СӨ үтүөлээх артыыһа Екатерина Аркадьевна Саввинова — Саина Ньурба олохтоохторугар балаҕан ыйын 29 күнүттэн алтынньы 5 күнүгэр диэри “Тыын-Ыллаа” чэбдигирдии, интенсивнэй-тренинг, вокальнай йогаҕа алта күннээх кууруһу тэрийэн ыытта.
Саина сыанаҕа ыллаабыта 28 сыл, педагог быһыытынан үлэлээбитэ 20 сыл буолбут. Канада, АХШ, Казахстан, Москуба, Санкт-Петербург, Сочи, Хабаровскай, Казань куораттарга маннык хабааннаах маастар-кылаастары ыыталаан кэлбит. 32 араас истииллээх уонна жанрдардаах ырыалары толорор. Арассыыйа “Россия 1” федеральнай ханаалыгар “Ну-ка все вместе!” биэриигэ эксперт буола сылдьыбыт.
Саина Ньурбаҕа сырыытын “Саха сирин Судаарыстыбаннаһын күнүгэр анаан “Туругур, Ньурбачааным” диэн Ньурбачааҥҥа эҕэрдэ кэнсиэринэн саҕалаабыта.
“Кыталык” култуура дыбарыаһыгар Екатерина Аркадьевна -Саина дьону дьарыктыыр кэмигэр көрсөммүн кэпсэппиппин ааҕааччыларга тиэрдэбин.
-Екатерина Аркадьевна, Ньурбаҕа кэлбит сыалгыт-соруккут туһунан билиһиннэриҥ эрэ.
Эһэтэ үлэ бэтэрээнэ Саввинов Борис Семёнович
— Мин Ньурбаҕа эһэбин кэриэстээн кэллим. Эһэм Саввинов Борис Семёнович Ньурба Ньурбачааныттан төрүттээх, бииргэ төрөөбүттэр төрдүөлэр, Прокопий — Ленскэйгэ, Николай — Сангаарга, Прасковья Дьокуускай куоракка олохсуйан олороллор. Мин эһэм рыбнай техникуму бүтэрэн, хоту Булуҥҥа ананан үлэлии барар, кэлин балык собуотун дириэктэрэ буолар. Эбэбин Винокурова Екатеринаны көрсөн олохторун холбууллар. Сэрии саҕаламмытыгар дойдутугар кыайан кэлбэт. Сэрии кэминээҕи аас-туор олоҕу ааһан, кэлин ыарытыйан балыыһаларынан, санаторийдарынан сылдьан эмтэнэр.
Саина чугас дьоннорун кытары
Мин 1971 сыллаахха күн сирин көрбүппүн, эһэм миигин икки сыл көрөн дьоллонор. 1974 сыллаахха олохтон туоруур, хомойуох иһин, дойдутугар төннүбэтэҕэ. Быйыл аймахтарбын көрсө таарыйа Ньурбачааҥҥа сольнай кэнсиэр көрдөрдүм. Ньурбачаантан төрүттээх продюсер Антон Иванов “Ньурбачааным” диэн ырыаны бэлэхтээбитигэр махтанабын.
Ньурбаҕа бастакынан “Вокальная йога Саины” дьону тыыныы ньыматыгар уонна дорҕоон арт-терапиятыгар үөрэтэ кэллим. Маннык хабааннаах бырайыагы куоракка ыыппытым хас да сыл буолла. Икки сыл анараа өттүгэр аан бастаан Тааттаттан саҕалаабытым. Харбалаахха, Ытык Күөлгэ, Чурапчыга, Уус Алдаҥҥа, Кэбээйигэ, Томпоҕо, Сааскылаахха, Анаабырга, Орто Халымаҕа сылдьыбытым уонна бу Ньурбаҕа кэллим. Сүрүннээн ыҥырыынан сылдьабын.Миигин манна улуустааҕы Култуура департаменыттан Дора Бурнашева ыҥырбыта.
Педагог быһыытынан дьону үөрэппитим 20-чэ сыл буолла. Кэнники кэмҥэ тренинг курдук ыытар буоллум. Дойду үрдүнэн ыарыы, доруобуйаларынан хааччахтаах дьон элбээбиттэринэн Владимир Путин “О национальном проекте по развитию совеременных технологий сбережения здоровья» бырайыакка «предусмотреть некоторые мероприятия, в том числе по переходу персонализированной, предиктивной и профилактической медицине” диэбитигэр олоҕуран, холистическай доруобуйа, традиционнай мэдиссиинэ арт-терапияны уонна альтернативнай мэдиссиинэни билинэр буолла. Доруобуйаларынан хааччахтаах дьоҥҥо ыытар тэрээһиммэр хас кууруһум аайы экзамен курдук түмүк кэнсиэр оҥоробун. Кууруска кэлбит дьону түргэнник санааларын көтөҕөргө, кылгас кэмҥэ бэйэҕэ итэҕэйэргэ, мотивациялыырга үөрэтэбин. Дьону үөрэтэрбэр: “Эн ыллыыгын, талааннааххын, барытын кыайаҕын, эйиэхэ барыта табыллар, эн сыанаҕа тахсаҕын,” — диэн этиилэрим барыта олорон ааспыт олохпуттан кэлэр. Урут, саҥардыы ырыаһыт буоларым саҕана, сөпкө тыыныыга билиим тиийбэккэ, куоласпар улахан эрчиллии, туох эрэ тиийбэтин иһин наар үөрэнэн тахсарым. Москубаҕа үс сыл вокалга үөрэммитим, сыал-сорук туруорунан, билиибин хаҥатаары сылга биирдэ үөрэнэн кэлэр этим. Үһүс сылбар куоласпын учууталым арыйбыта, 2004 с. куолаһым уларыйбытыгар эбээннии ыллаабытым, хотугулуу, сахалыы фольклору үөрэтэммин этническэй ырыаһыт буолбутум. Норуоттар икки ардыларынааҕы фестивалларга кыттаммын миэхэ уопут кэлбитэ. Быйыл оруобуна 20-с үбүлүөйдээх сылым буолар.
