«САТА» нэһилиэк төрдүн — Саталар олохторун суолун  чинчийии бастакы  форумугар

Хаҥалас нэһилиэгиттэн балаҕан  ыйын 16-17 күннэригэр Хаҥалас улууһун  1-Малдьаҕар нэһилиэгин дьаһалтатын  ыҥырыытынан, «САТА» нэһилиэк төрдүн — Саталар олохторун суолун  чинчийии бастакы  форумугар  баран  кыттыыны  ылан  кэллибит.  Делегацияны нэһилиэк баһылыга Винокуров С.А. салайан илдьэ  сырытта. Хаҥаластан  уонча буолан  уонна Дьокуускай, Покровскай куоракка  олорор Ньурбаттан  төрүттээх уустар  кыттыыны ыллылар.
 1-Малдьаҕар нэһилиэгин дьаһалтатын  баһылыга Васильева Айталина  Ивановна аймахтыы сыһыаны бөҕөргөтө кэлбит ыалдьыттарыгар өбүгэлэрбит олорбут сирдэригэр-уоттарыгар сырытыннарда. Ол курдук Буотама үрэх үрдүгэр  турар Бизонарийы, «Кыһыл Элэһин» тукулааны олус сэргии көрдүбүт. Айылҕа  кэрэтиттэн  олус астынныбыт.
Онтон тэрээһин сүрүн чааһа төгүрүк остуол буолла, 4 чаастан ордук  кэм  устата  салҕанан барда. Манна икки хаҥаластар өттүлэриттэн история чахчыларын үллэстии, нэһилиэкпит дьонун санаатын истии буолла. Биһиги өттүбүтүттэн баһылык Винокуров С.А., В.А.Петрова аатынан кыраайы үөрэтэр түмэл дириэктэрэ Анисимова З.В, удьуор уус Афанасьев А.В. — Арыйаан Уус уонна  Васильева А.П.  кытынныбыт, Хаҥалас улууһун дьонугар-сэргэтигэр нэһилиэкпит төрүттэммит историятын, уостан уоска бэриллэн сүппэккэ кэлбит номохтору үллэһиннибит.
Онтон 1-Малдьаҕар өттүттэн кыттыыны  ыллылар, Федоров Г.С., Харитонов П.Н.-Ойуку, Куприянов М.А. Кинилэр саха омугун төрдө буолбут Хаҥалас аҕа ууһун туһуна санааларын үллэһиннилэр. Федоров  Г.С., СӨ үтүөлээх юриһа,
«Быралгы», «Саха норуотун үгэс  буолбут  бырабаата» диэн кинигэлэр  ааптардара. Кини Малдьаҕар  аҕа  ууһун  туһунан кэпсээтэ. «Кэлтээки Сабыйа Малдьаҕардары салайан  олорор кэмигэр, онтон сир (өрүс арыыларын) былдьаһан Хаҥаластары  кытта киирсэн хотторуу түмүгэр, дьонун Бүлүү диэки  ыыталаабыт буолуон сөп уонна өссө  маны  бигэргэтэр иккис  үһүйээн баар. Кэлтээки  Сабыйа бэйэтэ Бүлүү диэки тиийэн тоҥустары кытта кыргыһар, манна кэлбит биһиги дьоммутун  атаҕастыыр  эбиккит диэн, бу сырыыга бааһыран  төннөр. Мин  санаабар, номохтон ылан эттэххэ Хаҥаластар нууччалары кытта Хоруол Тумуһугар өрө туруу кэмигэр Бүлүү диэки барбыт  буолуохтарын сөп. Сата эмээхсинэ мантан барбыта чуолкай», — диэн  этэр.
