🎈 Оҕолор 18 күн устата хоно сытан эмтэннилэр, доруобуйаларын чөллөрүгэр түһэрдилэр, элбэххэ үөрэннилэр. Бу сылга үктэнэн баран бу 5-с, сыл устата барыта 17 төгүл оҕолор киирэн тахсаллар. Бу сырыыга эмтэммит 20 оҕоттон 6-та инбэлиит, атыттара доруобайаларыгар хааччахтаах оҕолор.
Үөһээ-Бүлүүттэн, Сунтаартан уоннаНьурба нэһилиэктэриттэн, куоратыттан бааллар. Анал үөрэхтээх персонал оҕолору эмтиирин таһынан, олох үөрүйэхтэригэр, дьону кытары алтыһарга үөрэтэр. Элбэххэ үөрэммит, бэйэ-бэйэлэрин кытары ыкса доҕордоспут оҕолор үөрэн-көтөн бүгүн төрөппүттэрин көрсөн дьиэлэригэр тарҕастылар. Кэлэр нэдиэлэттэн 6-с төгүлүн атын оҕолор кэлиэхтэрэ.
✍🏻 Лена Петрова