Атырдьах ыйын 16 к. СӨ Ил Дархана Айсен Николаев Ньурбаҕа кэлэн үлэлээтэ. Кини Сергей Васильев аатынан култуура уонна сынньалаҥ пааркатыгар «Түмэр түгэн» өрөспүүбүлүкэтээҕи ыччат бэстибээлэ үөрүүлээхтик аһыллыытыгар кытынна.
Бу киэҥ далааһыннаах тэрээһиҥҥэ Саха сирин 16 улууһуттан 500-тэн тахса ыччат кэлэн кытта сылдьар. Айсен Сергеевич Саха сирин эдэр ыччата дойдубутугар бэрт уустук кэм үүммүтүгэр сүрдээх түмсүүлээҕин, дойдутугар, өрөспүүбүлүкэтигэр бэриниилээҕин көрдөрөрүттэн үөрэрин бэлиэтээтэ, биһиги ыччаттарбыт өссө билиилээх-сайдыылаах, дьоҕурдаах буоларыгар эрэнэрин биллэрдэ, ситиһиилэри баҕарда. Бу күн бастыҥ үлэлээх ыччат бэрэстэбиитэллэригэр Ил Дархан Айсен Николаев уонна улуус баһылыга Алексей Иннокентьев наҕараадалары туттардылар.
Салгыы Айсен Сергеевич Ньурба к. «Набережнайыгар» сырытта, эбиэттэн киэһэ сарсын аһыллар диализнай кииҥҥэ сылдьан кэлэктииби кытта көрүстэ. К.Д.Уткин аатынан норуоттар доҕордоһууларын түмэлигэр сылдьан түмэл сурунаалыгар бэйэтин сыанабылын суруйан хаалларда. 3000 миэстэлээх, легкоатлетическай манежтаах стадион тутуутун уонна бассейыннаах Физкултуурунай-чэбдигирдэр комплекс тутуллар былаһааккатын көрдө.
Ил Дархан 2027 с. Ньурбаҕа СӨ норуоттарын IX Спортивнай оонньууларын көрсө бэлэмнэнии үлэтэ көхтөөхтүк барарын бэлиэтээтэ. Быйыл стадион тутуутугар өрөспүүбүлүкэттэн 50 мөл. солк. көрүллэн турар, сыл бүтүөн иннинэ эмиэ итиччэ үп кэлиэхтээх. Бу сыл бүтүүтэ ФОК проектнай-сметнай документацията түмүктэниэхтээх, онтон салгыы үбүлээһинэ быһаарыллан тутуутун үлэтэ саҕаланыахтаах.
Мантан салгыы Айсен Сергеевич СӨ норуоттарын IX Спортивнай оонньууларын өрөспүүбүлүкэтээҕи тэрийэр хамыыһыйатын сүбэ мунньаҕын салайан ыытта. Бу кэнниттэн Ньурба к. СВО кыттыылааҕа Алексей И. дьиэ кэргэнигэр сырытта. 3 оҕолоохтор, улаханнара кыыс уонна уолаттар. Ыал ийэтэ дьоно-сэргэтэ көмөлөһө олороллорун эттэ. Айсен Сергеевич дойдубут үтүө тускулун туһугар туруулаһа сылдьар биир дойдулаах буойуммутугар туһулаан уонна кини дьиэ кэргэнигэр истиҥ махталын тиэртэ, бэлэх аҕалбытын туттарда.
Бу кэнниттэн Ил Дархан Ньурбатааҕы улуустар икки ардыларынааҕы дьиэ кэргэҥҥэ уонна оҕоҕо көмө кэлим киинигэр сырытта. Марианна Васильевна Алексеева салалтатынан түмсүүлээх уонна үлэтигэр бэриниилээх кэлэктиип доруобуйаларынан хааччахтаах оҕолор доруобуйаларын көннөрүнэллэригэр бары күүһүн-сыратын ууран туран үлэлиир. Оҕолор манна киирээт даҕаны, болҕомтолоох персонал илиитигэр, табыгастаах усулуобуйаҕа баар буола түһэллэр. Оҕолор Айсен Сергевичкэ ис сүрэхтэриттэн бэлэмнээбит бэлэхтэрин туттардылар.
Киэһэлик СӨ Ил Дархана Айсен Сергеевич Николаев Ньурбачааҥҥа тахса сырытта. Кэлэктииби, элбэх оҕолоох ыаллары кытта көрүстэ. Оскуолаҕа 63 оҕо үөрэнэр. Ньурбачаан оскуолата эргэ туруктааҕынан, нэһилиэнньэ саҥа оскуоланы туруорсубута балачча буолла. Улуус салалтата Ньурбачааҥҥа 80 миэстэлээх саҥа оскуола дьиэтин тутууну чугастааҕы сылларга былааҥҥа киллэрбитэ. Айсен Сергеевич оскуола проектнай-сметнай документациятын ырытан оҥорууга, оҕо уһуйаанын дьиэтигэр эмиэ кыһалҕалар баалларынан сибээстээн, оскуола-саад барыйаанын үөрэтэр наадатын бэлиэтээтэ.
