Саҥа кинигэ сүрэхтэннэ

Дьокуускай куоракка балаҕан ыйын 29 күнүгэр «Алаас ааттаах…» биктэриинэ-кинигэ сүрэхтэниитэ Н.Д.Неустроев аатынан SMART-бибилэтиэкэҕэ олус сэргэхтик ыытылынна. Бу олус сонун бырайыак ааптара — «Айар» кыһа  Үөрэх уонна оҕо киинин салайааччыта Марина Георгиевна Никифорова көҕүлээн өрөспүүбүлүкэ оскуолаларын 46 педагог-бибилэтиэкэрдэрэ ыйытыктары толкуйдуурга көмө буоллулар.

Ол курдук биһиги улууспутуттан 6 педагог-бибилэтиэкэрдэр: Антонова Галина Никитична (Н.И.Кочнев аатынан 1-Хаҥалас орто оскуолата), Васильева Вера Семеновна (Күндээдэ орто оскуолата), Иванова Оксана Эдуардовна (К.Д.Уткин аатынан Марха орто оскуолата), Саввинова Альбина Сергеевна (М.В.Мегежекскэй аатынан Маалыкай орто оскуолата), Степанова Матрена Алексеевна (Е.К.Федоров аатынан Хорула орто оскуолата), Татаринова Лариса Васильевна (Ст.Васильев аатынан Ньурба гимназията) бу кинигэ тахсарыгар кыттыыны ыллылар.

Кинигэҕэ Сахабыт сирин улуустарын, Дьокуускай куорат, өрүстэр, күөллэр, алаастар, хайалар, өйдөбүнньүктэр ааттарын кытта ситимнээх 214 кэрэхсэбиллээх ыйытыктар 7 салааҕа араарыллан киирдилэр.

Кинигэ биһирэмэ олус сэргэхтик ааста. Хас биирдии кыттыгас дьону бэлиэтээтилэр. Видеонан эҕэрдэ тыл эттилэр: «Дьокуускай куорат» муниципальнай тэриллии аҕа баһылыга Григорьев Е.Н., Мэҥэ Хаҥалас улууһун Мэлдьэхси нэһилиэгин баһылыга Никифоров В.Г., С.А. Новгородов аатынан «Айар» кыһа салайааччыта Егоров А.В., ырыаһыт, тамада Мирослав Егоров, СӨ үтүөлээх геолога Андреев А.П., «Өркөн өй» интеллектуальнай оонньуу ыытааччыта, суруналыыс Георгий Белоусов. Ону тэҥэ Ленскэйдээҕи уу управлениетын салайааччыта Аргунов П.М., СӨ-гэр Россиятааҕы оскуола бибилэтиэкэрдэрин ассоциациятын бэрэссэдээтэлэ  Гусевская Е.В., С.А. Новгородов аатынан «Айар» кыһа сүрүннүүр эрэдээктэрэ Макеева М.Г.

Саҥа сүрэхтэммит кинигэ төрөөбүт дойдубут историятын интэриэһиргиир ааҕааччыга ананар.

Антонова Галина Никитична,  Н.И.Кочнев аатынан 1-Хаҥалас орто оскуолатын бибилэтиэкэрэ