Өймөкөөн улууһун Томторугар «Тымныы полюһа — Өймөкөөн 2024» экстремальнай марафон быйыл V- төгүлүн ыытыллар. Марафон генеральнай спонсорынан «БАСК» хампаанньа буолар.Саха Сирин Өймөкөөнүгэр «Тымныы полюһа -Өймөкөөҥҥө» экстремальнай усулуобуйаҕа сүүрүү тохсунньу 12 күнүгэр саҕаламмыта.
Спортсменнар саастарынан арахсан эр дьоннор уонна дьахталлар: 1) 18-39 саастаахтар; 2) 40-49 саастаахтар;3) 50-59 саастаахтар; 4) 60-69 саастаахтар; 5) 70-74 саастаахтар, 75 үөһээ саастаахтар куоталастылар.
42 км 195 м. марафоҥҥа 12 эр киһи, 2 дьахтар, 21 км 100 м.полумарафоҥҥа 24 сүүрүүк кытынна.
Ньурба улууһуттан үһүс төгүлүн Арассыыйа уонна СӨ спордун маастара, норуоттар икки ардыларынааҕы улахан чөмпүйэнээттэр хас да төгүллээх призера Ирина Дмитриевна Софронова үһүс төгүлүн кытынна.
— Быйыл үбүлүөйүнэй тэрээһин буолан, Арассыыйа араас регионнарыттан:Москуба, Смоленскай, Курскай, Владимирскай, Кемеровскай, Новосибирскай уобаластарыттан уонна Удмуртия өрөспүүбүлүкэтиттэн сүүрүүгэ кытыннылар. Марафон саҕаланыан иннинэ сүүрүктэргэ инструктаж ыыттылар.
Мин 21 км 100 м сүүрдүм. Быйыл экстремальнай сүүрүүгэ кыттааччыларга анаан ичигэс балааккалар, маны таһынан трассанан сүүрүүгэ мэдиссиинэ үлэһиттэрэ арыаллаатылар.»Тымныы полюһа -Өймөкөөн» марафону бүтүн аан дойду сэргээн көрдө.
Саха сирин саамай тымныы полюһугар 55 кыраадыс тымныы тыҥаан турдаҕына 38 спортсменнар 21 км 100 м. уонна 42 км 195 м. инники түһэн финишка кэллилэр.
Ирина Дмитриевна Софронова 60-69 саастаахтарга сүүрэн III-с миэстэни ылан, Ньурба улууһугар ситиһиини аҕалла.
Түгэнинэн туһанан Ирина Дмитриевнаны ис сүрэхпиттэн эҕэрдэлиибин.
Антонина Семёнова