Үлэ чааһа бүтүүтэ, СӨ Ил Дархана Айсен Николаев өрөспүүбүлүкэтээҕи «Түмэр түгэн» ыччат бэстибээлин биир сонун түгэнэ буолбут уустар түһүлгэлэригэр сырытта. Сата хайатын тимир уруудатыттан болгуо таһаарыыга кытынна. Норуокка биллэр тимир ууһа, улуустааҕы тимир уустарын Ассоциациятын салайааччыта Ариан Васильевич Афанасьев-Арыйаан Уус өбүгэ саҕаттан бу күҥҥэ диэри тиийэн кэлбит, тулууру уонна мындыры эрэйэр төрүт үгэс дьарыкка ыччаты ахсаабакка уһуйар уонна пропагандалыыр. Ньурба уустара кэнники сылларга араас таһымнаах быыстапкаларга, куонкурустарга ситиһиилээхтик кыттар буоллулар.
Айсен Николаев бу оробуочай сырыытын түмүгүнэн сонуннары маассабайдык тарҕатар сириэстибэлэр үлэһиттэрин көрсөн интервью биэрдэ.
— Айсен Сергеевич, 2027 сылга биһиги улууспут өрөспүүбүлүкэ спордун киининэн буолуоҕа – Саха сирин норуоттарын Спортивнай оонньуулара ыытыллыахтара. Бу улахан түһүлгэни көрсө улууспутугар туох уларыйыы барыаҕай? Ханнык эбийиэктэр тутуллуохтарай?
— Бу Спортивнай оонньуулар диэн соҕотох спорт эрэ сайдыытыгар диэн буолбакка, улууска, куоракка хайа баҕарар өттүттэн социальнай эбийиэктэр элбиэхтэрин, сайдыахтарын наада. Доруобуйа харыстабылын, үөрэҕирии систиэмэтигэр да буоллун. СӨ Бырабыыталыстыбатыгар сорудах бэриллибитин бүгүн мунньахха чопчулаан бэлиэтээтим.
Хайаан даҕаны бу Оонньуулары туһанаммыт, транспортнай уонна энергетическэй боппуруостары быһаарыахтаахпыт. Бу Бүлүү улуустарын барыларын уопсай кыһалҕалара буолаллар. Электроэнергия кыамтата тиийбэт, ол түмүгэр саҥа улахан эбийиэктэри холбуурбутугар даҕаны ыарахан, иккиһинэн, кэнники сылларга элбэх саахал тахсар буолла. Бу түмүгэр дьон-сэргэ бэрт уһуннук уота суох олорор. Ол иһин биһиги «Русгидро»-ны кыта түһэрсибит сөбүлэһиибит быһыытынан, быйыл «Сунтаар-Ньурба үрдүк күүрүүлээх уот линиятын тутуу бырайыага оҥоһуллан бүтүөхтээх. Онтон салгыы «Русгидро» «Якутскэнерго» нөҥүө ити тутууну саҕалаан, СӨ норуоттарын IX Спортивнай Оонньууларын иннинэ барыта түмүктэнэн, саҥа тутуллубут эбийиэктэр бары уокка холбонор кыахтаныахтаахтар.
Тырааныспар, суол-иис өттүнэн этэр буоллахха, Бүлүү улуустарыгар уонна бүтүн Саха сиригэр манна кыһалҕалар элбэхтэр. Ньурба улууһугар эмиэ ити боппуруостары Спортивнай Оонньуларынан туһанан быһаарыахпытын наада. Бүгүҥҥү мунньах уурааҕар бэлиэтээн этилиннэ: ахсынньы 1 к. диэри СӨ Бырабыыталыстыбата Ньурба улууһун кытта үлэлэһэригэр, ханнык эбийиэктэр уонна ханнык суоллар бу Оонньууларга туттуллуохтаахтарын, ону таһынан улахан хампаанньалары кытта ханнык үлэлэр ыытыллыахтаахтарын, электролиниялар хаһан тутуллан үлэҕэ киириэхтээхтэрин барытын бигэргэтиэхтээхтэр. Итиэннэ салгыы үлэлэр саҕаланан, бу Оонньуулар үрдүк таһымҥа ааһан, Ньурба улууһа даҕаны, Бүлүү умнаһын улуустара даҕаны бэрт элбэх хайысханан сайдан барыахтаахтар.
— Ньурба улууһа өрөспүүбүлүкэтээҕи ыччат бэстибээлин ыытар. Эн биһиги ыччаппыт актыыбын кытта көрүстүҥ. Бу туһунан эн санааҥ.
