Балаҕан ыйын 2 к. улуустааҕы тыа хаһаайыстыбатын департаменын тэрйиитинэн «Бүлүү Кубога» ат сүүрдүүтүн кэмигэр ас-үөл атыытын уонна таба лицензиятын атыытыттан киирбит үп – 70500 солк. СВО фондатыгар угуллубута. Бу ыйга киирэн баран фондаҕа Акана нэһилиэгин «Күнчээн» оҕо уһуйаана – 13500 солк., улуустааҕы үп управлениетын кэлэктиибэ — 14000 солк. уонна Кииннэммит бухгалтерия – 71000 солк. киллэрдилэр. Инньэ гынан алтынньы 13 к. туругунан СВО фондатыгар 498847 солк. баар.
Фонда үбэ кырыымчык, оттон Анал байыаннай эпэрээссийэҕэ кыттар буойуттарга уонна кинилэр дьиэ кэргэттэригэр көмө наада. Бу туһунан уоппускаларыгар кэлбит уонна бааһыран эмтэнэ сылдьар биир дойдулаахтарбыт этэллэр.
Улуустааҕы оперативнай ыстаап быһаарыытынан улуус баһылыгын резервэтиттэн балаҕан ыйыгар уонна алтынньыга СВО-ҕа кыттар буойуттарга уонна кинилэр дьиэ кэргэттэригэр көмөҕө 374 тыһ. солк. бэриллибитэ.
Анал байыаннай эпэрээссийэ тугунан, хайдах түмүктэнэриттэн дойдубут инникитэ, ол эбэтэр байыаннай дьайыы бара турар сирдэриттэн чугас да, ыраах да олорор дьон-норуот олоҕо эмиэ быһаччы тутулуктаах. Өрөспүүбүлүкэ уонна улуус салалталара итини эмиэ үчүгэйдик өйдөөн туран, СВО-ҕа кыттар буойуттарбытыгар уонна кинилэр дьиэ кэргэттэригэр күүһэ-кыаҕа тиийэринэн көмөнү оҥорор. Инники кирбиигэ сэриилэһэ сылдьар, иккис-үһүс эшелоҥҥа да турар дьоммутугар аналлаах байыаннай тэриллэр: дрону утарар саа, тепловизордаах прицеллар, квадрокоптердар, массыына уо.д.а. наадатын туһунан военкордар, блогердар уонна байыаннайдар бэйэлэрэ этэллэр.
Онон улууспут олохтоохторун СВО фондатыгар көхтөөхтүк көмөлөһөргүтүгэр көрдөһөбүт.
СВО фондатын реквизиттэрэ:
Наименование получателя
УФ Нюрбинского района РС (Я) (администрация Нюрбинского района л/с 04163D52070
Банк получателя ОТДЕЛЕНИЕ-НБ РЕСПУБЛИКА САХА (ЯКУТИЯ) БАНКА РОССИИ//УФК по Республике Саха (Якутия) г. Якутск
БИК банка получателя средств (БИК ТОФК) 019805001
номер счета банка получателя (ЕКС) 40102810345370000085
номер счета получателя (номер КС) 03100643000000011600
ИНН 1419004365
КПП 141901001
л/с 04163D52070
ОКТМО 98626000
код главы 281
КБК 281 207 05030 05 0000 150
Назначение платежа безвоз перечисл мобилизованным гражд участв СВО (указать от кого)
Улуус дьаһалтатын пресс-сулууспата.