Сиэннэр соһуччу үөрүүнү бэлэхтээтилэр

Өрөспүүбүлүкэҕэ Ийэ уонна Россияҕа Аҕа күннэригэр сөп түбэһиннэрэн, Антоновка нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо Николай Андреевич, Христина Михайловна Васильевтарга соһуччу үөрүү буолла. Кыыстара Татьяна Ивановна Васильева оҕолоро, эбээлээх эһээ сиэннэрэ урукку мас олбуордарын көтүрэн, сабыс-саҥа аныгылыы олбуор оҥорон, туруоран биэрдилэр.

Татьяна Ивановна биэс оҕону соҕотоҕун иитэлээн, киһи оҥортоон, билигин бары идэлээх улахан дьоннор.
Эбэлэрэ Христина Михайловна: «Антоновкаҕа Партизанскай уулуссаҕа биһиги эрэ мас олбуордаах  олорбуппутун  сиэннэрбит кэлэн  көтүрэн  Ийэ, Аҕа  күннэригэр  биһиэхэ  бэлэх оҥордулар. Онон  сиэннэрбитигэр Васильев  Эдиккэ, Афоняҕа, Семеҥҥа  барҕа  махталбытын  тиэрдэбит, — диэн эбээ үөрүүтүн үллэһиннэ.

Үөрүмүнэ даҕаны, аҕам саастаахтар  саастара барбалаата, 85-86 саастарыгар үктэннилэр.

Антонина Семенова.