— Атырдьах ыйын 16 к. бэрт үчүгэй ыччат бэстибээлэ Ньурба куоратыгар саҕаланна. 16 улуустан 500-чэ оҕо көрүстүлэр. 2 хонук устата сана атастаһыахтара, саҥалыы үөрэтиэхтэрэ, билсиэхтэрэ. Мин үөрэрим диэн — билиҥҥи эдэр ыччат бэрт патриотичнай. Билигин балаһыанньа ыараабытыгар, дойдубутугар куттал үөскээбитигэр эдэр ыччат түмүстэ, сомоҕолосто. Дойдубут, өрөспүүбүлүкэбит туһугар тугу оҥоруохпутун сөбүй, өссө тугу хайдах үлэлиэхтээхпитий, дойдубутун хайдах сайыннарыахтаахпытый диэн бэрт элбэх санаалаахтар уонна этиилээхтэр. Эдэр ыччат бииргэ көрсөн, улуустар кэлэн санааларын үллэстэн, үчүгэй этиилэри истэн, салгыы үлэлээн мантан эрчим-күүс ылан өссө дойдуларын, улуустарын сайыннарыахтара диэн эрэллээхпин. Ньурба улууһугар наһаа үчүгэй, бэртээхэй тэрээһин буола турар.
Ыччат министиэристибэтин нөҥүө улуустарга элбэх үчүгэй бэстибээллэр буолаллар. Ол курдук ааспыт нэдиэлэҕэ Үөһээ Бүлүүгэ манна майгынныыр бэстибээлгэ сырыттым. Ол иннинэ илин эҥэргэ, Дьокуускай куоракка буолбуттара. Ити курдук тэрээһиннэр бара тураллар. Эдэр ыччат билигин буола турар балаһыанньаны барытын өйдөөн, дойдутун, өрөспүүбүлүкэтин туһугар түмсэриттэн бары үөрэбит.
— Соторутааҕыта Ньурба кытылын тупсаран-саҥардан туттулар. Эн бу ыытыллыбыт үлэ хаачыстыбатын бүгүн көрдүҥ, хайдах дии санаатыҥ?
— Ньурба кытылыгар бырайыак оҥоһуллубута хас да сыл буола. Уопсайа үлэ 3 түһүмэҕинэн барыахтаах. Бастакы түһүмэҕэ түмүктэннэ. Биллэн турар, бастаан оҥороллоругар сиппэтэҕэ элбэх этэ. Билигин куорат саҥа салалтата улуус салалтатын кытта үлэлэһэн, ити сиппит диэххэ сөп. Манна федеральнай уонна өрөспүүбүлүкэ бүддьүөттэриттэн 70-тэн тахса мөл. солк. бэриллибитэ, улус бэйэтэ эмэи үбүлээһини оҥорбута. Мин санаабар, улуус уонна куорат салалталара саамай сөпкө оҥордулар. Бүлүү кытылын устатынан Ньурбаҕа бэрт үчүгэй, дьон сынньанар уопсастыбаннай эйгэтин оҥоро сылдьаллар. Номнуо былаана оҥоһуллубут, салгыы куонкурустарга кыттан уонна улуус бүддьүөтүттэн үбүлээһин оҥоһуллан ити үлэ барыта бүттэҕинэ, Ньурба куоратын бэрт үчүгэйдик киэргэтиэ диэн эрэллээхпин. Маннык эйгэлэри өйүүр уонна хайдах оҥоһулларын сүбэлиир буоламмын, билигин эмиэ куорат уонна улуус салалтатын кытта кэпсэттибит, санааларбын эттим. Мин санаабар, кэлэр сылларга үчүгэй үлэ баран куорат дьиҥнээх киэргэлэ буолуоҕа.
Соҕотох Ньурба куоракка эрэ буолбатах, ханна баҕарар тиий – билигин улуустар кииннэригэр эрэ буолбакка, бэл диэтэр, бөһүөлэктэргэ үлэлэр бара тураллар. Ааспыт нэдиэлэҕэ Бүлүүгэ уонна Үөһээ Бүлүүгэ сылдьан кэллим. Онно эмиэ бэрт үчүгэй бырайыактар бааллар. Ити биһиги өрөспүүбүлүкэбит улахан федеральнай бырагыраамаларга кыттарын көрдөрөр.
Быйылгыттан биһиги Бэрэсидьиэммит В.В.Путин анаан Дальнай Восток улахан куораттарыгар эрэ буолбакка, кыра куораттарга, тыа сиригэр тиийэ анал куонкурус оҥорон, онно үчүгэйдик кыттыбыт муниципалитеттарга үп-харчы бэриллэр буолан, быйыл биһиги өрөспүүбүлүкэбит тыатын сиригэр, куораттарыгар 10 бырайыак оҥоһуллар буолла. Уопсайа федеральнай бүддьүөттэн 900 мөл. солк. граннарга кыайаммыт, өрөспүүбүлүкэбитигэр хаһан да буолбатах үтүө түгэн буолла. Ол иһин барыта сөпкө, кэмигэр оҥоһуллан, куораттарбытын, тыабыт сирдэрин, улуус кииннэрин киэргэтиэхтэрэ уонна дойду олоҕо тупсуо диэн эрэллээхпин».
Геннадий АНТОНОВ.