Сааскы халааны сабаҕалааһын: күһүҥҥү ардах, хойутаабыт дьыл тугу түстүүллэрий?

 

Биһиги кэтээн көрүүбүтүнэн, өрөспүүбүлүкэ сүрүн өрүстэригэр күһүн муус нуорматтан (орто болдьохтон) хойутаан турбута, – диир Саха сирин гидрометеорологияҕа уонна мониториҥҥа салалтатын начаалынньыгын солбуйааччы Вячеслав Шехиров. – Ол курдук, Өлүөнэ Өлүөхүмэҕэ уонна киин улуустарга 7-тэн 14, аллараа сүүрүгэр 4-тэн 7, Алдан 2-тэн 10, Бүлүү 5-тэн 15 итиэннэ хоту, хотулуу-илин сытар өрүстэр 2-тэн 11 сууккаҕа тиийэ хойутаабыттара.

Алтынньыга Өлүөнэ өрүс Күһүүр – Хабаров, Алдан өрүс Уус Мил – Петропавловскай, Амма өрүс Амма – Харбалаах, Халыма өрүс Орто Халыма – Колымское учаастактарыгар, ону тэҥэ Дьааҥы өрүс устатын тухары уонна Индигирка аллараа сүүрүгэр элбэх сыллааҕы орто болдьохтон 5 – 13 хонук хойутаан мууһунан бүрүллүбүттэрэ. Арай, Индигиркаҕа Уус Муома – Белай Гора учаастагар эрэ нуормаҕа чугасаһара бэлиэтэммитэ.

Муус турарыгар өрүстэргэ уу таһыма нуорматтан 10 – 80 см үрдүк этэ. Маҥнайгы күн Өлүөнэ, Алдан, Амма, Бүлүү өрүстэргэ нуорматтан 10 – 110 см үрдүгэ, оттон киин улуустарга 30-тан 160 см диэри намыһаҕа бэлиэтэммиттэрэ. Алдан өрүскэ Томмот куорат уонна Дьааҥыга Верхоянскай куорат анныларынан, Индигиркаҕа Уус Ньара бөһүөлэк туһаайыытынан нуормаҕа чугасаһар уонна 30 см намыһах этэ”.

Вячеслав Анатольевич атырдьах ыйыгар уонна балаҕан ыйыгар ардаан, күһүн сир үөһээ араҥата ыйдааҕы нуорматтан 100 – 200 бырыһыан сииктээх тоҥмутун, ити иһигэр Үөһээ Халыма сиригэр-уотугар нуорматтан аһара илийбитин (290%), Ленскэйгэ, Өлүөхүмэҕэ барытыгар уонна Алдан сорох өттүгэр сир сиигэ аҕыйаҕын тоһоҕолоон эттэ.

Бу дьыл тохсунньу 20 күнүгэр муус халыҥын кээмэйдээһин көрдөрбүтүнэн, биирдиилээн учаастактары аахсыбатахха, элбэх сыллааҕы орто көрдөрүүттэн чараас эбит. Өлүөнэҕэ Пеледуй бөһүөлэк, Өлүөхүмэ уонна Покровскай куораттар анныларынан итиэннэ Күһүүр гидропуоһугар, Алдаҥҥа Батамай, Бүлүүгэ Бүлүү куорат туһаайыыларынан, Халыма Зырянка – Орто Халыма учаастагар муус нуорматтан 5 – 15 см халыҥ.

Былырыыҥҥы туһааннаах кэми кытта тэҥнээтэххэ, муус халыҥа Өлүөнэ, Алдан, Амма сорох учаастактарыттан ураты ааспыт сылларга 5 – 45 см тиийбэт. Ол эрээри, тохсунньу иккис дэкээдэтигэр Өлүөнэ өрүс мууһа Күһүүр аннынан 24 см тиийэ эбиллибитэ бэлиэтэннэ.

Эмиэ тохсунньу 20 күнүнээҕи дааннайынан, өрөспүүбүлүкэ сиригэр-уотугар хаар эриэ-дэхситик түспэтэ: Анаабыр, Дьааҥы, Марха тардыыларыгар, Өлөөн уонна Бүлүү орто, алын сүүрүктэригэр, Өлүөхүмэ аллараа өттүгэр, Алдан өрүс Алдан уонна Томпо улуустарынааҕы тардыыларыгар нуорманы аһарбыт буоллаҕына, олортон ураты сирдэргэ хаар нуормаҕа чугасаһар уонна нуормаҕа тиийбэт.

Метеорологтар билгэлииллэринэн, олунньуга сөҥүү түһүүтэ Саха сирин киин өттүгэр элбэх сыллааҕы орто көрдөрүүнү куоһарара, оттон Индигирка уонна Халыма сүнньүлэринэн кэмчи буолара күүтүллэр. Салгын температурата хоту уонна илин эҥээргэ сытар улуустарга нуорматтан 1 – 2 кыраадыс намыһах, арҕаа төттөрүтүн 1 – 2 кыраадыһынан үрдүк буолуоҕа. Киин улуустарга нуормаҕа сөп түбэһэр.

Вячеслав Шехиров этэринэн, Гидрометсулууспа Саха сирин өрүстэригэр, үрэхтэригэр сааскы халаан хайдах быһыыланыан-майгыланыан туһунан барыллааһын сабаҕалааһыны кулун тутар 6 күнүгэр, оттон ханнык өрүс хаһан эстэрин уонна халаан уута төһө таһымнаах буолуоҕун тустарынан уһун болдьохтоох официальнай билгэлээһини муус устар 17 күнүгэр эрэ биэрэр кыахтаах.

Манна даҕатан бэлиэтээтэххэ, кэлиҥҥи сылларга улахан өрүстэрбит 2 – 4 хонук эрдэлээн эстэр буоллулар. Быйыл даҕаны ол “эрэсиимнэриттэн” туоруулларыгар билиҥҥитэ төрүөт суохха дылы. Хаһан даҕаны эһинниннэр, сүрүнэ – харыы үөскээн, халаан уута аһара таһымнаан, алдьархайы таһаарбатар. Ону бохсорго сөптөөх үп-харчы көрүллэн, кулун тутар ортотуттан мууһу кэбирэтэр үлэ саҕаланыаҕа.

Василий Никифоров


Также по теме:
Саха сирин өрүстэригэр сааскы халааны куттала суох аһарар дьаһаллары торумнаатылар

Читайте дальше