Олунньу 15 күнэ- Россия тас өттүгэр сэриилэргэ кыттыбыт буойуннары кэриэстээһин күнэ

Быйыл Афганистан сэриитэ бүппүтэ 35 сыла. “Итии туочукаларынан” ааттаммыт Афганистан, Чечня сэриилэрэ дойдубут историятын биир оспот бааһа буоллаҕа.

Бу сэриигэ Афганистан кыраныыссатын бөҕөргөтүүгэ, онно буолбут кыргыстаах сэрии уотун-кутаатын, өлөр-тиллэр мүччүргэннээх сырыыларга мэлдьи да буоларын курдук саха уолаттара, эдэркээн саллааттар сэрии уотун эрдээхтик тулуйбуттарын, кимиэхэ да сирдэрбэтэхтэрин тоһоҕолоон бэлиэтииллэр.

Афганистан сэриитигэр биһиги биир дойдулаахпыт Андросов Том Николаевич кыттыыны ылбыта. Орто оскуоланы 1984 сыллаахха Маар нэһилиэгэр бүтэрэн, салгыы Дьокуускай куоракка ДОСААФ линиятынан суоппар идэтин ылбыта. Кини 1985 сыллаахха аармыйаҕа ыҥырыллан, алта ый саллаат суоппардар куурустарын ааһан, эдэркээн саллааты  Афганистан сэриитигэр ыыппыттара.Манна тиийэн, Камаз массыынаҕа суоппарынан сылдьан,куораттар икки ардыларыгар уматыгы таһара.Бу олус эппиэттээх уонна кутталлаах сырыылары Том Николаевич эрдээхтик уонна хорсуннук ааспыта.Ол да буоллар кини хайдах сулууспалаабытын туһунан аһаҕастык ахтыбат этэ.

Том кэргэнэ Екатерина Анатольевна кэргэнин туһунан:“Сылын аайы олунньу 15 күнүгэр Афганистан сэриитигэр сылдьыбыт доҕоттор, буойун интернационалистар мустан, студенныы сылдьан куоракка, Ньурбаҕа үлэлии сылдьан,ыалга мустан, кэргэннэрин илдьэ кэлэн ахтыһан ааһаллар, көрсүһэллэр этэ.Онно кэпсииллэринэн  Афганистаҥҥа куйаас 60 кыраадыска тиийэр, түүнүн кыратык утуйа түһээри инчэҕэй бырастыынаҕа утуйан туралларын, түүнүн фаарата суох массыынанан айанныылларын, кыратык сыыһа үктээтиҥ да, душманнар миинэлээбит суолларыгар түбэһиэххин сөбүн. Офицердар массыына эстэр түгэнигэр саллаат автоматы,  докумуоннары хаалларбатын туһунан мэлдьи санаталлара.Биир түгэҥҥэ  массыынам умайбытыгар чуут тыыннаах ордон хаалбытым.Мэлдьи бэйэҕин кэтэнэ сылдьаҕын, күнүс эйигин кытта үөрэ-көтө кэпсэппит,килиэп ылбыт оҕоҥ түүн оҥостон кэлэн ытан кэбиһиэн сөбө.Айаннаан иһэр аргыс повар саллааты сүүһүн ортотугар ыппыттара дьулаан этэ диэн кэпсиирэ”-  диэн ахтыытыгар суруйбут.
Том Николаевич бэйэтэ бу уматык тиэйэр массыыналар колонналарыгар командирынан сылдьыбыта.
Үгүс хаан тохтуутун, өлүүнү- сүтүүнү эт хараҕынан көрбүт эдэркээн саллаат уол аармыйаттан тас көрүҥнүүн уларыйан,баттаҕа маҥхайан, элбэхтик санааҕа түһэн табахтыыр буолбутун ийэтэ Федора Афанасьевна хомойо ахтара,аны кэлэн санаатахха ийэ барахсан оҕотун туһугар сүрэҕэ ыалдьан хас түүн утуйбатаҕын, хараҕын уутун тохпутун, бэйэтэ эрэ билэн эрдэҕэ.Том бу уоттаах кыргыһыыттан этэҥҥэ сылдьан кэлбитигэр дьонноро бырааһынньык остуолун тэрийэн, аймахтарын ыҥыран үөрүүлэрин үллэстибиттэрэ мин  өйбөр хаалбыт.

