Тыа сирин үлэһит дьоно Дьокуускайга сыл баһыгар-атаҕар биирдэ эмит түмсэн ааһаллар. Саха сирин бааһынай хаһаайыстыбаларын уонна тыа хаһаайыстыбатын кэпэрэтииптэрин ассоциациятын тэрээһининэн, өрөспүүбүлүкэ бааһынай хаһаайыстыбаларын баһылыктара уонна кэпэрэтииптэр салайааччылара, барыта 90-тан тахса киһи, министиэристибэ мунньахтыыр саалатыгар мустан, инники үлэлэрин-хамнастарын дьүүллэстилэр.
Тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтигэр 2022 сыл түмүгүнэн отчуотун 2334 хаһаайыстыба (ол иһигэр урбаанньыт-бааһынайа – 1509, тыа хаһаайыстыбатынан дьарыктанар урбаанньыта – 825) туттарбыт. Ассоциация толорооччу дириэктэрэ Зарема Бочкарева билиһиннэрэринэн, билиҥҥитэ 1175 чилиэннээхтэр, балартан бааһынайа (фермерэ) – 1104, кэпэрэтиибэ – 69, аҕа ууһун общината – 2. Былырыын 23 саҥа чилиэн эбиллибит буоллаҕына, быйыл сыл аҥаарыгар 53 хаһаайыстыба киирбит. Саалаҕа олорооччуларынан даҕаны сылыктаатахха, астыйбыт баттахтаахтар оннуларыгар эдэрдэр элбээбиттэрэ, саҥа солбук кэлбитэ ала-чуо көстөр.
Үлэ дьоно, бастатан, тыа хаһаайыстыбатын уонна ас-үөл бэлиитикэтин миниистирэ Артем Александровтуун сирэй көрcөн билистилэр. “Миниистиринэн анаммытым икки ый буолан эрэр. Министиэристибэҕэ саҥа киһи буолбатахпын: 2016 сылтан ыла департамент салайааччытынан, миниистири солбуйааччынан үлэлээн кэллим. Тыа сиригэр үөскээбит буоламмын, сүөһү-хотон үлэтин кырабыттан эппинэн-хааммынан билэн улааппытым. Онтон үөрэнэн, идэ ылан бараммын нэһилиэк баһылыгынан, улуус баһылыгын солбуйааччынан үлэлээммин, уларыта тутуу кэннинээҕи тыа сирэ тугунан тыынарын, туох кыһалҕалааҕын чугастык билэбин”, – диэн бэйэтин билиһиннэрдэ.
Миниистир мунньах иннинээҕи күн киэһэтигэр 16 хаһаайыстыба салайааччытын кытта көрсөн сэһэргэспитигэр уонна бааһынайга күргүөмүнэн барыы 30 сыллаах анаалыһыгар олоҕуран: “Хаһаайыстыба кэтэх буоллун, бааһынай буоллун, солбуктаах буоллаҕына эрэ – салгыы сайдар, инникилээх. Бааһынай хамсааһынын саҕалаабыт дьон билигин сааһыраннар, хаһаайыстыбаларын оҕолоругар туттарар кэмнэрэ тиийэн кэллэ. Хомойуох иһин, киһи (ыал) эрэ барыта салгыыр киһилээх буолбатах, баарын даҕаны иһин, сорохтор хаһаайыстыба үлэтигэр-хамнаһыгар көтүмэхтик сыһыаннаһаллар. Хаһаайыстыбаны үлэлэтии туох-ханнык иннинэ үрдүк эппиэтинэс буоларын эдэр киһи өйдүөх кэриҥнээх. Оттон биһиги министиэристибэ өттүттэн үлэлиир баҕалаах эдэр, эрчимнээх дьону көҕүлүүргэ, өйүүргэ өрүү бэлэммит”, – диэтэ.
