бастаан бэйэ-бэйэбитин сүтэрсэр буоллахпытына, билигин аны кыараҕас курдук буолла, — диэн Николай Иванович күлэр. -Үлэлииргэ, айарга усулуобуйа баар. Маны таһынан Сахабыт сирин эстрадатын тыйаатыра, биирдиилээн ырыаһыттар гастроллуу кэлэллэрэ былааннанар.
Саҥа тыйаатырбыт аһыллыаҕыттан биһиги күндү көрөөччүлэрбит тыйаатыры көтүппэккэ сылдьар буоллулар. Сороҕор билиэт суох буолан хаалар түгэнигэр иккистээн-үһүстээн көрөөччүлэрбитигэр анаан көрдөрөбүт. Билиэттэрбит онлайн касса нөҥүө атыыланар.
Артыыс элбэх көрөөччүлээх саалаҕа оонньотоҕуна дуоһуйууну, астыныыны ылар. Онон сибээстээн, тыйаатыры таптааччылар үөрэ-көтө кэлэн биһиги көрдөрөр испиктээктэрбитигэр сылдьыҥ,- диэн ыҥырыынан тыйаатыр салайааччыта Николай Никитин түмүктээтэ.
Салгыы тыйаатырга Щепкини бүтэрбит выпускниктары кытары болдьоммут кэмҥэ анаан көрсүтэлээммин кэпсэттим. Эдэр дьон бары эдэрдии эрчимнээхтик үлэлииргэ бэлэмнэрин туһунан этэллэр.
Михайлова Саша: «Мин Амма улууһун Абаҕа нэһилиэгиттэн төрүттээхпин. Щепкин аатынан үрдүкү театральнай училищены бүтэрэн, Ньурбаҕа ананан үлэлии кэллим.
Ньурба дьоно-сэргэтэ үчүгэйдик, тыйаатыр кэлэктиибэ эйэҕэстик көрүстүлэр. Көрөөччүгэ көрдөрбүт дипломнай испэктээкиллэрбитин икки ый анараа өттүгэр уонна бу билигин Ньурбаҕа оонньоон көрдөрөбүт. Испэктээктэрбит көрөөччү биһирэбилин ылла. Бэҕэһээ Марха оскуолатын үөрэнээччилэригэр анаан профориантационнай үлэ ыыттыбыт».
***
Алёна Понамарева: «Мин Дьокуускай куорат олохтооҕо буолабын. САССР үтүөлээх артыыстара Петр Николаев, Валентина Пантелеймоновна Николаевтар эһээлээх эбэм буолаллар. Кинилэр олохторун Ньурбатааҕы тыйаатырга анаабыттара. Эбэм билигин да үлэлиир. Кини оруолларга оонньуурбар наставник быһыытынан сүбэ-ама биэрэр.
Ньурбаҕа урут оҕо сылдьан сайыҥҥы каникулга кэлэр этим. Ньурба тыйаатырын үлэһиттэрин кытары гастролга сылдьыһааччыбын, ыһыахтарга алгыска кыттааччыбын. Улаатан баран кэлбэт буолбутум, бу үөрэхпин бүтэрэн Ньурба тыйаатырыгар ананан үлэлии кэллим». Салгыы Алёна көрөөччүлэр тыйаатырга сылдьалларыгар, дуоһуйа сынньаналларыгар ыҥырда.
***
Педагог идэлээх, М.С.Щепкин аатынан үрдүкү театральнай училищеҕа үөрэммит оҕолорго кураторынан ананан үлэлээн кэлбит Лена Васильевна Тимофеева маннык этэр:
— Устудьуоннарга 4 сылы быһа Москубаҕа кураторынан ананан үлэлээбитим. Икки саҥа туруорбут испэктээктэрин тылбаастаабытым. Национальнай студияларга хайаатар да куратор диэн баар буолар. Оҕолор сахалыы үөрэнэллэригэр тылбаасчыт, көмөлөһөөччү ирдэнэр.
Бэйэм бибилэтиэкэр идэлээхпин, отуттан тахса сыл Саха тыйаатырыгар үлэлээбитим.
Ньурба тыйаатыра, чуолаан Юрий Алексеевич Макаров ыҥырыытынан быйыл бүтэрбит 20 выпускниктары кытары Ньурбаҕа кэллибит.
Устуоруйаны сэгэтэн көрөр буоллахха, Ньурбаҕа 1966 сыллаахха борохуотунан III-с устуудьуйа щепкинецтэрэ кэлбиттэрэ, кинилэр суолларын тэлэн, VI-c көлүөнэ щепкинецтэр бары хомуллан, манна үлэлии кэлбиттэри өйөөн, саҥа тыйаатыры көрө таарыйа кэллибит.
Быйыл 20 оҕо бүтэрибититтэн 12 -тэ Саха, Ньурбаҕа — 4, Эдэр көлүөнэҕэ -3 уонна 1 Хотугу норуоттар тыйаатырдарыгар ананнылар. Выпускниктар актёрскай карьераларын Ньурба тыйаатырыттан саҕалаатылар.
Маарга, Мархаҕа испэктээкиллэрбитин көрдөрдүбүт, таарыйа оскуолаларга профориантационнай үлэ ыыттыбыт. Алтынньы 4 күнүгэр Ньурбачаан нэһилиэгэр оскуолаҕа уонна киэһэлик А.Вампилов «Улахан уол» испэктээги көрдөрдүбүт.
СӨ үтүөлээх диэйэтэлэ, Саха тыйаатырын литературнай чааһын сэбиэдиссэйинэн үлэлээн кэлбит, суруйааччы, драматург Иннокентий Аксентьевич Дмитриев — Сиэн Чолбодук Ньурбачаан төрөөбүт дойдута буолар. Иннокентий Аксентьевич Щепкин училищетын IV көлүөнэҕэ мин курдук кураторынан үлэлээбит. IV көлүөнэҕэ Юрий Макаров бүтэрэн, И.А.Дмитриев — Сиэн Чолбодук учуутала буолар.
Кини мин саамай ытыктыыр учууталым буолар, өр бириэмэҕэ бииргэ үлэлээбиппит.Мин кини дойдутугар аан бастаан үктэнним, VI-с көлүөнэ артыыстара кини дойдутугар кэлэн испэктээк көрдөрүүлэрэ миэхэ мэлдьи устуоруйа кэрэһитинэн буолуоҕа.
Ньурбаҕа көһөрүллэ сылдьар драматическай тыйаатыр тэриллиэҕиттэн тыйаатыр бэйэтэ сүгүрүйээччилэрдээх, сөбүлүүр режиссёрдаах, сүгүрүйэ көрөр артыыстардаах.
Оннук курдук саҥа үлэлии кэлбит артыыстарбыт бэйэлэрэ көрөөччүлээх, фанаттаах буоллуннар диэн алгыыбыт эрэ. Ньурба тэрилтэлэрэ, ордук үөрэҕирии салалтата саҥа үлэлии кэлбит артыыстарбытын оскуолаларга трениннэргэ, маастар кылаастарга кытыннарыҥ, кинилэр эһиэхэ утары баран үөрэ-көтө сөбүлэһиэхтэрэ, -диэн ыҥырыынан Лена Тимофеева түмүк оҥордо.
Антонһина Семенова