Ньурбаттан научнай-практическай конференцияҕа кытыннылар

Тохсунньу 9-12 куннэригэр, Дьокуускай куоракка адемик В.П.Ларионов аатынан «Инникигэ хардыы» научнай-практическай  конференция 28- төгүлүн ыытыллар. Научнай-практическай  конференцияҕа  1800-тэн тахса оҕо кытынна,13 сиэксийэҕэ арахсан үлэ барда.

Маҥнайгы күн «Триумф» уораҕайыгар кыттааччылар улэлэрин стенданан  билиһиннэрбиттэрэ. Иккис күн  оҕолор экспердэр иннилэригэр үлэлэрин көмүскээтилэр.

Ньурбаттан  45 оҕо бэйэлэрин  үлэлэрин көмүскээтилэр. 23 оҕо маҥнайгы тургутууну ааһаннар, сиэксийэнэн этапка бырайыактарын көмүскээтилэр.

Икки күннээх тыҥааһыннаах үлэ түмүгэ сарсын, тохсунньу 11 кунугэр, тахсыаҕа. Оҕолор көхтөөхтүк кытыннылар, салайааччылар  долгуйдулар. Бу өй, билии, билим улахан тэрээһинэ сылын аайы ыытыллар. Манна араас хайысхаҕа чинчийэр үлэни оҥорбут, көмүскээбит оҕолор кытыннылар.

Конференция чэрчитинэн элбэх куурустар, маастар-кылаастар,  төгүрүк остуоллар, быыстапкалар  ыытыллаллар.

Наталья Жданова