“Тыын-Ыллаа” бырайыакпар элбэх киһи сырытта. Сарсыардааҥҥы сэрээккэттэн саҕалаан, күнүс “Саҥа тыын” бырайыак кыттыылаахтарын хас биирдиилэрин тус-туспа дьарыктаатым, киэһэтин сөпкө тыынарга, ыллыырга үөрэттим.
Миигин дьон үксэ ырыаһыт быһыытынан билинэр. Мин бу 13-с бырайыагым буолар, улуус, нэһилиэк аайы ыытабын. Бастатан туран, социальнай категориялаахтары: элбэх оҕолоох ийэлэри, ыарахан турукка түбэспит дьону, анал байыаннай дьайыыга барбыт дьоннордоох дьоҥҥо болҕомтобун ууран, сыаллаах-соруктаах көмөлөһөбүн, айылҕаттан бэриллибит куоластарын арыйарга дьарыктыыбын.Үлэм сыала — бэйэҕэ эрэнии, таптал, хом санааны аһардыы, бырастыы гыныы, “Мин буолбатахпына ким буолуой?” — диэн принцибинэн үлэлиибин. Дьокуускайдааҕы Медицинскэй киини кытары ыкса үлэлэһэбин, бырайыагым арт-терапияҕа киирсэринэн, дьон доруобуйатыгар, санааны көтөҕүү доруобуйаҕа туһалаах бырайыак буоларын киин үлэһиттэрэ итэҕэйбиттэрэ. Дьаҥ ыарыытын саҕана быраактыка бараммын тус бэйэм туһанаммын дьоҥҥо тарҕатабын. И.М. Сеченов аатынан мэдиссиинискэй институкка кэтэхтэн үөрэххэ киирбитим, бүтэрдэхпинэ инструктор буолуохтаахпын.
Ньурбатааҕы улуустар икки ардыларынааҕы дьиэ кэргэҥҥэ уонна оҕоҕо көмөнү оҥорор Комплекснай киин, “Кыталык” култуура дыбарыаһын үлэһиттэрэ бары биир хамаанда буолан үлэлээтибит. Ньурба дьоно-сэргэтэ сэргэхтэр, элэккэйдэр, аһаҕастар уонна дьарыкка элбэх буолан кытталлара миигин сөхтөрдө.
Түмүккэ Саинаттан баҕа санаатын ыйыппыппар, Дьокуускай куоракка сэттэ норуоттары түмэр (саха, нуучча, долган, эбэҥки, эбээн, чукча, юкагир) сэттэ өҥ, чакра, сэттэ дьиэ көстүүлээх Национальнай этнографическай киин туттарар баҕа санаалааҕын эттэ.
Саина киэһэ ыытар дьарыгар сылдьан көрдүм. Кэлбит дьон сонуну, уратыны билээри, сөпкө тыынан доруобуйаларын бөҕөргөтүнээри кэлбиттэрэ сирэйдэригэр-харахтарыгар көстөр. Көхтөөхтүк дьарыктанан, санаалара көтөҕүллэн, Саинаҕа махталларын биллэрдилэр.
Сарсыныгар, алтынньы 5 күнүгэр “Саҥа тыын” бырайыак кыттыылаахтара кыттыылаах кэнсиэртэригэр сылдьаммын астынным, дуоһуйдум.
Кэнсиэр кэнниттэн Саина -Екатерина Саввинова санаатын маннык үллэһиннэ: “Ньурбалар хорсун да санаалаах дьон эбиттэр диэн санааҕа кэллим. Аҕыйах кэм иһигэр сыанаҕа тахсар дьону сөҕөбүн уонна киэн туттабын. Киһи дьиҥэр түргэнник хомуллар кыахтааҕын бүгүҥҥү кэнсиэр көрдөрдө. Үөрэнээччилэрим сыанаҕа тахсаннар дьон биһирэбилин, махталын ылыылара миэхэ дьол буолар. Нэдиэлэтээҕи бырайыак өйү араарар, дууһаны таһаарар, киһи бэйэтигэр итэҕэйэр буолар. Киһи этин-сиинин сөпкө туһаныахтаах дии саныыбын. Ньурба дьонугар-сэргэтигэр, култуура департаменыгар, ордук “Кыталык” култуура дыбарыаһа (Дондокова С.Б.) махталбын тиэрдэбин”,- диэн Саина түмүктээтэ.
Ньурбаҕа бу аан бастакы табыллыбыт социальнай бырайыак буолар. “Саҥа тыын” бырайыак кыттааччылар Саинаҕа анаан махтал истиҥ тыллары эттилэр, сибэкки дьөрбөтүн туттардылар, көрөөччүлэр астынан тарҕастылар.Дьэ, чахчы да саҥалыы тыын киирэн ааста.
Антонина Семенова