Быйыл былааннаммыт үүт соҕотуопката түмүктэнэрэ биир эрэ ый хаалла. Ый тиһэх көрдөрүүтэ сарсын, сэтинньи 30 күнүгэр, тахсыаҕа. Онон, ааспыт нэдиэлэ чэппиэригэр түмүллэн тахсыбыт дааннайдарга олоҕурдахха, 58 143,90 туонна үүт тутуллан, ыйдааҕы кыраапык 98,48 уонна сыллааҕы былаан 95,01 бырыһыаннара туолан иһэр.
Омос көрүүгэ “тоҕо даҕаны айманнаххытый” диэххэ айылаах былаан толоруллара бу кэлбит. Дьиҥинэн, эрдэ 2023 сылга 64 000 туонна үүт соҕотуопкаланара былааннаммыта. Онтон биэтэккэ чугаһаабыт кэннэ сыллааҕы былааны толоруу табылыыссатыгар “61 195,50 туонна тутуллуохтаах” диэн ыйар буолбуттар. Ити сыыппараттан таһааран, 95 бырыһыан буолан хаалбыт.
Тыа хаһаайыстыбатын уонна ас-үөл бэлиитикэтин министиэристибэтин астыыр-үөллүүр салаатын салайар Егор Чичигинаровтан былааны тоҕо тосту кыччаппыттарын ыйыппыппар: “Балаһыанньа уустугунан сиэттэрэн, былааны кыччатарга күһэлиннибит. Хомойуох иһин, былааннарын (үүт соҕотуопкатыгар ылбыт квоталарын. – В.Н.) өссө кыччаттарыан баҕалаах улуустар бааллар. Олорго мантан инньэ уларыйыы тахсыбатын биллэрбиппит, хаалбыт кэмҥэ бэйэлэрин сайаапкаларынан намтатыллыбыт былааннарын толорор туһугар үлэлиэх тустаахтар”, – диэн хоруйдаата.
Ыт төбөтө көмүс кытахтан төкүнүйэригэр дылы, бэриллибит кыаҕы ситэ туһаммат кыһалҕа тирээтэ. Тыа хаһаайыстыбатын үлэтин өйөөһүҥҥэ боломуочуйалаах улуустар үүт соҕотуопкатын эрдэтээҥи былаанынан тутуохтаах кээмэйдэригэр өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүттэн тиксэриллибит үбү төннөрөллөр. Санатыһар буоллахха, улуустар уонна куораттардааҕы уокуруктар 2023 сылга 64 000 туонна үүт соҕотуопкатын тэрийэллэригэр өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүттэн 3 млрд 840 мөл. солкуобай көрүллүбүтэ. Бу суума былырыын көрүллүбүттээҕэр 740 мөл. солкуобайынан элбэх. Ол үүт былаана 2 тыһ. туоннанан улаатыннарыллыбытын (2022 сылга 62 тыһ. туонна үүт соҕотуопкаламмыта) уонна киилэ үүт субсидиятын ыстаапката 10 солкуобайынан (50 солкуобайтан 60 солкуобайга диэри) үрдэтиллибитин суоттарыгар эбиллибитэ.
Отчуоттанар кэмҥэ сыллааҕы былаанын 2 эрэ улуус толордо: Үөһээ Бүлүү 104,26 бырыһыан (2 982 туонна оннугар 3 108,98 туонна) уонна Сунтаар 100,91 бырыһыан (6 689 туонна – 6 749,59 туонна) толорон, аһардылар. Итиэннэ хастыы даҕаны соҕотуопсуктаах улуустартан биирдиилээн тэрилтэлэр аһардылар: Бүлүү улууһугар “Уйгу” ТХПК 102,42, Мэҥэ Хаҥаласка “Павловскайдааҕы үүт собуота” ТХПК 146,73, Томпоҕо “Эрэл” 161,22, биэс соҕотуопсуктаах Сунтаарга “Үрдэл” ТХПК 104,25 уонна “Элгээйитээҕи үүт кэмбинээтэ” ХЭУо 101,27, Уус Алдаҥҥа “Мүрү Ас” ТХПК 117,95, Тааттаҕа “Баай Ас” ТХПК ТХПК 100,13, Хаҥаласка “Ситим” ТХПК 101,85 бырыһыаннаахтар.
Кэлиҥҥи сылларга өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн соҕотуопкаланар үүт кээмэйэ кыччаан иһэрин үгүстэр кэтэх хаһаайыстыбалаахтар үүт туттарбат буолбуттарын кытта ситимнииллэрэ оруннаах. Ынах сүөһү 50-тан тахса бырыһыана ыаллар хотонноругар турар. Тыа хаһаайыстыбатын үлэтин өйүүр саҥа төһүү (мэхэньииһим) саҕаламмыт 2021 сылыгар кэтэхтэн 10-нуу солкуобайга 3 336 туонна үүт атыылаһыллыбыта. Былырыын соҕотуопсук бэйэтиттэн төлүүр 10 солкуобайыгар өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүттэн 10 солкуобай бэриллэн, 20-лии солкуобайга туппуттарын үрдүнэн кэтэхтэр 1,5 тыһ. туонна үүтү туттарбыттара. Оттон бу отчуоттанар кэмҥэ ыаллартан “судаарыстыба өйөбүлэ суох” диэн 806,65 туонна үүт тутулунна уонна сыл түмүгэр тыһыынчаны кыайбата илэ-бодо билиннэ.
Соҕотуопсук барыта кэтэх ынах үүтүн 10-нуу солкуобайга атыылаһар буолбатах. Биирдиилээн тэрилтэлэр дьону көҕүлээри 15-тии, 20-лии солкуобайга тиийэ туталлар эрээри, аҕыйах-аҕыйах курдук, бүттүүн көрдөрүүгэ улаханнык сабыдыаллаабат. Соҕотуопкаҕа быһаччы үлэлэһэр тэрилтэлэр салайааччылара этэллэринэн, ыаллар саҥа мэхэньииһим саҕаланарыгар урукку үөрүйэхтэринэн туттарбыт буоллахтарына, “халлаантан босхо харчы түһэ турдаҕына тугу даҕаны сордонон” диэн кэлин лаппа “өйдөннүлэр”.
Үөһэ ыйыллыбытын курдук, кэлиҥҥи сылларга үүтү тутуу түмүктэринэн сирдэттэххэ, соҕотуопкаланар үүккэ даҕаны, ынах төбөтүгэр даҕаны көмө харчы кээмэйин үрдэтии көдьүүһү биэрбэтилэр. Онон мантан инньэ атын суолу тобулбатахха, үүт букатыннаахтык “тохтор” куттала баарын билиммэт буолуохха сатаммат. “Үүт харчытын” уонна “төбө харчытын” үрдэтии быстах кэмнээх дьаһал, тиһэх күннэрин ааҕа сытар ыарыһах үйэтин уһата сатааһыҥҥа холоонноох буоларын тыа хаһаайыстыбатын ис дьиҥин билэр киһи барыта өйдүүр суола.
Василий Никифоров
Хаартыска: Улус.Медиа архыыбыттан