Артем Александрович этэринэн, дойдуга 2012 сылтан ыла анал федеральнай бырагыраама ылыллан үлэлиэҕиттэн өрөспүүбүлүкэҕэ 1300-чэ саҕалааччы фермергэ уонна бааһынай хаһаайыстыбаҕа тирэҕирэн үлэлиир дьиэ кэргэн ферматын сайыннарыыга, сүрүннээн, хотон тутталларыгар, сүөһү уонна тиэхиньикэ атыылаһалларыгар 3-тэн тахса млрд солкуобайдаах көмө оҥоһуллубут. Урут элбэх эдэр исписэлиис “Тыа сирин кэлимник сайыннарыы” федеральнай бырагырааманан туһанан, дьиэ туттубута. Тыа сиригэр сылга 400-500 кэтэх дьиэ тутуллан киирэрэ. Миниистир саалаҕа олорооччулартан бу бырагырааманан кэлиҥҥи сылларга ким дьиэ туттубутун ыйыппытыгар соҕотох киһи уунна. “Федеральнай министиэристибэ олорор дьиэни туттарга, атыылаһарга кыра бырыһыаннаах ипэтиэкэ тэнийбитинэн сиэттэрэн, төрүт тохтотон эрэр. Оттон тыа хаһаайыстыбатын үлэһитин хамнаһа онно даҕаны эппиэттээбэт. Онон, өрөспүүбүлүкэ бу хайысхаҕа бырагыраама оҥостон үлэлэтэрэ эрэйиллэр буолла”, – диир А. Александров.
Саҥа миниистир тыа хаһаайыстыбатын тэрилтэлэрин салайааччыларын кытта көрүстэр эрэ ыччаты тыа хаһаайыстыбатын үлэтигэр сыһыарыы уһуйаантан, оскуолаттан саҕаланыахтааҕын мэлдьи тоһоҕолоон бэлиэтиир. “Өрөспүүбүлүкэҕэ аграрнай хайысхалаах 90-тан тахса оскуолалаахпыт. Кинилэр сүрүн соруктара оскуола остолобуойун аһынан-үөлүнэн хааччыйыы буолбатах, ыччат аграрнай идэни ылан, тыа сиригэр олохсуйан үлэлиирин хааччыйыыга туһуланыахтаах, – диир миниистир. –Иккиһинэн, министиэристибэ сыл аайы 30-тан тахса мөл. солкуобайы тыа хаһаайыстыбатын орто анал уонна үрдүк үөрэхтээх исписэлиистэрэ тыа сиригэр тиийэн үлэлииллэрин көҕүлээри хамнастарыгар эбии төлөбүргэ ороскуоттуур”.
Миниистир салгыы тыа хаһаайыстыбатын боломуочуйатыгар тохтоото. Улуустар бэриллибит боломуочуйаны толороллоругар 7,5 млрд солкуобай субвенция быһыытынан тиийэр. Артем Александрович саныырынан, боломуочуйаны улуустан салгыы нэһилиэк таһымыгар биэрдэххэ, хамсааһын тахсыаҕа. Туох кистэлэ кэлиэй, бааһынайдар ылбыт граннарын үбүн сыыһа-халты тутталлара баар. Өскөтүн, нэһилиэк дьаһалтата үбү-харчыны бэйэтэ үллэрэр, тиксэрэр буоллаҕына, эппиэтинэһэ үрдүүрэ уонна тус хонтуруолугар ылара биллэр. Тыа хаһаайыстыбатын сайыннарыыга үүнэр 2024 сылга 15 млрд солкуобай көрүлүннэ. Миниистир инникитин 18-19 млрд солкуобайга таһаарар баҕа санаалааҕын биллэрдэ.
– Билигин үөскээбит быһыыга-майгыга бэйэ аһынан-үөлүнэн быспакка хааччыйыы – тыын суолталаах, бастакы нүөмэрдээх сорукпут. Баччаҕа диэри биһиги онно сөптөөх методологията суох үлэлээн кэллибит. Саха сирин хас биир олохтооҕор тиксэр нуорма чуолкай биллэр буолуохтаах. Онно эһиги, бааһынайдар, оҥорон таһаарар бородууксуйаҕыт тирэх буолуохтаах, – диэтэ Артем Александров уонна инники үлэлэригэр-хамнастарыгар ситиһиини баҕарда.
Манна сыһыаран суруйдахха, миниистир бааһынайы уонна кэтэҕи ситимниир соҕотох суол баарын, ол кэпэрээссийэ тиһигэ буоларын өссө төгүл тоһоҕолоон бэлиэтээтэ. Кэтэх хаһаайыстыбалаахтары дойду үрдүнэн соҕотох Саха Өрөспүүбүлүкэтин салалтата өйүүрүн санатан туран, кэтэх хаһаайыстыбалаах ыал сүөһүтүн-хотонун эһэр түгэнигэр кэпэрэтиип эрэ салгыыр кыахтааҕын эттэ уонна тыа хаһаайыстыбатын үлэтин өйүүр мэхэньииһим 2025 сылтан тосту уларытыллыаҕын иһитиннэрдэ.
Василий Никифоров
Анна Сергучева (ТХАҮөБМ пресс-сулууспата) хаартыскаҕа түһэриилэрэ.