Соторутааҕыта СӨ Бырабыыталыстыбатын Бэрэссэдээтэлин солбуйааччыта Георгий Степанов салайааччылаах оробуочай бөлөх уонна Бүлүү улуустара кыттыылаах социальнай бэлиитикэни олоххо киллэрии тула зональнай сэминээр-сүбэ мунньах чэрчитинэн, Ньурба тыйаатырыгар урбаанньыттар уонна бэйэ дьарыктаах дьон быыстапкалара буолан ааспыта. Манна көрсөн кэпсэппит дьоммут туһунан билиһиннэрэбит.
Алена Егорова Малдьаҕартан төрүттээх, Ньурба куорат олохтооҕо. Быйыл соцконтрагынан кулун тутар ыйтан «Aroma Flo» сибэкки маҕаһыынын аһан үлэтин саҕалаабыт. Степан Васильев уул. «Мандарин» эргиэн дьиэтигэр турар маҕаһыыныгар сибэкки эгэлгэтэ баар.
— Алена, эйигин муниципальнай сулууспаҕа үлэлээбиккинэн билэбин. Малдьаҕар нэһилиэгин баһылыгын солбуйааччыта этиҥ дии. Хайдах сибэкки биисинэһигэр көһөн хааллыҥ?
— Сөпкө даҕаны соһуйаҕын, ол аата миигин көрбөтөҕүҥ ырааттаҕа (күлэр). 13 сыл муниципальнай сулууспаҕа үлэлээбитим, ол иһигэр 11 сыл төрөөбүт нэһилиэкпэр Малдьаҕарга үлэлээбитим. Бүтэһигэр Малдьаҕар нэһилиэгин баһылыгын солбуйааччынан, онтон 2 сыл Октябрьскай нэһилиэк дьаһалтатыгар исписэлииһинэн. Быйыл сааскыттан урбаан эйгэтигэр көспүтүм.
Киһи баҕа санаатын, кэлин кэмсинэ сылдьыбат курдук, олоххо киллэрэн иһиэхтээх диэн өйдөбүллээхпин. Араас эйгэттэн уопут ылан саҥаны саҕалыыра киһи тус олоҕор улаханы-элбэҕи биэрэр дии саныыбын. Киһи биирдэ бэриллэр олоҕор биир дьарыгынан эрэ муҥурдаммакка, араас эйгэни, үлэни боруобалыыра ордук.
Оттон мин сибэккилэри олус сөбүлүүбүн. Дьон баҕатын-наадыйыытын, сыаналары үөрэтэн көрөн баран, сибэкки маҕаһыынын арыйан үлэлииргэ быһаарыммытым. Ол эрээри саҥа саҕалаабыт буоламмын, үлэбиттэн барбыппын эбэтэр урбаан эйгэтигэр киирбиппин – суолбун чопчу сөпкө тайаммыппын диэн билиҥҥитэ толору этэр кыаҕым суох эбит.
— Үлэҕин туохтан саҕалаабыккыный, көмө эҥин ылбытыҥ дуо?
— Ньурбаҕа сибэкки маҕаһыынын аһарбар хантан ханнык табаары ыларбын, төһө рентабельнай буоларын, дьоҥҥо төһө наадалааҕын анаалыстаан, биисинэс-былааммын ырытан оҥорбутум. Куонкурустарга кыттыбытым. Ити түмүгэр социальнай көмүскэл управлениетыттан социальнай хантараагынан 350 тыһ. солк. уонна Үлэлээх буолууну кииниттэн бэйэ дьыалатын тэринэргэ 150 тыһ. солк. ылбытым. Ньурба к. киин уулуссатыгар паарка утары «Мандарин» эргиэн дьиэтигэр хос арендалаабытым.
Сыыйа үлэбэр улаханнык ылларан барбытым. Бу көннөрү үлэ эрэ буолбатах эбээт, айылҕа анаан айбыт кэрэтин кытта бодьуустаһарбын олус сөбүлүүбүн. Дууһалыын холкутуйар-сынньанар курдукпун. Атыылаһааччылар даҕаны үөрэн-көтөн, санаалыын сырдаан тахсаллар. Дьон үөрүүтүн тэҥҥэ үллэстэн кэрэ бэлэҕи оҥорорбуттан бэйэм ордук үөрэбин.
— Чуолаан дьон тугу хото атыылаһарый?
— Быйыл хойутаан саҕалаабыт буоламмын, арассаадалары элбэхтик кыайан үүннэрбэтэҕим. Эһиилгиттэн арассаада сибэккинэн күүскэ дьарыгырыам уонна биһиги Ньурбабыт даҕаны, дьиэлэр даҕаны тас көстүүлэрэ тупсарыгар үлэлэһиэм. Билигин ордук хамаҕатык дьиэ сибэккилэрэ атыыланаллар. Дьон үксүн ханнык эрэ ураты сибэккигэ баҕарар буоллаҕына эрдэттэн үлэһэр. Мин оннугу Москваҕа, Новосибирскайга сакаастааммын аҕалан биэрэбин. Кэмпиэтинэн оҥоһуллубут букеттары эмиэ атыылыыбын. Үөрүүлээх түгэннэргэ, сыбаайбаларга, үбүлүөйдэргэ бырааһынньыктааҕы композициялары ылаллар. Сибэккинэн араас букеттары хомуйан оҥоробун, атыылаһааччылар сибэккилэрин хайдах көрөллөрүн-истэллэрин туһунан сүбэлээн-амалаан биэрэбин.
– Сибэкки хаһаайыстыбата, бука, син балачча түбүктээх буолуо. Манна эйиэхэ ким көмөлөһөрүй?
– Биһиги дьиэ кэргэҥҥэ үксүн бииргэ көмөлөөн үлэлиир, оҥорор-тутар идэлээхпит. Ол курдук миэхэ өрүү күүс-көмө буолаллар кэргэним, оҕом уонна ийэм. Сибэккилэр Дьокуускайга кэлтэрин кэннэ тиэнэн, уһун суол устун бүөбэйдээн кэргэним аҕалар. Кыыһым, ийэм үксүн маҕаһыын иһигэр көмөлөһөллөр. Түгэнинэн туһанан, үлэбиттэн уурайан бэйэ дьыалабын саҕалыырбар өйөөбүттэригэр дьоммор улууһум хаһыатын нөҥүө махталбын биллэрэбин.
Геннадий Антонов.
—