📜🖋Тохсунньу 25 күнүгэр К.Д.Уткин — Нүһүлгэн аатынан «Норуоттар доҕордоһуулара» түмэлгэ улуу бэйиэт Александр Сергеевич Пушкин 225 сааһыгар анаан, СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ, СӨ Президенин бириэмийэтин Иван Иванович Крафт аатынан библиотечнай бириэмийэ лауреата, Дьиикимдэ нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо, үлэ бэтэрээнэ, Дьиикимдэ сельскэй бибилэтиэкэ, сүрүннүүр бибилэтиэкэрэ «Саха сирин коллекционердара» уопсастыбаннай тэрилтэ чилиэнэ, коллекционер Светлана Никандровна Павлова «Мин Пушкиным» («Мой Пушкин») нуучча улуу бэйиэтигэр анаан быыстапка тэрийдэ.
Тэрээһин саҕаланыыта А.С.Пушкин «Я вас любил» хоһоонугар, Борис Шереметьев матыыбыгар романсы СӨ үтүөлээх артыыһа Илья Николаевич Николаев толордо, СӨ култууратын туйгуна Лена Николаевна Таюрская аккомпаненнаата.
СӨ култууратын туйгуна Борис Иванович Борисов А.С.Пушкин поэматын ааҕан көрөөччү биһирэбилин ылла.
К.Д.Уткин аатынан «Норуоттар доҕордоһуулара» түмэл пуондатын сүрүн харайааччыта Людмила Никитина, улуустааҕы кииннэммит бибилэтиэкэ салайааччытын солбуйааччы Елена Саввинова, Дьиикимдэ олохтооҕо Луиза Акимовна Канаева, «Ньурба уоттара» түмсүү уо.д.а. быыстапка аһыллыбытынан эҕэрдэ тыл эттилэр, үөрүүлээх быһыыга-майгыга сибэкки дьөрбөтүн, Махтал суруктарын туттардылар.
Светлана Никандровна Александр Сергеевич Пушкиҥҥа аналлаах быыстапкатыгар 700-чэ: араас кээмэйдээх кинигэлэртэн саҕалаан, кинигэ закладкалара, открыткалар, значоктар, сувенирдар теманан араарыллан сүдү матырыйааллар туруоруллубуттар.
Александр Сергеевич оҕо сааһыттан саҕалаан, олорбут олоҕун кэрчиктэрэ, остуоруйалара, айымньылара киэҥник сырдатыллан көрдөрүллэр.
Түмүккэ, Светлана Никандровна: «Быыстапкабар 10х10 см. кыра кээмэйдээх, маны таһынан үлэбэр сыһыаннаах 300-тэн тахса кинигэ тутуурдаах статуэткалар, чэрниилэ кутар иһиттэр, 850-ча уруучука, мэкчиргэ муударас уонна били символа буоларынан 97 мэкчиргэ брошкалар кэлиэксийэбэр бааллар.
Суруйааччыларга аналлаах темаларынан көрөн мунньабын. Ойуччу тутан А.С.Пушкиҥҥа анаан матырыйаал муспутум балай да өр буолла. Манна быһа холоон 700-чэ экспонат быыстапкаҕа турда. Кыра кээмэйдээх кинигэлэри таһынан, өрөбөлүүссүйэ иннигэр тахсыбыт, 1935, талыллыбыт айымньылар,1949 сыллаахха сахалыы тылынан тахсыбыт айымньы, 1986 сыллаахха Пушкиҥҥа аналлаах Молдавия тылынан тахсыбыт халандаар, үрүҥ көмүс закладка, суруйааччыларга анаммат литературнай шоколадтар, магниткалар, бэйиэт мэтириэттэрэ, Пушкин музаларыгар аналлаах темаларынан арахсан туруоруллубуттар.
А.С.Пушкиҥҥа аналлаах быыстапкам олунньу 20-гэр диэри «Норуоттар доҕордоһуулара» түмэлгэ көрөөччүгэ анаан туруоҕа.
Кулун тутар ыйга Дьокуускай куоракка Белинскэй аатынан куорат бибилэтиэкэтигэр, бэс ыйыгар СӨ Национальнай бибилэтиэкэҕэ быыстапкам турара былааннанар,- диэн Светлана Никандровна кылгастык билиһиннэрдэ.
Быыстапкаҕа кэлбиттэр Светлана Никандровнаҕа анаан истиҥ-иһирэх тыллары эттилэр, кэлиэксийэлэрэ хаҥыы турарыгар, кэнэҕэһин быыстапка Саха сиригэр биһирэнэригэр баҕа санааларын тиэртилэр.
Антонина Семенова