Аармыйа кэнниттэн Том Николаевич тута СГУ педагогическай факультетыгар үөрэнэ киирбитэ.Манна үөрэнэ сылдьан олоҕун аргыһын, тапталын көрсөн Нам кыыһа Катялыын ыал буолбуттара.Аҕыйах саҥалаах Том үөрэнэр сылларыгар үрдүкү математика, физика предметтэригэр ордук аһыллара,преподавателин кытта тэҥҥэ суоттаһара.Эдэр ыаллар үөрэхтэрин бүтэрэн,4 саастаах кырачаан кыыстаах Ньурба сиригэр кэлбиттэрэ.Тыа үлэтигэр сыстаҕас, ыал улахан оҕото буолан, дьонугар элбэхтик окко-маска көмөлөһөн улааппыт Том дьонноруттан чугас олорон, мэлдьи көмөлөһө сылдьаары ордук үөрбүтэ.Екатерина Анатольевна Ньурба 2-№-дээх оскуолатыгар технология учууталынан, иитэр үлэҕэ саабыһынан олус бэриниилээхтик үлэлээбитэ, коллектив биир бастыҥ киэн туттар учуутала этэ.Ыал аҕата идэтинэн үлэ көстүбэккэ, милииссийэҕэ үлэҕэ киирбитэ.Буойун интернационалист Том Андросов  Ис дьыала оройуоннаҕы отделын начальнигын көмөлөһөөччүтүнэн үлэлээн, кинини дьуһуурунай чаас үгүс түбүктээх үлэтигэр боппуруоһу чуолкайдык, сокуону кытаанахтык тутуһарынан билинэллэрэ.Старшай лейтенант китиэлин элбэх бойобуой наҕараадалар , ол иһигэр “Воину-интерналисту от благодарного афганского народа” мэтээл киэргэтэрэ.
Том дьиэ кэргэнигэр олус истиҥ сыһыаннаах кэргэн, аҕа этэ, кыргыттарын көрсөн,сүрдээх асчыт, ыалдьытымсах хаһаайын этэ, ону сэргэ булдун арааһынан дьонун элбэхтик күндүлээбит киһи.

Сирдээҕи олохтон эрдэ туораабыт биир дойдулаахпыт,аймахпыт Том Николаевич туһунан сырдык өйдөбүл мэлдьи хаалан, билигин кини олоҕун кыргыттара сиэннэрэ салҕыыллар.Кэргэнэ Екатерина Анатольевна дойдутугар Намҥа “ Детский технопарк КуБИТ” оҕо киинин директорынан, улахан кыыс Виктория Дьокуускай куоракка бэйэтэ салоннаах, визажист стилиһинэн,кэргэннээх 3  оҕолоох, Учуутал идэлээх Айталина  кыыс оҕолоох, эдэр ыал Покровскай куоратыгар олороллор.

Хомойуох иһин, сэрии диэн курус тыл биһиги бүгүҥҥү олохпутугар эмиэ киирэн, хас биирдиибитин долгутар.Онон төрөөбүт дойдуга таптал, бэриниилээх буолуу, ыччаты бэрт кыра сааһыттан патриотическай тыыҥҥа иитии билиҥҥи олохпут сүрүн ирдэбилэ. Ийэ дойдуларын көмүскүү, бу сэриигэ кытта сылдьар дьоммут кыайан-хотон, этэҥҥэ сылдьан эргиллэн кэлэллэрин, эрэнэ күүтүү- барыбыт баҕабыт буолар.

Мария Николаева,Ньурба-Дьокуускай