Саҥа анааһын

Улуус баһылыгын бирикээһинэн алтынньы 16 к. улуустааҕы урбаан, эргиэн уонна олохтоох оҥорон таһаарыы департаменын салайааччытынан-улууска ис бэлиитикэҕэ улуус баһылыгын солбуйааччытынан Пан Михаил Маркович ананна.

Михаил Маркович эрдэ Ньурба к. баһылыгынан, «Якутопторг» тэрилтэ кылаабынай исписэлииһинэн, Ньурба улууһун үөрэҕин управлениетын Дьокуускайга бэрэстэбиитэлинэн үлэлээтэ.

Улуус дьаһалтатын пресс-сулууспата.