«Оҕо Дьулаах Бухатыыр» премьерата  үрдүк таһымнаахтык барда

Сэтинньи 25 күнэ — Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр Олоҥхо күнэ Ньурба олохтоохторугар,  ыалдьыттарыгар сонун, үөрүүлээх түгэни бэлэхтээтэ.

 Спиридон Васильевич Петров-Чыычаах 130 сааһыгар, эһиил Ньурба улууһа 200 сылыгар анаан Ньурбаҕа «Оҕо Дьулаах Бухатыыр» олоҥхоттон музыкальнай драма-олоҥхо сүрэхтэннэ. 

XIX-XX үйэлэргэ Ньурба араас түөлбэлэрин олоҥхоһуттарын репертуарыгар киэҥник тарҕаммыт “Оҕо Дьулаах Бухатыыр” олоҥхо — Бүлүү сүнньүгэр «Кыыс кэрэ куоластааҕынан» аатырбыт С.В. Петров-Чыычаах аҕатыттан утумнаан толорбут норуот тылынан уус-уран айымньытын биир бастыҥ, кэрэхсэбиллээх холобура – саха олоҥхотун сэҥээрэр, кэрэхсиир, чинчийэр уонна үйэтитэр дьоҥҥо ананар. Испэктээк жанра  музыкальнай драма-олоҥхо буолар.

Ньурба тыйаатырыгар Олоҥхо күнүн үөрүүлээх арыллыыта «Кыталык» култуура дыбарыаһын  сценарийынан ыытылынна.Фойеҕа Маардааҕы «Дьөҥкүүдэ кыталыктара» (сал.Фёдорова С.П.) кырыымпаһыт оҕолоро, СӨ үтүөлээх артыыһа, Ньурба уонна Лөгөй нэһилиэгин  бочуоттаах гражданина  Борис Иванович Борисов алгыһынан аста.

РФ култууратын үтүөлээх үлэһитэ, Саха сирин  искусствотын үтүөлээх диэйэтэлэ Николай Павлович Петров, кылаабынай режиссер,  СӨ искусствотын үтүөлээх диэйэтэлэ, СӨ култууратын туйгуна  Александр Васильевич Титигиров, либретто ааптара РФ култууратын үтүөлээх үлэһитэ Федоров Афанасий Семенович, биллиилээх алгысчыт, кылаабынай консультант-этнограф, Бүтүн Арассыыйатааҕы күрэхтэр лауреаттара, «Килбиэн» бөлөх салайааччыта, «Кыл Саха» бөлөх солиһа,  С.А.Зверев аатынан үҥкүү национальнай театрын саха оркестрын салайааччыта, солиһа, Ньурба Антоновкатыттан төрүттээх   Дьулустан Гаврильевич  Никифоров, Ньурба оройуонун култууратын департаменын салайааччыта, СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ, Аар Дархан этээччитэ, Ил Дархан стипендиятын лауреата  Розалия Михайловна Тихонова кыттыылаах  пресс-конференция буолла.

РФ култууратын үтүөлээх үлэһитэ Афанасий Федоров:

— Спиридон Васильевич Петров-Чыычаах олох эрэйин-кыһалҕатын көрүстэр да,  саха култууратын умнубакка, уус-уран айымньытынан Олоҥхо  күнүгэр “Оҕо Дьулаах Бухатыыр”  испэктээк турда.

Саха омук сиэрин-туомун, эдэр ыччат анаан-минээн үөрэтэн омук быһыытынан айылҕабытыгар чугас буоларбытын итэҕэттибит дии саныыбын. Ньурба дьоно сырдык санааҕа ылларан,  уйгулаах, дьоллоох олоҕу, түстээн инники диэки хардыылыаҕыҥ,- диэн ыҥырыынан түмүктээтэ.

Арассыыйа  култууратын үтүөлээх үлэһитэ, СӨ ускуустубатын үтүөлээх диэйэтэлэ Николай Петров:

— Ньурба талба талааннаахтара норуодунай опера бастакы хардыытын оҥордулар. Ньурба олоҥхоһуттарын, ырыатын-тойугун, үҥкүүтүн-битиитин сөргүтүү буоларынан, эдэр  ыччаттарга, кэлэр көлүөнэҕэ иҥэн хааларыгар баҕарабын.