Бары  үһүйээннэргэ  кэпсэнэринэн Ньурба улууһун Хаҥалас  Сататын төрүтүнэн сорох  кэпсээҥҥэ тоҕус  уоллаах, сороххо  сэттэ-аҕыс  уолллаах  Сата  эмээхсин  буолар. Онтон  “Ньырбакаан  удьуордара” кинигэҕэ сурулларынан маннык: «Былыр, Дыгын  үйэтин  саҕана, Сата эмээхсин  уолаттарын  кытта бу Бүлүү Хаҥаластарын  сиригэр  кэлэн олохсуйбуттар”. Сахаларга Багдарыын  Сүлбэ суруйарынан аҕа ууһа дьахтар  аатынан ааттана  сылдьыбыт кэмнээх  эбиппит. Ол  курдук 1741-1745 сс. Саха  сиригэр  кэлэ  сылдьыбыт швед  этнограба И.Линденау суруйбут эбит: «Сахалар бэйэлэрэ бэрт  былыргыта аҕа  уустарын төрүт буолбут  ийэлэр  ааттарынан  ааттыыр үгэстээхтэрин бигэргэтэллэр».
П.Н.Харитонов – Ойуку,  СӨ народнай суруйааччыта, бастакы  президеммит М.Е.Николаев суруйан  хаалларбытынан сирдэтэн, үлэлээн кэллим диэн  этиитин  саҕалаата:  «Дорогие  мои  земляки, изучайте, любите и гордитесь своей  историей. Убежден, мы  поднимемся, возродимся”, хайдахтаах курдук дириҥ ис хоһоонноох  этииний? Бу кэмҥэ эмиэ  Михаил  Ефимович тэрээһининэн олус  улахан, кэскиллээх  үлэ – улуустар  историяларын  үөрэтии саҕаламмыта. Бу барыта олоххо киирэн биһиги бүгүн  манна  мустан олоробут, маннык  үйэҕэ үктэммиппинэн  мин олус  үөрэбин. Хаҥалас историята олус  дириҥник киирбит, ыалдьыттарбыт Хаҥалас  аатын  ааттата  сылдьаллар, бу олус үчүгэй.
Хаҥаластар – сахалар биир  саамай сүрүн биис  уустара, күүстээхтэрэ, тэнийбиттэрэ,  кинилэр  биһиги эрабыт  иннинэ өссө 3-с үйэҕэ бэйэлэрэ  судаарыстыбалаахтар эбит, «Канглы» диэн уларыйбыт формата Хаҥалас диэн билиҥҥэ  диэри  тиийэн  кэлбит. Саамай сөптөөх кэпсээни  норуот кэпсиир диэн элбэх   чинчийээччилэр, историктар  этэллэр, онон историяны уонна номоҕу  тэҥҥэ  тутан   кыһыл көмүһүн арааран ылыахтаахпыт. Тыгын судаарыстыбаны  тэрийэр  сыаллаах саха тыллааҕы,  саха  итэҕэлин  тэнитээри, бэйэтин  дьонун Саха  сирин  бары  уһуктарыгар  ыыталыыр эбит ат көлөлөөн, сылгылаан.  Онтон дьонун ыытан  олохторун-дьаһахтарын, астарын-таҥастарын, сирдэрин-уоттарын биллэртиир эбит. Онно маҥнайгы  ыйытыы сылгыларгыт хайдах  сылдьалларый диэн  буолар эбит, онон бу маннык  тэрийиитэ судаарыстыбаны тэрийии курдук буолар, кими даҕаны үүрэн-үтүрүйэн ыыппат. Онон  мин  санаам  итинник», — диэн Павел  Николаевич  этиитин түмүктээтэ.
Куприянов М.А., кыраайы үөрэтээччи билиҥҥи кэмҥэ чинчийэн  үөрэтэ сылдьааччы, бэйэтин нэһилиэгин  историятын  үөрэтэн элбэх  экспедиялары тэрийэн  ыытар эбит. “Аймах  буолан илии  тутуһа  сырыттахпытына сайдыахпыт”, — диэн  бэйэтин  баҕа  санаатын  эттэ.
