СВО фондатыгар сыл саҥатыттан 3 мөл. 208 тыһ. солк. киирдэ. Кулун тутар ый саҕаланыаҕыттан М.С.Егоров аатынан Ньурба 2 №-дээх орто оскуолата – 66500 солк, улуустааҕы Олоҕу-дьаһаҕы хааччыйыы сулууспата – 2966 солк., ТХМ иһинэн Мелиорация управлениета – 36743 солк., СӨ Суут департамена – 77428 солк., Ньурбачаан уонна Чаппанда нэһилиэктэрин дьаһалталара – 100-түү тыһ. солк., ветуправление– 41000 солк., Мэҥэдьэк нэһилиэгин дьаһалтата – 200 тыһ. солк. уонна «Аэронавигация Северо-восточной Сибири» филиал Салгынынан сырыыны тэрийиигэ Ньурбатааҕы киинэ – 40300 солк., улуус муниципальнай тэриллиилэрин баһылыктарын Сэбиэтэ – 362150 солк., Күндээдэ уонна Чуукаар олохтоох дьаһалталара 100-түү тыһ. солк., Ньурба к. дьаһалтата – 13 тыһ. солк. (мэрия олунньуга 250 тыһ. солк. киллэрэн турар), М.С.Егоров аатынан Ньурба 2 №-дээх орто оскуолата – 2500 солк., Ньурбатааҕы айымньылаах үлэ уонна инновационнай технология киинэ – 47750 солк., М.Ф.Алексеев аатынан оҕо уһуйаана – 25500 солк, Ньурба к. СЭГХ – 17800 солк. киллэрдилэр.
Быстах мобилизацияҕа улуустааҕы суһал ыстаап быһаарыытынан СВО кыттыылаахтарыгар уонна кинилэр дьиэ кэргэттэригэр көмөҕө 3 мөл. 36 тыһ. 50 солк.. ыытылынна. Сыл саҥатыгар хаалбыт үбү киллэрэн туран, муус устар 2 к. туругунан улуустааҕы СВО фондатыгар 562470 солк. баар.
Геннадий Антонов