Тылбытын-өспүтүн, оһуокайбытын умнубатахпытына саха омук быһыытынан хаалыахпыт этэ. Саха култууратын, дорҕоонун, олоҥхотун умнубат сыалтан эдэр ыччаттарга научнай-сырдатар өттүттэн үөрэтии, чинчийии Ньурба улууһун өрө көтөҕөн духуобунай өттүнэн сайдыыга туһуланар. Аканаттан Жиркова Людмила Егоровна, Ньурбаттан Матвеева Анна Егоровна  Ньурбалыы, Бүлүүлүү олоҥхону толорууга  үөрэттилэр. Испэктээк кэнниттэн олохтоох дьон,эдэр ыччат  үрдүк ускуустубаҕа тардыһарын туһугар үлэ барда. 2024 сылга  «Улуу Омолдоон»  туруоҕа. Бу испэктээги таҥан, талан, Ньурбаҕа 2027 сылга ыытыллыахтаах спортивнай оонньууларга «Ньырбакаан» операны  туруоруохпутун, манна эдэр ыччаты кытыннарар санаалаахпыт. Бу үс испэктээктэр спортивнай оонньуулар култуурнай  бырагыраамаҕа киирэригэр үлэлэһэбит.

Ньурбалар ССРС кинематографиятын туйгуна, СӨ култууратын туйгуна Лосотов Владимирович Семенович  биллиилээх тойуксуттар толорууларын устубут, муспут сэдэх кылаатын Ньурба улууһа үп-харчы көрөн, оцифровкалатаргыт буоллар, — диэн баҕа санаатын тиэртэ.

СӨ ускуустубатын үтүөлээх диэйэтэлэ Александр Титигиров: — Ньурба улууһун 9 нэһилиэктэриттэн үс көлүөнэ: аҕам, орто саастаах, эдэр көлүөнэ ыччаттар кытыннылар. Манна нэһилиэктэр кулууптарын үлэһиттэрэ,  Ньурбатааҕы ЫБМ, ОДьКХ,  үөрэҕирииттэн иитээччи, учуутал идэлээхтэр уо.д.а. тэрилтэлэртэн бэйэлэрэ баҕа санааларынан кыттыыны ыллылар. Ньурбаҕа маннык киэҥ далааһыннаах үлэ тура илик, — диэн бэлиэтээтэ.

Түмүккэ, үөрүүлээх чааһыгар улуус баһылыгын солбуйааччыта Семенов В.Н., улуус Сүбэтин бэрэссэдээтэлэ Михайлова Н.М. эҕэрдэ тыл эттилэр, чулууттан чулууларга наҕараадалары туттартаатылар. Ол курдук үҥкүү туруорааччылар  Галина Степанова, Наталья Андреева, Марианна Попова, Анжелика Седалищева, тыыннаах доҕуһуолунан музыкальнай өттүнэн киэргэппит  Дьулустан Никофоров салайар бөлөҕө үрдүк сыанаттан ааттара ааттаннылар.

Спиридон Васильевич Петров — Чыычаах сиэннэрэ, хос сиэннэрэ олоҕун салгыыллар. Олоҥхо күнүгэр анаан-минээн эһэлэрэ, хос эһэлэрин «Оҕо Дьулаах Бухатыыр» айымньыта Ньурба дьонугар-сэргэтигэр, киэҥ эйгэҕэ тахсыбытынан киэн тутталларын биллэрэн туран, бырайыак салайааччыларыгар, Ньурба улууһун  нэһилиэктэрин кэрэ куоластаах олоҥхоһуттарыгар, үҥкүүһүттэригэр, талба талааннаахтарыгар, тэрээһини тэрийбит туруораччы режиссердарга Титигиров Александр Васильевичка, Тартакынова Розалия Васильевнаҕа, либреттаны суруйбут Федоров Афанасий Семёновичка, музыка өттүгэр  киэргэтиини оҥорбут маанылаах күтүөттэригэр Петров Николай Павловичка, бырайыак ааптарыгар Тихонова Розалия Михайловнаҕа, көстүүмнэр худуоһунньуктарыгар Марина Андрееваҕа, Камилла Михайловаҕа махталларын биллэрдилэр.

Аймахтар  ааттарыттан эһэлэрин Спиридон Васильевич Петров — Чыычаах мэтириэтин улуустааҕы Култуура департаменын  салайааччытыгар Розалия Михайловнаҕа үөрүүлээх быһыыга-майгыга бэлэх ууннулар.

Туруорааччы-худуоһунньуктар Камилла Михайлова, Марина Андреева көмөлөрүнэн оройуоммут көмүс тарбахтаах иистэнньэҥнэрэ артыыстарга  тикпит көстүүмнэрэ  ураты көстүүнү биэрдилэр. Тарбахтарыгар талааннаах, Арассыыйа таһымыгар аатырбыт тимир уустара сүрүн дьоруой Оҕо Дьулаах Бухатыыр  таҥаһын ылсан тиһэҕэр тиэрдэннэр дьон биһирэбилин ылыахтарын ыллылар.

Антонина Семенова

Хаартыскаҕа Рустам Кириллин түһэриилэрэ

Сиһилии «Ньурба» хаһыат кэлэр нүөмэригэр ааҕыҥ.