Икки улуус аттаах-суоллаах уустара түмсүбүт, дириҥ силистээх-мутуктаах, баай историялаах көрсөһүүгэ тыйаатыр эйгэтин дьоно эмиэ кыттыыны ыллылар. Тараховскай Р.И. Саха театрын кылаабынай режиссера, Саха театра диэн – саха кутун иҥэриммит, саха кутун илдьэ сылдьар тэрилтэ буолар.Биһиги улуу дьоммут  туһунан Тыгын Дархан , Ксенофонтовтар, Манньыаттаах  уолун туһунан испиэктээктэри  үгэс  быһыытынан  туруоран кэллибит. Онтон  билигин  төрүт үгэстэргэ, сиэргэ-туомҥа ыччаппытын  иитэр  сыалтан-соруктан  уустар темаларын үөрэтэн, уустары  кытта  алтыһан, араас  улуустары кэрийэн  баран туруорар баҕа  санаа баар. Төрүт  үгэһи  тута  сылдьар уустар  тустарынан испэктээк туруорарга Максим Аммосович Куприяновтыын үлэлии сылдьабыт. Уус  темата олус улахан, дириҥ, киэҥ, иккис-үһүс сылын  үөрэтэбит.Олох  үчүгэйдик  бэлэмнэнэн баран, худуоһунньуктары, артыыстары кытта үлэлээн  испэктээк таһаарыахтаахпыт.
Өрөспүүбүлүкэбит 100 сылыгар Далан «Тулаайах оҕо» испэктээгин туруорбутум, эмиэ  учуонайдары кытта үлэлэһэн, уһуннук үөрэтэн  баран. Көрөөччүлэр бу испэктээги  олох  иһийэн  олорон көрбүттэрэ, тоҕо диэтэххэ манна  саха омугун  олох  былыргыта көстөр. Саха дьоно  төрдүлэрин, төрүттэрин билиэхтэрин  наһаа баҕараллар эбит диэн түмүккэ  кэлбитим. Биһиги  төрдүбүтүн  көрдөрөр итэҕэл темалаах испэктээк турара дьоммутугар-сэргэбитигэр олус наада эбит», — диэн бэйэтин этиитин  Руслан Игоревич түмүктээтэ.
Онтон балаҕан ыйын 17 күнүгэр тимир  уустара, Хаҥалас  улууһун Буотама тимирдээх тааһыттан уонна Ньурба улууһун Хаҥалас Сататын тимирдээх  тааһыттан тимири уһаарыы буолла. Уһаарыы түмүгэр 10 киилэ ыраас тимири ыллылар. Онон  уустарбыт икки  күн сыралаһан  үлэлээбиттэрэ олус  үчүгэй түмүктээх  буолла. Икки  улахан  энергетикалаах сирдэр тимир рудаларыттан уһаарыллан тахсыбыт тимир “Ил уһаарыытын “ дьиҥнээх  туоһута буолла.
Биһиги  нэһилиэкпититтэн тимири уһаарыыга Афанасьев  Ариан Васильевич-Арыйаан Уус, Григорьев Борис Николаевич-Уһаарар  уус, Ньурбаттан төрүттээх Ньургустаан Уваров,  Альберт Никифоров, Николай Иванов, Арсений Иванов, Хаҥалас улууһуттан  Александр Данилов салайааччылаах 6 уус, ону таһынан «Dobun knives» түмсүүттэн 2 уус кыттыыны  ыллылар.
Тимир уһаарыытын  сэргэ нэһилиэк күннэрин тэрээһиннэрэ  ыытылыннылар, нэһилиэкпит баһылыга С.А.Винокуров 1-Малдьаҕар баһылыгар Саввиновтар дьиэ  кэргэттэрэ ыҥырыа мүөтүттэн  оҥоһуллубут бородууксуйаларын, Арыйаан Уус  оҥорбут харысхал сувенирын бэлэх  туттарда.
Манна мустубут дьон-сэргэ Арыйаан Уус үлэлэрин көрөн сэргээтилэр, хомуска оонньоон, саха быһахтарын, батыйаны, саха кыптыйын тутан-хабан көрөн олус  астынан тарҕастылар.
Өбүгэлэрбит  олорбут сирдэрин-уоттарын көрөн-истэн, сылдьыбыт  сирдэринэн  сылдьан, нэһилиэк  историятыгар биир  саҥаны  арыйан  кэллибит. Тэрийэн  илдьэ сылдьыбыт  нэһилиэкпит баһылыгар Серафим  Александровичка махтанабыт, үлэтигэр  ситиһиилэри  баҕарабыт.
    Александра Васильева, Хаҥалас.